Дьоммор, Таатталарбар

Аһаҕас сурук

Баҕар, ким эрэ сурукпун ааҕа олорон: «Былыр үйэҕэ мантан баран хаалан баран, тоҕо улуус олоҕор орооһоруй?» — диэн өһүргэниэн сөп.
Мин 50-ча сыл үлэлээбит буоллахпына лоп курдук 20 сыл (1974-1994) эһигини кытары сүрдээх тахсыылаахтык, биир өйүнэн-санаанан үлэлээбит сылларбын олус күндүтүк саныыбын уонна сырабын-сылбабын биэрбит Тааттабын иккис төрөөбүт дойдум курдук өрүүтүн үрдүктүк тутабын.
Тоҕо?
Сытыы киирсиилээх политическай эйгэҕэ киирэрбэр суолу арыйыыгытыгар тирэҕирэн:
1. Оройуоммут төрүт аатын 28 сыл устата күүс өттүлэринэн симэлитэ сылдьыбыттарын Россияҕа тиийэ туруорсан, төннөрүү үөрүүтүн билбиппит.
2. Таатта ытык сирин бандьыыттааһыҥҥа буруйдааһын дириҥ силиһин-мутугун ыраастааһыҥҥа өрөспүүбүлүкэ үрдүкү салалтатын сэргэ Үрдүкү Сэбиэт дьокутааттарын кытары уһун кэмнээх өйдөтүү түмүгэр ыарахан политическай буруйдааһынтан Үрдүкү Сэбиэт аналлаах уураах ылынан көтүрбүтэ.
3. Верховнай Суут, Прокуратура, КГБ салалталарын кытары ыкса үлэлэһии түмүгэр сэбиэскэй былаас бастакы сылларыгар буржуазнай национализмҥа олоҕо суох буруйдаммыт 22 биир дойдулаахтарбыт чиэһинэй ааттарын суут нөҥүө көмүскэһэн тилиннэрии ситиһиллибитэ.
Улахан суолталаах хаһаайыстыбаннай боппуруостар быһаарыллыбыттара
1. Советскай кэмҥэ улахан тутуулары үбүлээһин Москваттан оҥоһуллар буолан көҥүл ыллахха эрэ сатанар кытаанах систиэмэтэ «чаһы курдук» эҥкилэ суох тутуһуллара. Онон өрөспүүбүлүкэ Миниистирдэрин Сэбиэтин бэрэссэдээтэлин С.Н.Маркины, ССКП обкомун тутууга салаатын сэбиэдиссэйэ Ю.Д. Трофимовы тылбытыгар киллэрэн, кинилэр өйөөннөр Москва салалтатыттан көҥүл ыланнар илин эҥэргэ суох бастакы 42 миэстэлээх таас балыыһа тутуллубута.
2. Сергей Николаевич Маркин быһаччы көмөтүнэн 684 миэстэлээх таас оскуола тутуута саҕаланан баран, ааспыт 90-с сылларга үп-ас суох буолан, тохтообут тутууну өрөспүүбүлүкэ Президиэнигэр М.Е.Николаевка туруорсан, Ытык Күөл биир улахан тутуунан киэргэйбитэ.
3. Таатталар тутууга күүскэ үлэлэһэр баҕаларын өйөөн, Маҕан аэропордугар саппаас аэропорт буолуоҕа диэн Мойуонаҕа улахан аэровокзальнай комплекс уонна Ытык Күөлтэн оройуон кыраныыссатыгар диэри суолу тутар олохтоох учаастагы тэрийии оройуон сайдыытыгар төһүү күүс буолбуттара.
4. Дойду социализмтан капитализмҥа төннүүтэ приватизацияттан саҕаламмыта. Баар суох промышленнай тэрилтэбитин, Харбалаахтааҕы чох разреһын, оройуонтан арааран ылан, Хаандыга шаахтатын салаата оҥорор сыаллаах бырабыыталыстыба уурааҕын үрдүкү арбитражнай Суукка үҥсэн, хас даҕаны төгүл сууттаһан, бүтэр уһугар Конституционнай Суут уурааҕын таһаартаран, чох разреһын оройуон бас билиитигэр бэрдэрии ситиһиллибитэ.
Чох разреһа ол кэмтэн нолуок гараантынан оройуон бюджетыгар күн бүгүнүгэр диэри көмөлөһө олорор.
Үөһээ ыйыллыбыт чахчылары аҕалан туран, нэһилиэнньэ уонна оччотооҕу партийнай-хаһаайыстыбаннай ахтыып, оройуон дьокутааттара биир өйгө-санааҕа киирэн, уһун сылларга быһаарыллыбатах проблемалары быһаарыыга күүс-көмө буолбуттарыгар күн бүгүҥҥэ диэри махтанабын.
Күн бүгүн аныгы көрдөбүллэргэ толору эппиэттиир улахан поликлиника үлэҕэ
киирбититтэн үөрүүбүн, астыныыбын тиэрдэн туран, биир боппуруоска санаабын тиэрдиэхпин баҕарабын.
Нэһилиэнньэ ортотугар саҥа поликлиникаҕа аат иҥэрии туһунан куйаар ситимигэр кэккэ этиилэр киирбиттэр. Олор истэригэр балыыһаҕа кылаабынай бырааһынан үлэлээбит П.Д.Дьячковскай уонна саха омук ытык киһитэ Ф.П.Чашкин ааттара үгүстүк ахтыллар эбит.
Мин санаабар, Прокопий Дмитриевич Дьячковскай үлэтэ улууһунан, өрөспүүбүлүкэнэн уонна Россия улахан наҕараадаларынан сөпкө бэлиэтэннэ.
Фома Петрович Чашкин – Куома Чааскын айылҕаттан айдарыылаах норуот эмчитэ Сир ийэ бэлэхтээбит отунанмаһынан уонна күүстээх абылаҥ (экстрасенс) талаанын туһанан үгүс дьону өлүү-сүтүү дэгиэ тыҥыраҕыттан мүччү туттаран эмтээн, күн сиригэр этэҥҥэ дьон тэҥэ олорор дьолу бэлэхтээбит сүҥкэн үтүөлээх кырдьаҕас буолар.
Туох кистэлэ кэлиэй, сэбиэскэй былаас сылларыгар Куома Чааскыны эмтиирин бобон, төһөлөөх эккирэтиһиини, бобууну-хаайыыны тулуйан кистии саба бар дьонун эмтиирин тохтоппотоҕо. Билигин сорохтор официальнай медицинаны уонна норуот эмчиттэрин утарыта туруора сатыыллара өйдөммөт. Былыр былыргыттан медицина икки салаата дьону ыарыыттан, өлүүттэн сүтүүттэн быыһааһыҥҥа анаммыт улуу күүс буолаллар.
Онон Фома Петрович Чашкин курдук улуу эмчит бэйэтин кэмигэр былаас
өттүттэн сөптөөх сыанабылы, чиэстээһини ылбатаҕын үрдүнэн махталлаах норуота умнубат, кини сүдү талааныгар сүгүрүйэн кэлбитин Таатта дьоно өрөспүүбүлүкэҕэ аан бастакынан улуу киһибит аатын саҥа эмп тэрилтэтигэр иҥэрэн, уустук кэмҥэ олорон ааспыт Фома Петрович Чашкин – Куома Чааскыны үйэлэргэ үйэтитиэҕиҥ диэн этиилээхпин.
Норуот күн бүгүҥҥэ диэри ытыктыыр, сүгүрүйэр киһитин үйэтитиини улууспут Аҕа Баһылыга , норуот талбыт дьокутааттара, балыыһа даҕаны салалтата утарыахтара дии санаабаппын.
Сүдү киһибит аатын иҥэрии кэлэр көлүөнэ ыччаттарбытыгар үтүө эрэ сабыдыаллаах буолуоҕа.

Георгий Михайлович Артемьев, Улуус Бочуоттаах Гражданина.