«Дойдум, дьонум туһугар»
Ахтылҕан…
( В.В Репин кэриэһигэр)
Умнуллубат сырдык аат
«Дойдум, дьонум туһугар»
Төрөөбүт Биригэр бигэнэн
Эн кынат үүннэрэн дайбытыҥ,
Улааппыт Тааттаҕар таалалаан
Куорсуҥҥун анньынан көппүтүҥ.
Дойдугун көмүскүүр сэриигэ
Бар дьонуҥ эрэлин толоортуҥ,
Ол дьиҥнээх туоһута, бэлиэтэ –
«Хорсунун иһин» диэн уордьаныҥ!
Саас буолан хаас, куба кэлиитэ
Дойдугар төннүөхтээх этиҥ дии,
Эйиигин кэтэһэр күн ийэҥ,
Кэргэниҥ, ыччатыҥ бааллар дии…
Эн ааккын ааттата саас аайы
Саҥаттан тыллыаҕа айылҕа,
Олоҕуҥ сиппэтэх ырайын
Кэнчээри ыччатыҥ.
Александр Бири тыллара,
Афанасий Филиппов матыыба.
Василий Васильевич Репиҥҥа анаммыт кинигэ сүрэхтэниитигэр сылдьан үөрэппит учууталым – Ксения Анисимовна Хатылыкова этэн аһарбыт дириҥ ис хоһоонноох өбүгэ өс тылын санаан ылбытым: «Киһи олоҕо түннүгүнэн чыычаах көтөн, элэс гынан ааһарын курдук олус түргэн, ол эрэн бу олоххо үтүөнү, хорсун быһыыны оҥорбут киһи аата өрүү тыыннаах буолуо», — диэн. Олохпут кырдьык олус түргэнник устар. Бу кылгас кэрчиккэ үтүөнү оҥорон, сиэрдээхтик сылдьан, олох саамай күндүтүн билэн, ийэ, аҕа буолар дьол буоллаҕа. Онтон Василий Васильевич Репин аата чахчы олус элбэҕи кэпсиир, кэнчээри ыччакка холобур буолар, үйэ тухары умнуллубат сырдык аат.
«Дойдум, дьонум туһугар» — диэн чараас эрээри ураты тыыннаах, киһи сүрэҕин таарыйар, дириҥ суолталаах кинигэ Анал байыаннай дьайыыга сылдьан олоҕун толук уурбут Василий Репин сырдык аатын үйэтитэр сыалтан – истиҥ ахтыылардаах кинигэни олоҕун аргыһа Сардана Репина, СӨ тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна Варвара Васильева, ону тэҥэ кини чугас доҕоро Александр Павлов сүрэхтээн, Таатта улууһун киин библиотекатыгар олохтоохтору түмтүлэр.
Василий кэргэнэ – Сардана олус нарын бэйэтэ хайдах курдук тулуурдааҕыттан бары даҕаны сөхтүбүт. Кини тоҥ буору тобулан тахсар ньургуһун сибэкки кэриэтэ, бу буола турар уустук кэмҥэ, төһө да ыараханын иһин, биир дойдулаахтарыгар, кэнчээри ыччакка, анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар, чугас дьонноругар, сүбэ-ама биэрэн, күүс-көмө, өйөбүл буолан күн бүгүнүгэр диэри үлэлэһэр.
Икки күүстээх санаалаах, олоххо тардыһыылаах, амарах майгылаах, үтүө дьыаланы тэнитэр, икки сүрэх тардыһан, биир силистэнэн, олохторун суолун холбоон, оҕо-уруу тэнитэн, дьолу үксэтэн, кыраттан үөрэн, бу кылгас кэм иһигэр үгүһү ситиспиттэрин икки чаастаах кинигэ биһирэмигэр олорон, киһи холобур оҥостон, олоххо тардыһыыта, олоҕу сыаналыыра, киэн туттуута кэлэр. Кэнчээри ыччата аҕа, ийэ тапталыгар бигэнэн, дьоннорун үтүө холобурдарынан, аҕаларын олоҕун үйэтитэ, олоҕун салҕыахтара турдаҕа.
Василий Репин күн күбэй ийэтэ – Изабелла Николаевна Репина үс оҕо амарах ийэтэ, иһирэх эбэтэ буолар. Кини истиҥ, ураты тапталынан, бэйэтин холобурунан сэмэй, эрээри хорсун санаалаах, дойдуга бэриниилээх, чиэһинэй оҕолору улаатыннардаҕа. Бу түгэн Ийэ киһиэхэ олус ыарахан, кини кырачаан сүрэҕин аймыыр, туохха да тэҥнэспэт ыар баттык дьайыылаах, киһи киһиэхэ баҕарбат аһыыта буолар. Онон байыастар ийэлэригэр, кинилэр оспот баастарыгар бары сүгүрүйэр ытык иэстээхпит.
Уот сэриигэ, дойдутун, эдэр ыччатын көмүскүү барарга күүстээх быһаарыныыны мээнэ киһи ылыммат…Төрөөбүт дойдутугар бэриниилээх, эдэр ыччатын харыстыыр, ураты толкуйдаах киһи ылынар. Бу ыар кэм хас биирдиибит сүрэҕин аймаан, умнуллубат баас хаалларар. Ол эрэн биһиги күөх халлааҥҥа олорорбут туһугар, олохторун толук уурбут хас биирдии байыастарбытын, кинилэр ааттарын үйэтитэн, устуоруйаҕа киллэрэн, кэнчээри ыччакка тиэрдиэх тустаахпыт.
Василий Васильевич оскуолаҕа да үөрэнэ сылдьан олоххо тардыһыытын, кыһамньылааҕын, сымсатын, үлэһи-тин, эр киһилии биир тыллааҕын, спортка олус үчүгэй көрдөрүүлээҕин, айылҕалыын алтыһарын, сир аһын кыайарын, туруоруммут сыалын ситиһэрин бииргэ үөрэммит доҕотторо, учууталлара кини элэккэй, сэмэй майгытын, алтыспыт күннэрин, ахтан-санаан, долгутуулаах чаас ааста.
Кинигэ сүрэхтэниитэ кэриэстэбил мүнүүтэтиттэн саҕаланна. Чараас, ол эрэн олус элбэҕи кэпсиир кинигэ, бэйэтин тула дьону түмэн, норуоту сомоҕолуурун, дьоруойу чиэстиир, кэнчээри ыччакка тиэрдэр, бүтүн устуоруйаны тутар күүстээх тыыннааҕа билиннэ. Дьоруой аатын үйэтитиигэ Д.А.Петров аатынан иккис нүөмэрдээх орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ хоһоон ааҕан чиэстээхтик кытыннылар. Манна Василий Репин чугас дьоно, доҕотторо, сүгүрүйээччилэрэ муһуннулар: «Таатта улууһа» МО баһылыгын социальнай боппуруостарга солбуйааччы Святослав Сунхалыров, Таатта нэһилиэгин аҕа баһылыга Егор Павлов, улуус военкомун салайааччыта Анатолий Егоров, үөрэппит учуутала Луковцева Мира Николаевна, дьахтар сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Варвара Будикина, үлэ бэтэрээнэ Мария Бондарева, «Айылҕаана» аҕам саастаахтар түмсүүлэриттэн Анастасия Матвеева кэлэн биһиги кэммит дьоруойун үйэтитэр кинигэ тахсыбытынан Василий кэргэнигэр Сарданаҕа, ийэтигэр уонна кини чугас дьонугар махталларын биллэрдилэр.
Василий Репин – биһиги хорсун буойуммут эр санааланыы холобура буолар. Киниэхэ бэриллибит «Эр санаа уордьана» ийэ дойдуга бэриниилээх буолуутун туоһута буолар. Норуотун, дьонун туһугар уот буулдьа ардаҕын анныгар хорсун быһыылаахтык олоҕун толук уурбут дьиҥнээх саллаакка бэриллэрин туһунан Светлана Игнатьева олус долгутуулаахтык сырдатта.
Түмүккэ устуоруйаҕа тиһиллибит кинигэ тула кэпсэтиигэ бары биир санааҕа кэлэн, Василий Репин олорбут дьиэтигэр өйдөбүнньүк бэлиэ туруорууга уонна олохторун толук уурбут саллааттарбытыгар, ону тэҥэ сэрии кыттыылаахтарыгар хас биирдиилэрин үйэтитиигэ, туһунан фонда арыйан, кинигэ таһаарыаххайыҥ диэн этии киллэрдилэр.
Бу буола турар дьайыыга туора турбакка, бары биир сомоҕо буолан, биир санаанан салайтаран, бэйэ бэйэни харыстаһан, көмөлөһөн, ыарахан кэми туоруоххайыҥ диэн ыҥырабыт. Ыраас халлаан, эйэлээх олох баар буоллун!
Уруйана.