Кэлиҥҥи кэмҥэ ийэбиниин сыһыаммыт хайдах эрэ тымныйан, улам тэйсэн барбыппыт. Ийэм барахсан «кэлбэккин-барбаккын, кэпсэппэккин-ипсэппэккин» диэн муҥатыйара элбээн, бэйэбин буруйдаах курдук сананарым улааппыта. Үлэ-хамнас, дьиэ-уот түбүгүттэн ордон, кырдьык, чугас дьоммор бириэмэм да тиийбэт буолбута.
Ол эрэн өйбүнэн-санаабынан ийэбин кытта өрүү бииргэбин, хайдах эмэ гынан үөрдүбүт киһи диэн санаа үүйэ-хаайа тутара…

«Бүгүн Аҕам саастаах дьон күннэрэ эбит» диэн сарсыардаттан үөрэн турбутум. Ийэбэр хайаан да сүрэҕэр чугас уонна иккиэммитин ситимниир бэлэҕи булаары, кинигэ маҕаһыыныгар анаан тиийбитим. Оҕо эрдэхпинэ ийэм аттыбар кинигэ ааҕа олорор мөссүөнэ өйбөр хатанан хаалбыт. Ол түгэни санаатахпына сылаанньыйабын, үөрэбин: остуоруйа алыптаах кэрэ дойдутугар кини истиҥ куолаһыгар бигэнэн айанныырым бу баарга дылы. Эбэтэр ийэм, күннээҕи түбүгүн умнан, сахалыы арамааннары ааҕан сөҕөн-астынан олороро олус да үчүгэй буолара. Ол да иһин атаҕым кинигэ маҕаһыыныгар сирдээтэҕэ.

Чопчу тиийэн араас элбэх кинигэлээх долбууртан «Сүрэх тэбэрин тухары» арамааны, сиэдэрэй бэйэлээх харысхалы, бииргэ чэйдиэхпит диэн, сахалыы суруктаах чэйи, минньигэс мүөтү уонна сакалааты хомуйа тутан атыыһыкка ууннум. Онуоха атыыһыт кыыс бэрт эйэҕэстик кэпсэтэн, холбукаҕа уган лиэнтэлээн, бэлэхпин киэргэтэн биэрэн үөртэ.

Үлэм кэннэ долгуйа-үөрэ ийэм дьиэтигэр айаннаатым. Кинилиин истиҥник чэйдии-чэйдии, күннээҕи түбүгү-кыһалҕаны буолбакка, чахчы биһиги олохпутугар туох суолталааҕын, баҕа санааларбыт туһунан ирэ-хоро кэпсэтиэхпит диэн эрэллээх тиийдим.
Киирээт, бэлэхтээх кэрэ холбукабын «Бырааһынньыгынан!» диэбитинэн утары ууннум. Ийэм барахсан сахалыы сиэринэн сэмэйдик махтанна, онтон холбуканы арыйаат, кыра оҕолуу сирэйэ сырдаан, мин диэки сымнаҕастык унаарыччы көрөн олордо: «Сыллыый, саамай сөбүлүүр арамааммын өйдүүр эбиккин дии! Кыра эрдэххинэ „учуутал буолаар“ диэн бу арамаан дьоруойдарын холобурдуур этим…» Ол курдук, чочумча саҥата суох кинигэ таһын, илиистэрин имэрийэ олордо.

Түгэн көстүбүччэ: «Ийээ, кэлин эйиэхэ олус аҕыйахта кэлэбин, кэпсэтэрбит да сэдэхсийдэ. Ону барытын уларытан, эн биһикки истиҥ сыһыаннаах буолуохпутун олус да баҕарабын! Аахпыт кинигэбитин ырытыһан, бииргэ тыйаатырга, музейга сылдьан, ис санаабытын үллэстэн…» – диэтим.

Ийэм ис-иһиттэн уйадыйан: «Эмиэ куруук инньэ диэхпин баҕарабын да, тылым тахсыбат», – диэтэ. Бу түгэҥҥэ икки ардыбытыгар үөскээбит көстүбэт эркин улам сүтэн, устунан симэлийдэ. Дьэ куустуһан, ахтылҕаммытын таһааран, уоскуйан-налыйан олорон, минньигэс мүөттээх чэйи кытта ийэм бэрэскитин тото-хана сии-сии, ирэ-хоро кэпсэттибит.
Ама мантан – төрөппүттэриҥ аттыгар баалларыттан, кинилэри үөрдэр түгэн элбэҕиттэн – ордук күндү туох баар буолуой күн сиригэр?!

Ол курдук, бу бэлэх биһиги олохпутугар саҥа кэрдиис кэрэһитэ буолбута. Мантан ыла «Айар» маҕаһыыннарыгар куруук сылдьар буоллум, ийэбиниин кинигэ ааҕар, ырытыһар үгэспитин сөргүтэн, сыһыаммыт өссө бөҕөргүө турдаҕа.

«Айар» маҕаһыыннарыгар үс күн, алтынньы 1–3 кк., аҕам саастаах атыылаһааччыларга бэлэх биэриэхтэрэ. Манна кинигэ, сувенир, оонньуу, харысхал, ону таһынан чэй, мүөт, сакалаат арааһын удамыр сыанаҕа булуоххут.🤗

Айар телеграм ханаалыгар сурутуҥ
https://t.me/ayarbook/1

Реклама. АО НИК «Айар» ИНН 1435328670.
erid: 2VtzqwZKzEu