…Бэҕэһээ прикосновения к истокам предков оҥордум. Сиэним, бастакы кылааска быйыл киириэхтээх оҕо, Суорун Омоллоон оҕолорго анаммыт кэпсээннэрин ааҕа сылдьан, биир сарсыарда музей баар эбит дии Тааттаҕа, онно барыахпыт дуо диэн ыйытыы киллэрэн, аҕалаах ийэтэ сөбүлэһэн, биир сөрүүн күнү талан миэхэ олохтоох киһиэхэ эппиттэрин ылынан, музей үлэһиттэригэр эрийэн билсэн, бириэмэ болдьостубут. Сарсыныгар айаннаан 11 ч. 30 мүн. тиийэн, Жерготова Изабелла Яковлевна көрсөн, хайдах, хантан саҕалаан көрөрбүтүн билиһиннэрэн бэйэтэ сылдьыста. Үрдүттэн таһынан таах көрөн кэбиһиэ эбиппит, онтубут хас биирдии чороон, туос иһиттэр оһуордарын ис хоһоонуттан, өбүгэлэрбит олорбут кэмнэриттэн, тутууларын, туттар тэриллэриттэн саҕалаан кэпсээбитэ, бэйэбититтэн, сиэммиттэн ыйыта-ыйыта таайтаран кэпсээбитэ оһуобай да буолан таҕыста. Туох барыта төрүттээх, ис хоһоонноох диэн этэллэринэн көрдүбүтиһиттибит, хаартыскаҕа түһэрбитин көҥүллээн, сиэн уолбутун төрүт омугун кытта ситимнээтибит. Олох сайдыбыт буолан бэйэтэ сотовайыгар түһэрдэ, ыйыталаста, аал харысхал маска алаадьы ууран, баҕа санаатын этэн, саха буоларын, төрүттээҕин билиннэ. Икки аҥаар чаас сырыттыбыт, мин сылайдым, тохтоон өбүгэлэрбит түөлбэтигэр олорон сахалыы алаадьы, уу иһэн олорон эрэ кэпсэттибит. Сырыттым ини, сылдьыбатым ини Чөркөөх музейыгар, сырыттаҕым аайы өрүү атын харахпынан көрөбүн, санаам сааһыланан, саҥалыы көрбүт курдук буолабын, элбэҕи да билбэт эбиппин диэн өссө биирдэ итэҕэйдим, оннук дириҥ ис хоһоонноох, өбүгэлэрбитин кытары ситимниир сирбит, саха омук буоларбытын көрдөрөр, бииргэ сылдьар дьонум харахтарынан информация эмиэ уратытык киирэр эбит диэн санааҕа киирдим. Сирдээччи, кэпсээччи Изабелла Яковлевнаҕа хайдах эрэ ымсыыра санаатым, кини билэрин төрүттэрин, дьонунсэргэтин кэлэр көлүөнэҕэ тиэрдээччи, утум салҕааччы буоларыттан. Биирдиилээн да буоллар оһуобай да өйдөөхсанаалаах дьон төрөөн-үөскээн ааспыттар эбит. Наһаа да инникигэ эрэллээх дьон буолан баччааҥҥыга дылы 21-с үйэҕэ тиийэ кэлбиттэр, хараллыбыттар. Көрүөхтээхпин, истиэхтээхпин аҥаарын да эрэ буоллар көрбүппүттэн, истибиппиттэн, олуһун үөрдүм, хайдах эрэ хайаан да оҥоһуллуохтааҕы барытын да буолбатар оҥорбуппуттан. Хайдах эрэ төннөн айаннаан иһэн утуйа сытар сиэммэр махтана санаатым, олоҕор хаһан да умнуллубат түгэннэри бэйэтэ баҕа санаатынан ылыммытыттан, кэлин эһэм көрдөрбүтэ диэн саныаҕа, сиэммэр һаха һахатынан кэрэтин көрдөрбүт музейбыт үлэһиттэрэ үлэлэрэ туохха сытарын сыаналыахха, өрө тутуохха диэн санаа киирдэ, кэлэр көлүөнэ көрдө, иһиттэ. Улаатан истэҕин аайы билиитэ тэҥҥэ кинилиин улаатыа, өссө эдэр көлүөнэҕэ тиэрдиэ. Хас биирдии төрөппүт ийэ, аҕа, эһэ, эбэ өбүгэ ситимин быспакка урукку олох-дьаһах тутулун, ырыа-тойук, сэһэн, олоҥхо, сүдү дьон, удьуор, оһуордьарҕаа туһунан кэпсиэхтээх-ипсиэхтээх, көрдөрүөхтээх. Оҕолорбут, сиэттэрбит ханна даҕаны тиийдэхтэринэ, күүстээх санаалаах, атын омук тыыныгар буккуллубакка, һаха һанаата, тыына симэлийбэтин курдук бөҕөтаҕа, кытаанах ис туруктаах буоларга кыһаллыахха, оччоҕуна эрэ бу бутуурдаах бириэмэҕэ кэнчээри ыччаппыт үрдүк чыпчааллары дабайыа, олохторо холку, олох араас долгунугар оҕустарбакка буолуохтааҕын курдук баран иһиэхтэрэ этэ. Киһи тыыннааҕын тухары туохха эрэ саҥаҕа үөрэнэр, сыаналыыр, санаата уларыйар, онон музейдарга, театрдарга оҕолоргутунуун, сиэннэргитиниин сылдьыҥ диэн ыҥырабын, сыллата информация араастык атыннык киирэр эбит.
Музей үлэһитигэр Жерготова Изабелла Яковлевнаҕа улахан улахан махтал. Оҕоҕо сатаан кэпсээбиккэр, таабырын гына таайтарбыккар. Оҕо ис иһигэр киирэн олохсуйбут урукку наадалаах тирэхпитин тиэрдибиккэр.
Элбэҕи кэпсэттибит, элбэҕи иһиттим. Сылдьыбыт дьонтон өссө элбэҕи киһи ылар эбит диэбитин хайдах эрэ оннук буолуон сөп дии санаан, аҥардас бэйэм олохпор буолбут Суорун Омоллооннуун буолбут түгэннэри санаан ылыталаатым. Бэҕэһээнҥи күнүм сиэним, эдэр көлүөнэ көмөтүнэн бэккэ да ааста диэн түмүккэ кэллим…»
Г.И. Каприн.