Атырдьах ыйын 28 күнүгэр Таатта улууһун Ытык Күөл сэлиэньэтигэр «Дьол тааһа» сквер үөрүүлээхтик аһылынна. Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн, Саха өрөспүүбүлүкэтигэр Оҕо саас, биһиги улууспутугар Таптал, Эрэл, Итэҕэл сылларынан, итиэннэ эһиил Манчаары оонньууларын көрсө «Таатта Дальнобой» түмсүү суоппардара үйэлээх тутууну бэлэх ууннулар.

Бу улахан бырайыагы ааҕан-суоттаан, идиэйэтин ымпыгын-чымпыгын барытын Людмила Семеновна, Никифор Леонтьевич Кутугутовтар дьиэ кэргэн толкуйдаан олоххо киллэрдилэр.

Өссө 2018 с. кинилэр Бэйдайхэ, 2019 с. Өймөкөөн хайаларыгар сынньана сылдьан, сөҕө-махтайа көрбүт кэрэ-бэлиэ сирдэрин, бу маннык биһиэхэ да оҥоруохха баар эбит диэн санааттан саҕаламмыта. Бэйэлэрин сахалыы мындыр толкуйдарынан икки сыл ырытан уруһуйдаан, ааҕан-суоттаан сурукка тиспиттэрэ. 2020 сыл күһүн нэһилиэк, улуус баһылыктарыгар киллэрэн көрдөрөн, бары көмөлөөн олоххо киллэриэххэ диэн кэпсэтии барбыта. 2021 с. сэтинньи ыйга ППМИ куоластааһыҥҥа улууспут олохтоохторо куоластаан, үс иһигэр киирэн, сквер тутуутугар тимир матырыйаалын ыларга диэн үбүлээһиҥҥэ киирбитэ. 2022 с. бэс ыйыгар тимир матырыйаал барыта ППМИ программатынан тиэниллэн кэлбитэ. Онтон дьэ үлэ саҕаламмыта.

Бу сквер ананар оҕолор-бутугар, ыччаттарбытыгар, бар дьоммутугар. Уу ыраастыыр, уоскутар аналлаах, олорон санааҕын сааһыланан, сынньанан ааһаҕын. Күрүлгэн кэннигэр фотозоналаах, алтан тимиртэн оҥоһуллубут аптаах таастаах. Дьэ бу тааһы имэрийэн, баҕа санаа туоларыгар көрдөһөбүт. Тула өттүгэр араас сиртэн аҕалыллыбыт таастар бааллар. Таас эмиэ суолталаах, дьон туохтан тутуһан хааларый? Дьол көстүбэт, таас көстөр, таастан тутуһан дьоллонобут, баҕа санаабыт туоларыгар үлэлэһэбит. Фотозона сыл аайы уларыйыан сөп, улууска ханнык сыл ананарынан, ханнык тэрээһин ыытылларынан даҕаны уларыйыан сөп.

Махтанабыт оччолорго, ити кэмҥэ баһылыгын үлэлии олорбут М.М. Соровка ити сыантырга биэрбит территориятыгар. Үбүнэн көмөлөһөннөр ити баараҕай тутуу буолбутугар. Махтанабыт ыраах айан суоппардарыгар, бэйэлэрин баҕаларынан 298.000 үбүнэн кыттыспыттарыгар. Куруук түмсүү үлэтин өйдүүр, өйөбүл, тирэх буолар спонсордаабыт уолаттарбытыгар Акимов А.А., Игнатьев С.С., Акимов Н.И., Григорьев С.Т., Кондаков О.В., Мочкин Н.Н. Ветеран-суоппардарбытыгар Игнатьев С.П., Протопопов И.С., Лопатин Ю.И. махтанабыт. Бу курдук бары бииргэ түмсэн улууспут киинигэр иккис сквербитин бэлэхтиир дьоро киэһэбит «Сарыал» КК тэрийиитинэн үрдүк таһымнаахтык ааспытыгар махталбытын тиэрдэбит.
Маны таһынан саамай улахан үлэтин үлэлээбит Людмила, Никифор Кутугутовтар уолаттара Леонтий, Семен, Никифор уонна кийииттэрэ буолаллар. Дьиэ кэргэнинэн үс сайын дьиэни-уоту, үлэни хаалларан туран туруулаһан үлэлээбит үлэлэрэ түмүктээх буолбутуттан бары да үөрдүбүт, астынныбыт. Бу киэһэ Никифор Леонтьевич сыралаах үлэтэ сыаналанан улуус, нэһилиэк баһылыктара улуус, нэһилиэк бочуоттаах олохтооҕо буолбутун туоһулуур докумуону туттарбыттарын дьон үөрүүнэн ылынна. Сквер үлэтигэр кыттыспыт үгүс дьон наҕараадаҕа тигистилэр. Нэһилиэкпит дьоно-сэргэтэ бу бэлэхпитин харыстыаҕа, көрө-харайа, саҥарда сылдьыахтара диэн эрэнэбит.


Ыраах айан суоппардарын түмсүүтэ Таатта сириттэн саҕаланан быйыл 8-с сылын таһаарыылаахтык үлэлиир. Олордубут сүүһүнэн мастарбыт киин уулуссабытын чээлэй күөҕүнэн киэргэтэн тураллар, бастакы сквербит дьон таптаан сылдьар сирэ буолбута, элбэх акцияларга араас хайысхалаах көмөлөрү оҥоробут. Биһиги түмсүүбүт үлэтэ республикаҕа тарҕанан улуустарга ыраах айан суоппардарын түмсүүлэрэ, биһиги курдук сквердэр тутуллан эрэллэриттэн үөрэбит.
Бу буолар түмсүү күүһэ, төрөөбүт дойдуну таптааһын, бэриниилээх буолуу холобура.

Светлана Игнатьева.

Читайте дальше