Чөркөөх нэһилиэгэр икки тыһыынча ахсаанынан кыыс оҕо күн сирин көрдө

Оҕо – киһи дьоло, инники кэскилэ.

2021 сыл кулун тутар 31 күнүнээҕи 1782 нүөмэрдээх ыйааҕынан СӨ Ил Дархана Айсен Николаев 2021-2030 сыллары Доруобуйа 10 сылынан биллэрбитэ. Дойду уонна өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн демографическай балаһыанньаны тупсарыыга улахан болҕомто ууруллан, 2023 сылга Саха сиригэр мөлүйүөн ахсааннаах оҕо төрөөтө.

Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн, Саха сиригэр Оҕо саас сылыгар Таатта улууһун «Октябрьскай нэһилиэк» тыа сирин түөлбэтигэр 2000 ахсаанынан кыыс оҕо төрөөтө. Буөрөспүүбүлүкэ үрдүнэн улахан суолталаах ситиһии.

Кулун тутар 2 күнүгэр Алена, Алексей Борисовтар дьиэ кэргэҥҥэ иккис оҕонон саҥа киһи күн сирин көрдө. Эдэр,кэскиллээх ыал кыыстарын Надежда диэн ааттаатылар.

Кырачаан кыыс ийэтэ Алена Романовна олохтоох дьаһалта испэсэлииһинэн, ыал аҕата Алексей Дмитриевич «Дьолуо» ТХПК салайааччытынан үлэлииллэр.

2024 сыл  кулун тутар 12 күнүгэр кырачаан киһи регистрацияланар үөрүүлээх тэрэһинин Тааттатааҕы ГТАС салаатын салайааччыта Нария Васильевна Пестрякова иилээнсаҕалаан ыытта. Дьоро күн эдэр ыал оҕолоротөрөөбүтүн туһунан туоһу суругу тутар чиэстэннилэр.

Үөрүүлээх быһыыга-майгыга «Таатта улууһа» МО дьаһалататын, Дьиэ кэргэн уонна ыччат политикатынулуустааҕы дьахтар Сэбиэтин аатыттан Варвара Ильинична Будикина эҕэрдэ истиҥин, баҕа санаа бастыҥын анаан, анал бэлэхтэри туттарда.

Умнуллубат түгэҥҥэ Тааттатааҕы социальнай харысхал салайааччыта Михаил Петрович Тарасов истиҥ эҕэрдэтин биллэрэн туран, «Үйэ оҕото» 110,775  тыһ. солк.сэртипикээти туттарда.

Өрөспүүбүлүкэтээҕи уйулҕа киинин Тааттатааҕы филиалын салайааччыта Мариника Николаевна Варламова эҕэрдэ суругу уонна «БаайАс» ТХПК иҥэмтэлээх аһын бэлэх уунна. Олохтоох дьаһалта баһылыгын солбуйааччы Александра Васильевна Вырдилина Октябрьскай нэһилиэк дьахталларын Сэбиэтин аатыттан эҕэрдэ суруктары уонна сэмэй бэлэхтэри туттарда.

Таатта улууһугар биллэриллибит Таптал. Эрэл. Итэҕэлсылыгар төрөөбүт кырачааҥҥа бастыҥ доруобуйаны, толору дьоллоох олоҕу баҕарыаҕыҥ!  

Нария Пестрякова, Тааттатааҕы ГТАС салаатын салайааччыта.

Читайте дальше