Биһиги оҕо эрдэхпититтэн остуоруйа алыптаах дойдутугар  кинигэ  нөҥүө айанныырбыт. Манна биһиги геройдары кытта билсэрбит, холобур оҥосторбут, эбэтэр мөку быһыыларын сиилиирбит. Ол аата биһиги үчүгэйи куһаҕантан араарга үөрэнэрбит. Сирдээҕи олохпут бастакы уопутун өйбүтүгэр дьүһүйэн көрөрбүт. Кинигэ – саҥаны, уратыны билиигэ, тулалыыр эйгэни үөрэтиигэ сирдиир, сырдыкка-кэрэҕэ уһуйар.

Кэлиҥҥи кэмҥэ мин оҕом кинигэни сэҥээрбэт, аахпат диир төрөппүт олус элбээтэ. Ол оннугар билиҥҥи оҕо иллэҥ кэмигэр сотовай төлөпүөн, интернет ситимигэр олороро үксээтэ. Оҕо сөбүлүүр дьарыгын буларыгар биллэн турар төрөппүт суолтата улахан. «Оҕону ааҕыы кэрэ эйгэтигэр хайдах сыһыарабыт?» — диэн  хоруйга уйулҕа үөрэхтээхтэрэ эппиэттииллэр.

  1. Оҕоҕун кыра сааһыттан кинигэлиин билиһиннэрии эйгэтин тэрий.

Оҕо тылын  саппааһа 10 ыйыттан олоҕуран  саҕаланар. 2 сааһыттан кылгас этиини холкутук өйдүүр буолар. Онтон  3 сааһыттан холкутук кэпсэтэн саҕалыыр.  Бу кэмҥэ оҕоҕо кылгас хоһооннору, остуоруйалары кэпсээн саҕалыахха сөп. Оҕо балтараа сааһыгар  4 мүнүүтэ, 3 сааһыгар 20-чэ мүнүүтэ боччумуран истэр кыахтаах. Бу кылгас кэмҥэ оҕоҕо хоһоон, остуоруйа кэпсээтэххэ кини тылын баайа биллэ элбиир. Саҥаттан-саҥаны билиэн баҕарар санаата уһуктар. Кырачааҥҥа остуоруйа кэпсээн баран туох туһунан кэпсэммитин ыйыталаһар оруннаах. Бу манна оҕо тугу өйдөөбүтүн билэбит, санаатын сааһылаан кэпсииргэ үөрэтэбит,  истибитин өйүгэр хатыыр (слуховая память) дьоҕурун сайыннарабыт.

  1. Оҕо саҥа ааҕан эрдэҕинэ ааҕыы туһатын өйдөтөр ордук.

Биллэн турар хас биирдии киһи туһалаах дьарыгы дьаныһан туран үөрэтэр. Ол курдук, кырачаан саҥа ааҕан эрэр кэмигэр ааҕыы туһатын өйдөөтөҕүнэ баҕата (мотивацията) күүһүрэр. Бу манна  биһиги төрөппүттэр көмөбүт сүҥкэн оруоллаах. Холобур, көннөрү «Аахтаххына элбэҕи билиэҕиҥ. Өйдөөх буолуоҥ», —  диир оннугар,  ааҕыы дьиҥ олоххо туһатын көрдөрөр ордук. Уулуссаҕа сылдьан маҕаһыыннар ааттарыттан саҕалаан, күннээҕи олоҕор кыра кыһалҕатын ааҕыы нөҥүө быһаарарын кыайарын ситис. Холобур, кэлиҥҥи кэмҥэ араас интэриэһинэй остуол оонньуулара, квест – оонньуулара биллэ элбээтилэр. Бу оонньуулары  эмиэ сөптөөхтүк туһаннахха оҕо эмиэ ааҕыы туһатын өйдүүрүгэр көмө буолуон сөп. Ити курдук кырачаан ааҕыы туһатын көрөрүн ситиһиҥ.

  1. Кинигэ талыыта көҥүл буолуохтаах.

Оҕо ааҕар кинигэтин бэйэтэ талыахтаах. Сорох ийэ туһалаах буоллун диэн билэр суруйааччылар айымньыларын, эбэтэр сөптөөх дии санаабыт тиэмэлээх кинигэтин оҕоҕо күүһүнэн сыҥалыыр буоллаҕына, саҥа ааҕан эрэр оҕо интэриэһэ учуоттаммат. Күүс өттүнэн аахтара сатыыр олох табыллыбат. Маннык ньыма оҕону кинигэттэн тэйитэр. Сорох оҕо аахпыт кинигэтин хаста да хатылаан ааҕыан сөп. Бу манны бопсор эмиэ сыыһа.

  1. Бэйэҕит холобур буоларгытын умнумаҥ.

Оҕо төрөппүтүн көрөн үөрэнэр. Ийэтэ, аҕата оҕо көрөрүгэр аахпат буоллахтарына, ааҕыы улахан туһата суох эбит диэн санаалар киириэхтэрин сөп.

  1. Кинигэни уонна киинэни тэҥнээн көрөн ырытыһар ордук.

Билиҥҥи кинематограф сайдан турар кэмигэр. Үгүс айымньыларга олоҕуран уһуллубут киинэлэр, ойуулуктар (мультфильм) элбэхтэр. Бастаан айымньыны ааҕан баран, киинэни  бииргэ көрөн тэҥнээн көрүөххэ, санаа атастаһыахха сөп. Айымньыттан төһө уратылааҕый? Кинигэ кэпсээнэ ордук дуу, киинэ дуу? Режиссер тугу уларыппытый? Ити курдук араас ыйытыктары тэҥҥэ ырытыһан, үллэстэр эмиэ оҕо саҥарар, толкуйдуур дьоҕурун сайыннарар. Бу ырытыһыы оҕону аахпыты, көрбүтү ырытарга үөрэтэр.

  1. Учуутал көмөтө.

Алын сүһүөх кылаас үөрэнээччилэрэ үөрэтэр учууталларын олус сэҥээрэн истэр буолаллар. Учуутал эппит тыла бу кэмҥэ сокуон. Учуутал кэпсиирэ, бэлэҕэ олус күндү буолар. Холобур, оскуола биир эмит бырааһынньыгар сөп түбэһиннэрэн учуутал нөҥүө оҕоҕо кинигэ бэлэх ууннахха, эмиэ ааҕыы кэрэ дойдутугар үктэнэригэр биир сүрүн төрүөт буолуон сөп.

  1. Бастакы кинигэтин көрдүүргүтүн  тохтотумаҥ!

Сорох түбэлтэҕэ төрөппүт оҕотун аахтара сатаан, араас ньыманы туһанан, элбэх дьэрэкээн кинигэни көрдөөн баран бэринэр, сылайар. Оҕоҥ ааҕа илик буоллаҕына сөптөөх түгэн үүнэ илик, маҥнайгы интэриэһиргэтэр айымньыта көстө илик. Көрдөөбүт көмүһү буларыныы дьаныардаахтык көрдөөтөххүнэ көстүө. Сорох оҕо олох кыра эрдэҕиттэн ааҕар, сорох орто сүһүөххэ тахсыыта, сорох үрдүкү кылаастарга. Барыта кэрдиистээх, кэмнээх, табыгастаах түгэннээх. Бастакы кинигэтин буллаҕына, умсугуйдаҕына, ааҕар таарымтатын биллэҕинэ, кэлин бэйэтэ көрдөөн ааҕыа.

  1. Кинигэ муннуга.

Дьиэ иһигэр  кыра да буоллар кинигэ дойдутун муннуга баар буоллаҕына, оҕо эмиэ бу муннугу интэриэһиргиир буолар. Бу кинигэ долбуурун дьиэ кэргэн бииргэ дьаарыстыыра ордук. Ханан ханнык кинигэ турарын бэйэтэ билэр буоллаҕына, бэйэҕит да көрдөөтөххүтүнэ булан биэрдэҕинэ оҕо астынар буолар. Ол муннукка оҕо тус долбуурдаах буолара ирдэнэр.

Оҕо кыра эрдэҕиттэн ааҕа үөрэннэҕинэ дириҥ толкуйдаах, баай оҥорон көрөр дьоҕурдаах (фантазиялаах),  киэҥ билиилээх, тыла-өһө баай буола улаатар. Кырачаан кинигэ нөҥүө араас дьиктини билиэ, санаа нөҥүө Аан дойдуга айанныа.  Кинигэни таптааҥ, харыстааҥ!   Кинигэ биһиги оҕолорбут арахсыбат аргыстара, эрэллээх доҕордоро буоллун!

Республиканскай психологическай киин  Тааттатааҕы филиалын психологтара О.С. Дьяконова, А.А.Филиппова.

Читайте дальше