Дедюкин Дмитрий Ефремович

АЛТЫННЬЫ 28 КҮНЭ

ДЕДЮКИН ДМИТРИЙ ЕФРЕМОВИЧ

95 сааһа

(28.10.1928)

Мин, Дмитрий Ефремович Дедюкин, ытык Тааттаҕа уустар түөлбэлээн, уутуйан үөскээбит Баайаҕа сиригэр 1928 сыллаахха алтынньы 28 күнүгэр күн сирин көрбүтүм. Төрөппүттэрим дьадаҥы дьон этилэр, ыарахан, кырыымчык кэмҥэ олоххо тардыһыы күүһүнэн олорбуттара. Оччотооҕу дьон үөрэх-хаар суох буолаатаатахтара. Ийэм Варвара Семеновна Неустроева, аҕам Ефрем Герасимович Дедюкин туруу үлэһит, үтүө дьон этилэрэ. Төһө да ыарахан кэмин иһин, үөрэх тохтооботоҕо. Онон сэттэ сасстаахпар, Баайаҕа оскуолатыгар үөрэнэ киирбитим. Убайдарым сэриигэ ыҥырылланнар, сут-кураан сатыылаан, 1943 сыллаахха үөрэхпин тохтоппутум. Сэттэ кылаас үөрэхтээх буолан “Кутаама” холкуоска биригэдьииринэн үлэлии киирбитим.

Аналбын төрөөбүт сирим бэйэтэ анаабыта. Кутаама үрэхтэн тардыылаах кыыһы Баймаайы үрэх баһыгар сүргүннэрэн таһаарбытым. Кэргэмминээн Христина Иннокентьевна Мандаровалыын 62 сыл олус дьоллоохтук, эйэлээхтик олорбуппут. Ийэбит тыыл, үлэ бэтэрээнэ этэ. Холкуоска сүөһү үлэтигэр үлэлээбитэ. Олоҕум аргыһа Христина Иннокентьевна мин чулуу булчут улахан үтүөлээх киһи. Түөрт оҕоломмуппут, Людмила-медик, Саргылаана-педагог, уолатттар Дмитрий, Василий суоппар идэлээхтэр. Элбэх сиэннээхпит, хос сиэннэрдээхпит.

Спордунан хойутаан дьарыктаммытым. Сүүрүүгэ 28 сааспыттан сыстыбытым, ол аата 1956 сылтан дьарыктанабын. Ол дьыл сайынын Спартакиадаҕа куоракка киирэммин 10000 км. биэтэккэ иккис кэлэн, үс бастыҥнар истэригэр аатым ааттаммыта. Кыайыы элбэх дьулууру, тулууру эрэйэр. Бу сүүрүүгэ түөрт уонча киһи сүүрбүтэ. Онтон 5000 км. төрдүс буолбутум. Оччолорго стадион сана тутуллан эрэрэ. Күрэхтэһиибит пааркаҕа ыытыллыбыта. Оройуоммар 5000 уонна 10000 км. сүүрүүгэ охсубут рекордум сүүрбэттэн тахса сыл турбута. “Дьулуур” сүүрбэ сылыгар 75-тэн үөһээлэр 80 сааспар иккис буолбутум. Билиҥҥэ диэри спорт мин олоҕум аргыһа буолар.

Уһун үйэлэнии – дьылҕа хаан бэлэҕэ. Онно эбии киһи чөл өйдөөх-санаалаах буолуохтаах. Манна сөптөөх аһылык сүрүн оруолу ылар. Үрүҥ аһы күннэтэ сиэтэххэ, айылҕа анаан айбыт сирин аһын, булдун аһылык оҥоһуннахха уонна элбэҕи аар айылҕалыын алтыстахха, кини салгынынан тыыннахха, өр олорор.

Тыыл, үлэ, спорт бэтэрээнэ,

                                                                 Таатта улууһун, Баайаҕа нэһилиэгин бочуоттаах

                                                                   олохтооҕо Д.Е. Дедюкины кытта кэпсэтииттэн   

Туһаныллыбыт кинигэ — Таатта — 2023 ытык бэлиэ күннэр, стр 86-87.

 Таатта — 2023 :  библиографическай справочник / «Таатта улууһа» муниципальнай оройуон, Таатта улууһун библиотекаларын кииннэммит ситимэ, Ытык Күөл киин библиотеката, Таатта улууһун кыраайы үөрэтээччилэр көнүл түмсүүтэ.

Читайте дальше