«Өйдөбүнньүк саад» аахсыйа

2024 сылга Арассыыйа бэрэсидьиэнин сорудаҕар олоҕуран «Өйдөбүнньүк саада» (Сад Памяти) диэн сааскы мас олордуутугар аахсыйа биллэриллибитэ. Ыытыллар кэмэ кулун тутар 18 күнүтэн бэс ыйын 22 күнүгэр дылы.

Бу аахсыйа сыала-соруга: иккис Аҕа дойду сэриитигэр 27 мөлүйүөн өлбүт Сэбиэскэй Сойуус олохтоохторун ахсааннарын саҕа маһы олордуу.

Айылҕа харыстабылын министиэристибэтин мэктиэтигэр олоҕуран киин, илин эҥэр улуустарга маһы олордуу ыам ыйын үһүс декадатыттан саҕалаан бэс ыйын 22 күнүгэр түмүктэниэхтээх.

Аахсыйа кэмигэр Тааттатааҕы лесничество кэллэктиибинэй уонна биирдиилээн сайаапкаларынан ойууртан мас түөрүүтүгэр босхо көҥүл суруйар.

Ойууртан маhы түөрэн аҕалан олордор ордук табыгастаах кэминэн күhүн эбэтэр саас эрдэ буолар. Олордуллар мастар силистэрэ төhө кыалларынан бүтүн аҕалыллыахтаах. Мас олордуллар лууҥката киэҥэ ордук. Лууҥка оҥорорго маҥнай урут кырсын арааран ылан туспа ууруллар, онтон маhы олордон баран лууҥканы ол кырыскытынан сабаргыт туhалаах буолар.

Ойууртан аҕалыллыбыт маhы силистээх буорун дэлби илитэн бэлэмниир ордук, оччоҕо силиhин, төрдүн клеткалара тотон, саҥа сиргэ салгыы үүнэригэр туhалаах буолар. Уhун силистэри быhаталаан аҕалбыт буоллаххытына, бааhырбыт сирдэрин мас күлүнэн сабан хаххалыыр наада. Олордон баран лууҥкаҕын уонна тула өттүн дэлби илитэр туhалаах. Лууҥкаҕа мас үүнэн турбут сириттэн буор аҕалан төhө кыалларынан кутуллуохтаах. Мас олордорго хайысхатын тутуhар ордук, ол иhин холобур түөрүөн иннинэ хоту өттүгэр таҥаhынан бэлиэ баайаҕын, олордорго бэлиэтинэн хоту диэки хайыhыннараҕын. Мас мутукчатынан, сэбирдэҕинэн эрэ тыынар буолбатах, ордук силиhин төрдүнэн тыынар. Ол иhин силис төрдүн буорунан сабыллыа суохтаах.

Мас олордуутугар улуус олохтоохторун көхтөөх кыттыыны ыларгытыгар ыҥырабыт.

Евгений Данилов, Тааттатааҕы лесничество ойуурун маастара

Читайте дальше