Дьэ, диэх да курдук. Ордук күн бүгүҥҥү олохпут хаамыытын иһинэн да көрдөххө, чахчыта да оннук. Намылы диэн ааттаах суруйааччы кинигэтигэр түбэспэтэх, тиксибэтэх эбиппин. Онон, бу кэпсээри гыммыт кинигэм ааптарын туһунан тугу да этэр кыаҕым суох. Баалаамаҥ.

Дьэ, саха литэрэтиирэтигэр дьоһун тиэмэ таарыйыллыбыт эбит. Манна харахтаахтар, сирэйдээхтэр күн талбытын барытын таптаабыппытынан дьаһайа-дьаһана олорор курдукпут, оттон бу дьылҕа хаарчахтаабыт дьонугар баар эбит сиэр уонна майгы бастыҥа!

«Айар» айар да айар!

Уопсайынан кинигэни «Айартан» атыылаһарбар «эчи баҕас кыратын» диэбиттии, сиэппэр уктан тахсыбыт оҕонньор бүтүн нэдиэлэни быһа илдьирийиэр диэри миккийдим! Тоҕо диэ?

Оттон олох араас көстүүтэ барыта манна баар! Туох да албына, сиэдэрэй ойуута, сымыйа суудайыыта суох баарынан этиллэр. Сахалар биһиги аҕыйахпыт эбээт, улуус-улуус аайы аймах-билэ, билсэр атас-доҕор. Онон бэйэ-бэйэбитин, кыһыҥҥы-сайыҥҥы мииммитин бэркэ билсэбит. Итинэн билигин санаабын этиэм.

«Айар» кинигэ кыһата сырыы ахсын соһутар. Дьэ, үчүгэй таһаарыылаах дьон! Ити мыыммыт кинигэм тып курдук саамай сөптөөх буолан таҕыста. Илиибиттэн ыһыктыбакка, таһаҕас оҥостубакка, ыл да арыйаат ааҕан барарга олус табыгастаах эбит!

Дьылҕа мөккүһүннэрбэт

Ким мөккүһүөй, биһиги өһүргэспит. Уокка ыстаммыт туос курдук майгылаахпыт сонун буолбатах. Ким утарсыай, биһиги өһөспүт, тыраахтарынан да состорон иннибитин ылыаххыт суоҕа. Ол эрээри, саатар ситэр сааспытыгар тиийбиттэр баҕас, суобастаахпыт!

Дьэ, бу кинигэҕэ ол ырылыччы ойууламмыт. Эдэр саас охсуута-тэбиитэ, быһаарыыта суох халтай хаамыыта, сорунуута суох көлдьүн эйгэҕэ чугаһааһына, эмиэ да тапталга баҕата, ол быыһыгар хоргуһа… итэҕэйиҥ-итэҕэйимэҥ, биһиги олохпут чахчыта. Ускул-тэскил барар суол төрдүгэр туруу, ыгыллаҥнас ыгым майгы, саайса охсорго ыар сутурук содула… туохха-туохха тиэрпэтэҕэй?

«Дьол хараҕа суох» сэһэҥҥэ көрбөт уол муҥнаах уһуну-киэҥи анаарыыта, атаҕастабылы уйара, ону суолталаан эмсэҕэлээбититтэн бэйэтин аһыммакка, ытаммакка иннин диэки дьүккүйүүтэ ойууланара барыта — киһи быһыытынан туруулаһыы күүһэ. Киниэхэ туора турар харгыстартан хаайтарбакка, хаһыыта-ыһыыта суох туруоруммут соругар дьүккүйүүтэ урут ким да ситиспэтэх ситиһиитигэр тиийбитэ миигин өйбүн ытыйда. Ыраатта, манныгы аахпатах!

Ким эбитэй?

Сэһэн дьиҥ олоххо баарга олоҕурбут. Ол аата бу киһи, кинигэ сүрүн дьоруойа күн бүгүн тыыннаах, биһиги аттыбытыгар сылдьар. Мин тутан ылан кэпсэтиэхпин баҕардым.

— Эн саха норуотун туһугар олоххун анаабыт киһи эбиккин. Хайдахтаах курдук хорсун быһыыный? Көрбөт эрээригин науканан дьарыгырбытыҥ тугун баҕас улуутай? Туох киһигиний, ким итинник суолу ыйбытай? — диэн булгу ыйытыам этэ.

Бу көрбөт киһи ис тыына, олоххо баҕата хайа да икки харахтаах киһитээҕэр ордук дэлэгэй, кэрэхсиир, билэ-көрө сатыыр киһи күннээҕи да дьарыктара кустук өҥүн арааһынан дьэрэкээн да бэйэлээхтэрэ бу айымньыттан өйдөнөр. Оттон күннэтэ күнү көрөрбүтүттэн хал буолбут харахтаахтар ол өҥү-дьүһүнү мэлдьи сыаналаабаппыт хомолтолоох.

Кинигэ иитэр тыына баар

Уопсастыба, ити-бу үлэһит, салайааччы да буоллун, оо, доҕоор, кыратык да бу Панкратка тэҥнээн бэйэлэрин туһаны аҕалар мииссийэлэрин өҥөйөн көрбөттөр ээ? Кырбанан, өлөр-тиллэр икки ардыгар да сытан үөрэҕин, дьулуурун эрэ саныыр киһи биһигиннээҕэр хас эмэ төгүл интеллектээҕэ көстөр. Ким кинини бу суорума суоллуу сыспытын туоһуласпатах эдэркээн көрбөт оҕо тоҕо аан дойдуга уонна көрөр харахтаах дьоҥҥо өстүйбэтэй? Тоҕо диэтэххэ, кини олоххо атын суоллаах, тус соруктаах. Оо, хаарыаны, киһи бары итинник дьулуһуулаах буоллун? Төһө эрэ өй-санаа өттүнэн байыах этибитий?

Итини ааҕан олорон мин харааһынным, уйадыйдым. Хайҕаатым ааптары, аһынным… көрбөт уолу буолбакка, бэйэбитин, харахтаахтары!

Таптал туһунан кыратык

Хайаан суох буолуой? Икки эдэркээн уолаттар олохторун арааһын ааҕан билиэххит. Манна наһаа дьоллоох да, сордоох да таптал суох. Ону көрдүү да сатаамаҥ! Манна олох кырдьыга баар. Ол ордук ыарыылаах! Тоҕо диэтэххэ, дьиҥнээх! Уоллаах кыыс тоҕо ыал буолалларый? Хайалара ордук убанарый дуу, умайа таптыыр дуу?

Мөккүһүөҕүҥ: соччо-бачча уота-күөһэ суох сыһыаннаах дьон холбоспуттара эрэ баар буолара элбэх. Сотору буолаат, ардыгар уу чуумпутук икки аҥыы бараллар. Тоҕо? Ити баар — оскуола оҕотун кытта кыратыттан сыһыаҥҥа, киһи киһини кытта сатаан билсэригэр, хаһан баҕарар анаара-суоттуу үөрэнэригэр иитэргэ бэртээхэй тиэмэ.

Суруйааччыга анаан

Намылы уу нуураллык, холкутук уонна бииртэн биири таһааран, ааҕааччыны умсугутар курдук суруйбут. Мантан ыла кини суруйууларын кэтииһибин.  Итиэннэ бу хаһыаттаах дьон, бука баһаалыста, бу ааптары, Намылыны, кыаллыах буоллаҕына кинигэҕэ суруллубут Панкратийы кытта кэпсэтэн суруйаргыт буоллар.

Анньыыһын НЕУСТРОЕВ

Читайте дальше