Бу күннэргэ Дьокусскай куоракка «Модун» национальнай успуорду сайыннарар киинигэр биирдиилээн, хамаанданан бастыыр иһин республика чемпионата гиирэ успуордугар 14-17 саастаах уолаттарга, кыргыттарга сүүмэрдэнэр «Спортивные якутяне» сайыҥҥы Спартакиадаҕа финалга киирэр күрэхтэһиитэ буолан ааста.
Барыта 16 хамаанда,127 гиревиктэр 11 ыйааһыҥҥа кытыннылар. Бу күҥҥэ ким үчүгэй бэлэмнээҕин, күүстээҕин, сылайбат уһун тыыннааҕын быһаарыстылар.
Ыйааһыннарга уолаттарга 7, кыргыттарга 5 путевка былдьаһыыта буолла. Улууспут чиэһин аатын-суолун 12 оҕо көмүскээтэ.
Уопсай барыллааһын түмүккэ 1 миэстэни — Таатта, 2 миэстэни — Хаҥалас, 3 миэстэни — Нам улуустара таҕыстылар.
Биирдиилээн түмүккэ:
58 кг. Эвелинэ Антоева — 4 миэстэ, 63кг. Оля Барбасытова — 2 миэстэ, 68 кг. Нарыйаана Степанова — 1 миэстэ, 68 кг. үөһэ Сандаара Татаринова — 7 миэстэ, 58 кг. Святослав Платонов — 7 миэстэ, Андрей Малышев — 24 миэстэ, 63 кг. Айсен Габышев — 5 миэстэ, 68 кг. Коля Спиридонов — 7 миэстэ, 73 кг. Харысхан Слепцов — 8 миэстэ, 78 кг. Ваня Беркин — 7 миэстэ, 85 кг. Алеша Никифоров — 7 миэстэ, 85 кг. үөһэ Артур Большаков — 4 миэстэ буолары ситистилэр.
Бу ситиһиибитин аны сайын бэс ыйыгар Намҥа ыытыллар «Спортивные якутяне» спартакиадаҕа үчүгэйдик бэлэмнэнэн тиийэн киирсэн кыайан бигэргэтиэхпитин наада.
Иннокентий Бояров, тренер.