Булчуттар сокуону, быраабыланы тутуһаргыт булгуччу ирдэнэр

Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр күһүҥҥү кус, туйахтаахха уонна эһэҕэ бултааһыҥҥа көҥүл чугаһаабытынан булчуттар манныгы тутуһаллара ирдэниллэр:

  • Саа хаһаайына бэйэтин бас билэр саатын (докумуоннаах саатын) олорор аадырыһыгар туох баар ирдэбиллэри тутуһан, туора дьон көрбөт сиригэр тимир сиэйпэ иһигэр туруохтаах. Ону тэҥэ саа уонна ботуруоннар тус-туспа туруохтаахтар;
  • Сааһыт бултуур сиригэр ханнык баҕар көрүҥнээх тыраанспарынан барарыгар уотунан эстэр саатын анал чехолга илдьэ сылдьыахтаах. Маныаха саа иитиитэ суох буолуохтаах, ботуруоннара сааттан туспа сылдьыахтаахтар. Өскөтүн, саа анал чехола суох, эбэтэр чехол иһигэр иитиилээх сылдьар түгэнигэр, саа хаһаайына административнай эппиэтинэскэ тардыллар (ст. 20.12 КоАП РФ)
  • Саа хаһаайына өскөтүнсаатын көҥүлэ болдьоҕо (РОХа – разрешение на хранение ношение оружия) бүппүт түгэнигэр, бултуу илдьэрэ, туттара, дьиэтигэр туруорара да көҥүллэммэт. Бэрэбиэркэ кэмигэр саа хаһаайына административнай эппиэтинэскэ тардыллар уонна саата былдьанар ( ст. 20.11, 20.8 КоАП РФ). Оннук түбэлтэ тахсыбатын туһугар, хаһаайын саатын көҥүлэ бүтүөн иннинэ хаһан баҕарар болдьоҕун уһатарыгар сайабылыанньа (докумуон) биэрэрэ булгуччулаах. Онуоха көҥүлэ бүтүө биир ый иннинэ Росгвардия салтаттын иһинэн Таатта лицензионнай-көҥүллүүр үлэ отделениятыгар кэлэн болдьоҕун уһатара булгуччулаах (холобура:- саа докумуона 10.2024с. бүтэр буоллаҕына, саа докумуонун 10.09.2024с. диэри туттарыахтааххыт, ол эбэтэр биир ыйын хойутаппакка, хаһан баҕарартуттарыахха сөп). Аадырыспыт: Ытык-Кюель сэл. Мординова аатынан уул. 23 “а” №-дээх дьиэтэ, 2 №-дээх кабинет;
  • Булчут бултуур кэмигэр сааны илдьэ,уура, харайа сылдьыы быраабылаларын, ирдэбиллэрин тутуһуохтаах. Ол курдук дурдаҕа (сэһээккэҕэ) киирэн баран биирдэ саатын чехолтан хостуохтаах, бултаан бүттэ да, ботуруоннарын саатыттан хостуохтаах, иитиилээх да, иитиитэ суох да саатын дьон диэки туһаайара көҥүллэммэт. Массыынаттан эбэтэр тыыттан (лодкаттан) саатын ыларыгар утары өттүттэн ылбакка, туораттан ылыахтаах, дурдаттан саатын ыларыгар төһө да сааттан ботуруонун ылбытын иһин, эмиэ утары ылыа суохтаах. Хомойуох иһин, бу үөһээ ыйыллыбыт быраабылалары тутуспакка, Өрөспүүбүлүкэбит үрдүнэн сыл аайы сааттан дьон дэҥнэниитэ, араас быһылааннар тахса тураллар;
  • Булчут сааланар кэмигэр ханнык да түгэҥҥэ бас билэр (гладкоствольнай, нарезной_ сааларын туора дьон билиитигэр, туора дьоҥҥо уларсара, биэрэрэр көҥүллэммэт. Ону тэҥэ онно-манна кистээн хаалларбакка, бэйэтин кытта илдьэ сылдьыахтаах. Бэрэбиэркэ кэмигэр итинник түбэлтэҕэ саалары полиция эбэтэр охотнадзор сотрудниктара ылыллар. Бу түгэҥҥэ саа хаһаайыныгар уонна илдьэ сылдьыбыт киһиэхэ административнай боротокуол туолар ( ст. 20.8 ч.4, 20.10 КоАП РФ) эбэтэр холуобунай эппиэтинэскэ тардыллыахтарын сөп (ст. 222 УК РФ);
  • Өскөтүн бэрэбиэркэ кэмигэр, булчут арыгы испит туруктаах саатын илдьэ сылдьан түбэһэр түгэнигэр административнай эппиэтинэскэ тардыллар. Бу түгэҥҥэ ыстарааптанар, саата утилизацияҕа да барыан сөп (ст.20.8 ч. 4.1 КоАП РФ)
  • Булт бириэмэтигэр эбэтэр булт сезона бүппүтүн кэнниттэн, хаһаайын саатын ампаарга, күүлэҕэ, ыскаапка уо.д.а. сиргэ уурара көҥүллэммэт, тута сиэйпэтигэр угара булгуччулаах. Өскөтүн уотунан эстэр саата бэрэбиэркэ кэмигэр сиэйпэ таһыгар турар түгэнигэр, административнай эппэитинэскэ тардыллар (ст. 20.8 ч.4 КоАП РФ). Хомойуоз иһин сааһыттар бултаан кэлэн баран, дьиэлэригэр сааларын онно-манна ууран кэбиһэр түгэннэрэ элбэх, сокуоннай саастарын ситэ илик оҕолор онон оонньоон, бэйэ-бэйэлэрин эчэтэр быһылааннара тахса турар. Маннык быһылаан буолар түгэнигэр саа хаһаайына холуобунай эппиэтинэскэ тардыллар (ст. 224 ч.1 УК РФ – небрежное хранение огнестрельного оружия, создавшее условия для его использования другим лицом, если это повлекло смерть человека или иные тяжкие последствия) уонна инникитин сааланар бырааба быһыллар;
  • Докумуона суох сааны , ол эбэтэр булан ылбыт, туора дьон биэрбит эбэтэр бэйэ икки ардыгар докумуона суох атыыламмыт, урукку докумуона суох эһэтиттэн, аҕатыттан хаалбыт сааларын дьиэлэригэр туруораллара да, бултуу бараллара да көҥүллэммэт, ону таһынан ботуруону бэйэ икки ардыгар батарар, ол эбэтэр бэлэх биэрии эмиэ көҥүллэммэт (незаконное хранение, передача, сбыт огнестрельного оружия и патронов к нему), оннук сааны тута Росгвардия салалтатын иһинэн Таатта оройуонун лицензионнай-көҥүллүүр үлэ отделениятыгар эбэтэр Тааттааҕы ИДЬМ отделыгар кэлэн туттараллара булгуччулаах. Докумуона суох сааны илдьэ сылдьан түбэһэр түгэннитигэр административнай боротокуол туолар (ст. 20.10 КоАП РФ), ону таһынан холуобунай эппиэтинэскэ тардыллыаххытын сөп (ст. 222 УК РФ). Маннык эппиэтинэскэ тардыллыбыт киһи, инникитин докумуоннаах сааны атыылаһарыгар сокуонунан мэһэйдэр үөскүөхтэрин сөп.
  • Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыытылыстыбатын 12.02.2004с. 63 №-дээх уурааҕар олоҕуран, докумуона суох сааны баҕа өттүнэн туттарар түгэҥҥэ харчы төлөнөр, ол курдук:
  • Доруоп саа 6000 (алта тыһыынча) солкуобайга тэҥҥэһэр;
  • Буулдьа саа 8000 (аҕыс тыһыынча) солкуобайга тэҥҥэһэр;

Таатта улууһун лицензиялыыр-көҥүллүүр үлэ отделениета.

Читайте дальше