«Таатта» хаһыат бүгүҥҥү нүөмэригэр сүгүрүйэр ааҕааччыларыгар Таатта нэһилиэгин кэрэчээн олохтооҕун, олус нарын эрээри күүстээх санаалаах, холобур буолар эдэр хаһаайка, ийэ, бастыҥ оҕуруоччут — Юлия Голикова олоҕун кэпсээниттэн сэргээн ааҕыаххыт диэн таһаардым.
Тумус туттар күндү дьонум – төрөппүттэрим…
— Мин Таатта нэһилиэгиттэн төрүттээхпин, күн сирин кэрэтин, үтүөтүн көрдөрбүт күндү дьонум Ульяна Дмитриевна, Федот Петрович Павловтар буолаллар. Ийэм олоҕун тухары улахан тэрилтэҕэ табаар атыытын специалиһынан үлэлээбитэ, аҕам үрдүк үөрэхтээх инженер үөрэҕин баһылаан, олоҕун тухары «Сахателеком» тэрилтэтигэр бэриниилээхтик үлэлээбитэ. Хомойуох иһин, ийэлээх аҕам утуу-субуу биһиги кэккэбититтэн соһуччу туораабыттара. Биллэн турар, биһиги дьиэ кэргэн улахан охсууну ылбыта. Билигин дьонум сырдык ааттарын үйэ тухары харыстыы сылдьарга дьулуһабыт. Бииргэ төрөөбүт соҕотох бырааттаахпын, дьиктитэ диэн олох иккиэн биир ыйга, биир күҥҥэ кэриэтэ төрөөбүт күннээхпит. Ол курдук иккиэн от-мас тиллэр кэмигэр, ыам ыйыгар күн сирин көрбүппүт. Мин ыам ыйын 25 күнэ, онтон быраатым алта сыл кэннэ, ыам ыйын 26 күнүгэр төрөөбүтэ. Төһө да ыал кыра оҕото буоллар уол оҕо буолан миигин харыстыы, арыаллыы сылдьар саамай чугас доҕорум буолар. Билигин этэҥҥэ үрдүк үөрэҕин бүтэрэн Дьокуускай куоракка идэтинэн үрдэтинэ сылдьар.
— Бу курдук дьоммут сырдык ааттарын ааттата, кинилэргэ махтанан, олоҕу таптаан, сыаналаан, хас биирдии күнү ситиһиилээхтик атааран, күн ахсын саҥаны арыйан, олохпутун кэрэ кыраасканан оонньотон, толору дьоллоох буоларга дьулуһабыт.
Дьонум үөрүйэхтэрэ олохпутугар төһүү күүс буолар
— Биһиги дьоммут олус элэккэй, сэмэй, дьон этилэр. Куруук кэрэни кэрэхсии, олох сырдыгын үтүөтүн биһиэхэ аныыллара. Кыраттан үөрэн-көтөн, үлэни сырсан, дьоллоох оҕо саас кэмин бэлэхтээбиттэрин, күн бүгүн ахта саныыбын. Куруутун бүөбэйдээн, биһигини таптал истиҥ сыһыаныгар улаатыннарбыт буоланнар билигин бэйэбит олохпутун оҥосторбутугар төһүү күүс буолар. Бу хатыламмат күннэрбитин сүрэхпитигэр нарыннык тутан, сылаастык, истиҥник ахтабыт. Билигин бырааппын кытары иккиэн бэйэ бэйэбитин өйөһөн, өйдөһөн, харыстаһан дьоммут холобурдарынан, кинилэр олохторун салҕыы, дойдубутун сайыннарар сыалллаах, үлэлээн-хамсаан, сырдыкка талаһабыт. Иллэҥ кэммитигэр дьоммутун кытары түмсэн, өрөбүл күннэри тэҥҥэ атаарарбыт. Кыыс, уол үлэтэ диэбэккэ дьиэ ис-тас үлэтин үөрэ-көтө, арыт мэниктээн, оонньоон үлэбитин бүтэрэр этибит. Билигин дьонум такайбыт үтүө үгэстэринэн бэйэм дьиэ кэргэммэр тутуһабын. Соҕотох кыысчааммар ийэлии эйэҕэс сыһыаммынан олох кэрэтин аныыбын, онтон дьиэм эйгэтин сырдыгынан, тапталынан толорон, хас биирдии хатыламмат күммүн үөрэ көрсөбүн. Дьоммут кыра эрдэхпититтэн ыарахантан чаҕыйбакка, толлубакка, хайа да түгэҥҥэ инникигэ эрэллээхтик хардыалыырга бэйэлэрин холобурдарынан көрдөрөллөрө. Ийэлээх, аҕам «Үлэһит киһи быстан-охтон биэрбэт» дииллэрэ оруннаах да этии эбит диэн билигин дьэ өйдүүбүн. Оҕо сылдьан төрөппүттэрбитин батыһа сылдьан от-мас хомуйан, үүнээйи олордон, айылҕабыт баай, эмтээх отунан чэй, эмп оҥосторбутун ахтабын, онтон билигин номнуо бэйэм ыал буолан, дьоммун кытары тахсабын. Ону тэҥэ дьонум хаалларбыт үөрүйэхтэрин эдэр ийэлэргэ көмө буолар сыалтан куйаар ситимигэр, бэйэм блокпар көрдөрөбүн, кэпсиибин.
Сырдыгы түстүү…
— Сайыны хас биирдии хаһаайка көһүтэ күүтэр буолуохтаах. Ол курдук мин эмиэ дьонум холобурдарынан сайыҥҥы кэмҥэ ийэ киһи быһыытынан кыысчааммар анаан, кэрэни кэрэхсии тэлгэһэбин сибэкки арааһын олордон киэргэтэрбин, оҕуруот аһын үүннэрэрбин туохтааҕар да ордоробун. Олорор олохпун сыаналаан, төрөппүттэрим алгыстарынан, хас биирдии үүммүт күҥҥэ махтанан, оҕолуу үөрэн-көтөн, сирдээҕи олохпор толору тыынабын. Айылҕа оҕолоро буоларбыт быһыытынан айылҕаны кытары тэҥҥэ, кэрэ сибэккилии силигилии үүнэн, сырдыккы талаһыахха.
Сахабыт сирин тыйыс тымныы кыһынын туоруурга сайын үүннэрбит оҕуруотум аһыттан битэмииннээх аһылыкпын хайаатар да хаһаанабын, ол иһин да буолуо уһун тымныы кыһыммыт биһиги ыалга олус түргэнник, биллибэккэ ааһар. Маны тэҥэ бэйэм курдук эдэр хаһаайкалары кытары куйаар ситимин нөҥүө тэбис тэҥҥэ сүбэлэһэн, саха сирин араас муннуктарыттан биир тэҥҥэ хардыалыырбытыттан олуһун үөрэбин, кынаттанабын.
Оҕуруот аһын үүннэриэххэ…
— Үүнээйи олордорбор мин куруук судургу үүнээйилэри олордорбун сөбүлүүбүн: кабачок, оҕурсу, помидор уонна хайаатар да битэмииннээх ас амтанын тупсарар отторбун олордобун. Саамай сөбүлүүрүм кабачок буолар, тоҕо диэн, бу биир үүнээйиттэн мин хас эмэ көрүҥнээх аһы таһаарабын. Ол курдук хомпуоттан саҕалаан торуойга мииҥҥэ кутуллар соустары, лечо, икра араас көрүҥүттэн дуоһуйа оҥостобун. Сайыҥҥы кэмим устата бүөбэйдээн үүннэрбит оҕуруотум аһа өлгөмнүк үүнэн, көмүс күһүнүм түмүктээх тахсарыттан олуһун астынабын. Бу хас биирдии хаһаайкаҕа саамай кэтэһиилээх кэм диэтэхпинэ сыыспатым буолуо. Мин саныахпар кыһыҥҥы хаһаас хаһан даҕаны туора хаалбат, ол иһин тымныы хоппобор олох ыга, толору хаһаанабын. Киһи уопсайынан куруук хаһаастаах буолуохтаах. Билиҥҥи үйэҕэ омук аһын атыыласпакка, дьоммутун харыстаан айылҕабыт биэрэр аһын хомуйан, бэйэбит үүннэрэн, буһаран битэмииннээх аһынан аһыырбыт буоллаҕа. Мин тус бэйэм сайын устата күүстээх былаан, сыал-сорук туруорунабын, холобура тэтэрээккэ бачча сир аһа, бачча үүнээйи, сибэкки арааһа диэн сурунабын уонна онтубун ситиһэр сыалга түһүнэрбин сөбүлүүбүн. Инньэ диэн туран, куйаас, кылгас сайыммыт чугаһаабытынан, чугас дьоҥҥутун үөрдүөххүт диэн, олус боростуой ырысыаппынан үллэстэбин.
Минньигэс хомпуот
— Биһиэхэ наада:
— Икки кабачок 1,5 киилэ, гааһа суох сок 500мл ( ананасовый сок), Сахар 150 гр, Лимоннай кислота 0,5.кыра ньуоска аҥара. Кабачокпутун хомпуокка сөптөөх гына кырбастыыбыт.
— Маны барытын холбоон баран ананасовай утахпытын (сок) кытары 8-9 мүн кыра уокка оргутан ылабыт.
Моонньоҕон сэбирдэҕиттэн битэмииннээх утах.
— Биһиэхэ наада:
— Оргуйбут уу 3л, моонньоҕон сэбирдэҕэ 100гр (150-180 сэбирдэх), Саахар 400 гр ( икки ыстакаан), Лимоннай кислота 0,5 ч.нь аҥара.
— Оргуйбут ууга сууйуллубут сэбирдэхтэрбитин оргута уурабыт уонна саахарбытын, лимоннай кислотабытын тэҥҥэ кутаат 10-15 мүн туруоран тэптэрэбит. Кыратык моонньоҕон отонуттан эбиэххитин сөп. Саахара ууллан, сэбирдэҕин дьүһүнэ уларыйдаҕына сиидэлээн баран стерилизованнай бааҥкаҕа кутан, сөрүүн сиргэ уурабыт. Онтон сойбутун кэннэ пластик бытыылкаҕа кутан кыһын устата хаһааныахха сөп. Оччоҕо кыһынын сайыны ахта, оҕолорбутугар, дьоммутугар айылҕа отуттан битэмииннээх утахпытын иһэрдэбит.
Юлия куйаарын ситимигэр @yulia_golikovaa өссө да атын минньигэс, судургу ырысыаптары көрүөххүтүн сөп.
Олоҕум бэйэм илиибэр…
— Бэйэм идэбинэн юрист буолабын, тэрилтэҕэ кадр үлэһитинэн үлэлээбитим. Билигин олоҕум суолтата кырачаан кыыс оҕолоохпун, таптыыр кэргэннээхпин. Инникитин алаһа дьиэбитин туттан, былыргылыы тыыннаах куукуна оҥостон дьиэм тэбэр сүрэҕэр саҥа ырысыаптары үөрэтэн, минньигэс аһылык астаан, битэмииннээх чэйдэрбин өрүнэн, дьоммун күндүлүөм турдаҕа. Мин бэйэм урукку малы мунньарбын, сөргүтэрбин ордоробун, ол иһин эбэм, эһэм ыскааптарын иккис тыыннаан, саҥардан, иһиттэрин хомуйан дьиэбэр киллэрэр кыракый баҕа санаалаахпын.
— Билигин кырачааммытын көрөн олоробун, ол да буоллар тэҥинэн бэйэбин бары өттүнэн сайыннар баҕаттан, чугас дьүөгэлэрбин кытары сөбүлэһэн, араас курстарга үөрэнэбит. Киһи куруук үөрэххэ-билиигэ, кэрэҕэ талаһыахтаах диэммит биир сиргэ олорбокко, эргийбэт эдэр сааска төһө кыалларынан олох тэтимин кытары сайдабыт, умнуллубат кэрэ түгэннэри бэйэбитигэр бэлэх уунабыт. Билиҥҥи үйэҕэ эдэр ийэ үлэтин талаанын кытары ситимнээн, урбаанньыт буолара ордук дии саныыбын. Оччоҕо кини кынаттанан, хараҕа уоттанан сибэккилии арыллан, тыллан тахсар.
Түмүккэ сахам дьонугар баҕарыам этэ доруобай, дьоллоох олоҕу, кыраҕа даҕаны үтүөнү көрө үөрэниҥ уонна билиҥҥи хотуобай химиялаах омук аһынан аһаабакка айылҕабыт биэрэр баай отунан чэй оҥостон, сир аһыттан астанын.
Кырдьык даҕаны хас биирдии дьиэ кэргэҥҥэ алаһа дьиэ ис эйгэтин ийэ киһи оҥорор. Кэрэ эйгэ хас биирдии кыыска кыра сааһыттан, тулалыыр дьонун ис санааларыттан оҥоһуллан, чочуллан тахсар. Ол иһин ийэ уйулҕата олус күүстээх буолан кэрэни кэрэхсии, күн уотунуу сандааран, киһини тардар ураты күүстээх буолар. Онон күндү ааҕааччыларым кэрэ куоларыгар баҕарыам этэ, мин дьоруойум курдук бэйэҕитигэр кэрэни үүннэрэн, ис иһиттэн сандааран, эрэллээхтик хардыылаан, тулалыыр дьоҥҥутугар сылаас истиҥ сыһыаны бэлэхтээн, харыстаан, тапталы күөдьүтэн, кэрэни кэрэхсии, бөҕө туруктаах дьиэ кэргэн буоларгытыгар. Дьоруойбар Юлияҕа махтанан туран алаһа дьиэҥ, төлкөлөөх түһүлгэҥ тапталынан туола турдун диэн алгыс тылбын аныыбын.
Уруйана.