Улуус дьаһалтатыгар Дьокуускай куоракка ыытыллыбыт «Тыа сирэ — омук дьылҕата» форуму сырдатар сыаллаах сүбэ мунньах ыытылынна. Тэрээһиҥҥэ нэһилиэк баһылыктара, тэрилтэ салайааччылара, уопсастыбаннай тэрилтэлэр, уопсастыбаннас көхтөөх кыттыыны ылла. Мунньаҕы Таатта уопсастыбаннай Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Петр Дмитриевич Петров иилээн-саҕалаан ыытта.
От ыйын 1-2 күннэригэр уопсастыбаннай тэрилтэлэр көҕүлээһиннэринэн Дьокуускай куоракка ыытыллыбыт «Тыа сирэ — омук дьылҕата» форумҥа Таатта улууһуттан 8 киһилээх дэлэгээссийэ кыттан, кыһалҕалаах ыйытыыларын көтөҕөн, санааларын этэн, туруорсууларын тиэрдэн кэлбиттэрэ. Бүгүҥҥү сүбэ мунньахха форум кыттыылаахтара өрөспүүбүлүкэ таһымыгар туруоруллубут этиилэри, туһааннаах хайысхаларынан арахсан сырдаттылар.
Форум туһунан иһитиннэриини Уус Амма нэһилиэгин дьаһалтатын сүрүннүүр испэсэлииһэ Анна Игнатьевна Блахирова оҥордо. Кини форумҥа Саха сирин араас муннуктарыттан тыа сирин сайдыытын тус кыһалҕа оҥостон, 150 киһи кэлэн кыттыбытыттан саҕалаата. Форумҥа тыын кыһалҕанан тыа сиригэр тыа хаһаайыстыбатын балаһыанньата мөлтөөбүтүн, сүөһү ахсаана аччаабытын, оҥорон таһаарар бородууксуйаны сайыннарыы, хаачыстыбалаах аһы-үөлү дэлэтии, сөптөөх усулуобуойаны тэрийэн ыччаты тыа сиригэр олохсутуу, нэһилиэнньэ ахсаанын элбэтии, билиҥҥи тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыы политиката тыа сирин олохтооторугар үгүс уустугу үөскэтэрин, маннык түгэҥҥэ эрдэттэн бэлэм буолуу суолларын булунуу туһунан кэпсэтии буолбутун билиһиннэрдэ. Анна Блахирова өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн уопсастыбаннай хамсааһын иһинэн тыа сирин дьоно дьаһанан олорууларууларыгар туһуламмыт «Нэһилиэк» диэн түмсүү тэриллэн үлэлиир былааннааҕынан, Тааттаҕа түмсүүнү тэрийэргэ этии киллэрдэ.
Таатта лиссиэйин дириэктэрэ Изабелла Александровна Сивцева форум секциятыгар үлэлээбит түмүк санааларын сырдатта. Билиҥҥи кэмҥэ кэнчээри ыччакка «дойдумсах буолуу өйүн-санаатын иитии» үлэтэ барыахтааҕын бэлиэтээтэ. Ону таһынан, социологическай билим дуоктара, профессор Ульяна Алексеевна Винокурова Саха сирин тыатыгар уонна Арассыыйа киин эрэгийиэннэрин дэриэбинэлэригэр олорор усулуобуйалары тэҥнээн көрбүтүн билиһиннэрдэ. Онно ититии, газ, уу, интернет, коммунальнай өҥөнөн хааччыллыыны тэҥнээбитигэр Саха сирин тыата хас эмэ бүк намыһах хааччыллыылааҕа биллибит. Ону тэҥэ, Чурапчы улууһун Одьулуун нэһилиэгэ уопсастыбаннай хамсааһын көмөтүнэн нэһилиэнньэ олоҕун тупсарыыга уонна иитии үлэтин сайыннарыыга дьон-сэргэ бэйэтэ хайысхаларынан үллэстэн, таһаарыылаахтык үлэлии олорорун холобурдаата.
Орто Амма нэһилиэгин тыатын хаһаайыстыбатын испэсэлииһэ Светлана Петровна Винокурова форумҥа эмиэ бэйэтэ үлэлэспит «Оҥорон таһаарыыны сайыннарыы» секцияҕа көтөҕүллүбүт этиилэри иһитиннэрдэ. Онно тыа хаһаайыстыбатын үлэтэ бүддьүөт үлэһиттэрэ: быраас, учуутал үлэтин курдук үрдүк хамнастаах буолар түгэнигэр ыччат тыа сиригэр тардыһан, олохсуйарын, Тааттаҕа «Кыйы», Сунтаар Күндэйэтигэр тэриллибит ТХПК холобурдарыгар олоҕуран, сүөһү ахсаана аччаабатын туһугар нэһилиэк ахсын кээпэрэтииптэри тэрийии, ыанар ынах төбөтүгэр көрүллэр 39 тыһ. солк. субсидия түмүгэр үүт туттарыытыгар охсуубутун, ол түмүгэр оҥоһуллан тахсар үрүҥ ас ахсаана аҕыйаан, сыана үрдээбитин, атыыга тахсар бородууксуйа сыанатын уонна тыа хаһаайыстыбатын субсидияларын бэрээдэктээһин, граны ылбыт дьон болдьох бүттэҕинэ хаһаайыстыбаларын эһэллэрин түмүгэр кэскилэ суох бырайыак көмөнөн туһанарын, грант усулуобуйата улахан эрэ хаһаайыстыбаларга сөптөөҕүн, кыра хаһаайыстыба көмөттөн матарын кэпсээтэ.
«Кыйы» ТХПК толорооччу дириэктэрэ Евдокия Васильевна Антонова форумҥа дэлэгээссийэ чилиэнин быһыытынан тыа хаһаайыстыбатын үлэһитэ дохуоттаах буоларыгар хамнас фондатын үрдэтии уонна ыччаты тыа сиригэр олохсутар туһуттан «Земскэй аграрий» бырагырааманы киллэрии туһунан тустаах туруорсуулары киллэрбитэ. Евдокия Васильевна сүбэ мунньахха тыа сиригэр социальнай суолталаах эбийиэктэр баар буолуохтаахтарын, тыа хаһаайыстыбатын субсидията бүддьүөттэн көрүллүөхтээҕин, Саха сиригэр оҥоһуллар бородууксуйа атын эрэгийиэннэргэ холоотоххо хаачыстыбалааҕын, кэлии оҕуруот аһа элбэх уоҕурдуунан үүннэриллэн доруобуйаҕа буортулааҕын, билиҥҥи тыа сирин ходуһата өлгөм буорун толору туһанар сөптөөҕүн, тыа сирин аһа-үөлэ хаачыстыбатынан бренд буолар кыахтааҕын, кэтэх хаһаайыстыбалаах дьон ынахтарын уолларбакка кээпэрэтиипкэ туттаран, үүт суотугар сүөһүнү иитиигэ аахсаллара бэйэлэригэр барыстааҕын бэлиэтээтэ.
2019 сылтан үлэлиир «Кыйы» ТХПК гранынан 100 төбөнү иитэр хотону туттаран, 4 үлэһиккэ социальнай пакеттаах үлэлиир усулуобуйа тэриллибитин кылгастык сырдатта. Тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыыга аныгы технологиялары баһылаабыт эдэр испэсэлиистэр кэлэн үлэлиир усулуобуйаларын тэрийэн, үөрэҕин бүтэрбит ыччаты тардыы туһунан санаатын эттэ.
Дэлэгээссийэ кыттыылаахтара этиллибит олохтоох этиилэрэ ыччакка өйөбүл, эдэр дьону олохсутууга, тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыыга төһүү күүһүнэн буолуоҕа.
Сүбэ мунньах кыттыылаахтара нэһилиэнньэҕэ тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанар дьон ахсаана сааһыран эрэрин, тыа сирэ эстибэтин туһугар ыччаты тардан үлэлэтии, аныгы ыччат барыстаах үлэҕэ талаһарын, нэһилиэнньэни улаатыннарыыга, демографияны үрдэтиигэ хас биирдии баһылык, нэһилиэк дьокутааттара күүскэ үлэлэһиэхтээхтэрин, нэһилиэнньэ олохтоох бородууксуйатын сыаната үрдүгүн иһин, дьон-сэргэ кэлии бородууксуйаны атыылаһарын туһунан кэпсэтиигэ тустаах санааларын эттилэр. Ону таһынан тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанар тыа дьонугар мелеорацияны, МТС суох оҥоруу улахан охсууну аҕалбытынан, сөргөхсүтүүгэ күүстээх үлэ ыытыллыахтааҕын, тиэхиньикэни газка көһөрүү табыгастааҕын бэлиэтээтилэр.
Тыа сирин сайыннарыыга туһуламмыт сүбэ мунньахха интэриэһинэй кэпсэтиилэр таҕыстылар, үгүс ыйытыы көтөҕүлүннэ. Мунньах түмүгэр анал быһаарыныы ылынылынна.
Тыа хаһаайыстыбата сайдыбатаҕына тыа сирэ эстэр кутталлааҕа саарбаҕа суох. Билиҥҥи туругунан сүөһү көрөр киһи ахсаана аҕыйаата, кэтэх хаһаайыстыба лаппа аччаата, ыччат сүөһүттэн тэйдэ. Маннык хартыына Саха сирин үрдүнэн үксээбитэ нэһилиэнньэ социальнай балаһыанньатыгар улахан охсуулаах буолла.
Мария Павлова.