Убаастабыллаах Таатта улууһун үөрэнээччилэрэ, үөрэх үлэһиттэрэ, төрөппүттэр, үөрэх бэтэрээннэрэ!
Эһигини саҥа үөрэх сыла саҕаламмытынан итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин!
Үөрэх баар – тапталлаах Тааттабыт сайдарын туһугар эрэллээх тирэхпит, сүрүн көмүскэлбит. Кэнчээри ыччаппыт үөрэҕи өрө тутан, чулуу үлэһит буолан, улууспут сайдыытын түстүөхтэрэ. Эһиги хас биирдии предмеккэ дириҥ билиини ылаҥҥыт саҥа олох сайдыылаах дьоно буола улаатаргыт улахан суолталаах.
Күндү учууталлар, Тааттабыт улууһа чэчирии сайдарыгар үтүө үлэһит буолаҥҥыт дьоһун кылааккытын киллэрсэргитигэр махтал тылларын уонна дириҥ убаастабылбын тиэрдэбин.
Барыгытыгар ситиһиилэри, дьолу-соргуну баҕарабын! Төрөөбүт дойдубут чэчирии сайдарын, бар дьоммут олоҕо тупсарын туһугар бары бүттүүн сомоҕолоһон, биир санааны ылынан соргулаахтык айыаҕыҥ-тутуоҕуҥ!
Таатта улууһун баһылыга Михаил Соров.