Олунньу 22-23 күннэригэр Нам улууһун,Хамаҕатта нэһилиэгэр 13-с төгүлүн Өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэхтэһии Саха сирин успуордун маастара Афанасий Васильевич Дьячковскай бирииһигэр ыытылынна.
Уопсайа 9 хамаанда, 87 гиревиктэр эр дьоҥҥо, дьахталларга, кыргыттарга, уолаттарга арахсан ким күүстээҕин, үчүгэй бэлэмнээҕин тургутустулар.
Таатта улууһун чиэһин, аатын суолун 6 оҕо баран ситиһиилээхтик көмүскээтилэр.
Биирдиилээн түмүк: 58 кг.16 кг гирэ.
Оля Барбасытова – 1 миэстэ, Эвелинэ Антоева – 2 миэстэ, 68 кг үөһээ Сандаара Татаринова – 1 миэстэ, 58 кг. Святослав Платонов – 4 миэстэ,
68 кг. 24 кг гирэ.
Николай Спиридонов – 4 миэстэ, 85 кг үөһээ Артур Большаков – 2 миэстэ буоллулар.
Түгэнинэн туһанан тыраанспарынан көмөлөспүт улуустааҕы үп тэрилтэтэ салайааччытыгар Р.И.Аргуновка, гиирэ федерация бэрэссэдээтэлигэр Г.Г.Вырдылиҥҥа, суоппарбытыгар Геннадий Алексеевка барҕа махталбытын тиэрдэбит.
Тренер: Иннокентий Бояров.