Хомуньуус баартыйа эрэллээх саллаата (ВИДЕО)

Елена Ивановна Софронова 1929 сыллаахха өҥүрүк куйаастаах от ыйыгар бааһынай дьадаҥы дьиэ кэргэҥҥэ күн сирин көрбүтэ. Төрөппүттэрэ холкуос үлэтиттэн ордубаттара. Кини кыра эрдэҕиттэн бааһынаҕа үлэлээн, үлэнэн иитиллэн, кырыымчык олоҕу билэн улааппыта.
18 саастаах эдэркээн кыыс 1944 сыллаахха от ыйын 15 күнүгэр үлэ фронугар өрө күүрүүлээх үлэтин саҕалыыр. II Алданнааҕы «Ааҕар балаҕаҥҥа» сэбиэдиссэйинэн анаммыта. 1947 сыллаахха тохсунньуга II Алдан нэһилиэгэр сэкирэтээринэн талыллыбыта. Ыарахан үлэттэн толлубат эдэр киһини 1948 сыл “Аҕа дойду сэриитин кэмигэр килбиэннээх үлэтин иһин” мэтээли туттаран, олох эридьиэстэриттэн иҥнэн-толлон турбат хорсун санаата күүһүрэр. Устунан 1950 сыл ахсынньыга бэрэссэдээтэллээн буһар-хатар. Салгыы 1954 сыл атырдьах ыйыгар Амматааҕы тыа сэбиэтигэр үлэ үөһүгэр сылдьар. 1956 тохсунньу 10 күнүгэр 25 саастаах, кыһамньылаах, кыайыгас-хотугас үлэһити таба көрөн, Тааттатааҕы оройуоннааҕы Сэбиэт исполкомугар сэкирэтэээрдииргэ оройуон салалтата аныыр. Кырдьыгы өрө тутар буолан, Дьокуускайга сэбиэскэй партийнай оскуолаҕа үс сыл үөрэнэр, үүнэр-сайдар. Баартыйа ыйыытын-кэрдиитин толорор, эрэллээх бастыҥ үлэһит «Калинин» аатынан «Коммунизм» холкуостарга биирдии сыл сэкирэтээрдиир. Алексеевскай оройуон Сэбиэтин исполкомугар үс сыл кэнниттэн, КПСС тэрийэр салаатыгар уонча сыл сэбиэдиссэйдиир. 1966 сыл Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтин Президиумун Бочуотунай Грамотатын тутан, атаҕа сири билбэт буолуор диэри үөрэр. 1970 сыл улуу сирдьиппит В.И. Ленин төрөөбүтэ 100 сылынан, «Килбиэннээх үлэтин иһин» үбүлүөйдээх мэтээл кавалерынан буолбута. 1979 муус устар 24 күнгэр Петр Алексеев аатынан сопхуоска биир сыл сэкирэтээрдээн баран, бочуоттаах сынньалаҥҥа тахсар.
Оройуоннааҕы «Коммунист» хаһыат эрэдээктэрэ Нариман Петрович Голиков, си дьүгээр олордубакка, 1981 сыл муус устар 12 күнүгэр сурук салаатын сэбиэдиссэйинэн ылар. «Таатта» хаһыакка үтүө суобастаахтык, бэриниилээхтик үлэлээбит Нил Самуилович Иовлев кэпсииринэн: «Елена Ивановна бу үлэҕэ ананан төрөөбүт курдук күүрээннээхтик, таһаарыылаахтык үлэлээбитэ. Эрдэ уһун сылларга советскай-партийнай оскуоланы ааспыт уопуттаах буолан, хаһыат общественнай корреспонденнарын кытта үлэни үрдүк таһымҥа таһаарбыта. Ааҕааччылартан киирбит суруктары сыыска-буорга түһэрбэккэ, тута редактор остуолугар тиэрдэрэ. Кини суругу көннөрү регистрациялаан эрэ кэбиспэккэ, ол суруктан төһөтө бэчээттэммитин тиэмэлэринэн наардыыра. Кириитикэҕэ сыһыаннаах ыстатыйалары туспа бэлиэтиирэ. Инньэ гынан хаһыат кириитикэтэ болҕомто таһыгар хаалбат этэ. Онон элбэх ааҕааччы кыттара ситиһиллибитэ. Маныаха Елена Ивановна быһаччы көҕүлээһининэн нэһилиэктэринэн, үлэ тэрилтэлэринэн сылдьан, отчуоттааһын тэриллэр буолбута. Хаһыат ахсаана үрдүүрүгэр кырата суох оруолу ылбыта. Холобур, 1972 сыллаах хаһыакка 316 киһи кыттыбыт буоллаҕына, 1985 сыл 746 киһиэхэ тиийбитэ. Кинилэр ортолоругар юниор ахсаана аҕыйаҕа суох. Ити туһунан Елена Ивановна 2009 с. бэчээттэммит «Тыа дьонун түмэр, үлэҕэ көҕүлүүр» диэн кинигэҕэ“ 1989 сыл түмүгүнэн редакцияҕа 600-тэн тахса киһиттэн 2274 сурук киирэн регистрацияламмыта. Ити иһигэр кыһалҕалаах боппуруостары көтөҕөр ис хоһоонноох ыстатыйалар киириилэрэ элбээн, итэҕэстэргэ эйэлэспэт быһыы-майгы сыллата кэҥээн испитэ. Өскөтүн 1985 сыл устатыгар баара-суоҕа 40 критическэй матырыйаал бэчээттэммит буоллаҕына 1987 сылга 138-ка тиийбитэ. Олорго 122 хоруйу ылбыппыт. Олору «Биһиэхэ эппиэттииллэр», «Быһаарыылаах сурук» диэн рубрикаларынан бэчээттиирбит. Итинник ыстатыйалары тустаах салайар уорганнарга ыытыыга, үлэ кэллэктииптэрин, партийнай мунньахтарга көрүллэн, дьаһал ылынарга болҕомто, кыһамньы, хонтуруол биллэрдик үрдээбитэ», — диэн суруйбута баар.


«Улууһум хаһыатыгар 12 сыл үлэлээбитим» диэн ахтыытыгар кириитикэ кырдьыктаах, олохтоох ирдэбили кытаанахтык тутуһара көстөр. Ол инниттэн «Сурук суолун сонордоон» рубриканы үлэппитэ. Киирбит сурукка ыйыллар итэҕэстэри бэрэбиэркэлээн эрэ баран хаһыакка бэчээттиир быраактыка баара. Аҥардас регистрациялаабыт суругун ирдэһиитинэн эрэ муҥурдаммакка, суруналыыс быһыытынан улуус үлэтин-хамнаһын, бастыҥ үлэһит дьонун туһунан элбэх ыстатыйаны суруйбута. Бэйэтэ ааҕарынан хаһыакка үлэлиир сылларыгар 123 үлэ маягын туһунан суруйбута биллэр. Онтон кэлин уурайан баран, сырдаппыт үлэтин ааҕан сиппэккин. Елена Ивановна ол курдук олус дьүккүөрдээх үлэһит киһи. Эдэрдэртэн хаалсыбакка, өссө сорохпутун баһыйа да үлэлиирэ. Үгүстүк командировкаҕа сылдьара. Хара Алдан, Алдан, Уус Таатта курдук куһаҕан суоллаах-иистээх нэһилиэктэргэ тиийэ айанныыра. Таарыччы общественнай корреспонденнары көрсөн, сүбэ-ама биэрэн, кырата икки-үс ыстатыйалаах кэлэрэ. Улууска ыытыллар улахан мунньахтарга, оройуон Сэбиэтин дьокутааттарын сессиятыгар, ССКП райкомун пленумугар, коммунистар отчуоттуур-быыбардыыр мунньахтарыгар үгүстүк ылдьан сырдатара. Кини суруйар ыстатыйалара дириҥ ис хоһоонноох, чиҥ логикалаах буоланнар, кэпсэтии хайдах барбытын киэргэтиитэ суох, сытыы өрүттэрин сыппаппакка хайдах баарынан суруйар буолан, ааҕааччылар сэҥээриилэрин ылара.


Елена Ивановна хаһыакка үлэлии сылдьан, уларыта тутуу сылларын сибиэһэй салгынынан сайа тыынан, улууспут үтүө аатын, чиэһин киртитэр ис хоһоонноох уураахтары үөрэтэн, олору көтүртэрэри туруорсан, кэккэ ыстатыйалары суруйбута. Ол курдук 1990 с. сэтинньигэ «Сыыһа уураах көнүөхтээх» диэн ыстатыйаны бэчээттэппитэ. Ол ыстатыйаҕа 1954 сыллааҕы айдааннаах охсуһуу содулун суруйбута. Бу айдааннаах быһылаан түмүгүнэн ССКП обкомун бюрота Тааттаҕа бандьыыттааһын, буржуазнай национализм күөрэйбитин бэлиэтээн, баттыгастаах уурааҕы таһаарбытын көтүрэри туруорсубута. Бу ыстатыйаҕа олоҕуран, оччотооҕу улуус баһылыга Г.М.Артемьев хамыыһыйа тэрийтэрэн, бэрэбиэркэлэтэн, 1992 с. олунньуга СӨ Үрдүкү Сэбиэтин Х сессиятыгар киллэртэрэн, партия обкомун бюротун уурааҕын көтүртэрбитэ. Онон Е.И. Софронова ыстатыйата оройуон аатын-суолун ырааһырдыыга улахан төһүү күүс буолбута.

Е.И. Софронова омос көрдөххө, олус кытаанах, дьиппиэн майгылаах курдук көстөрө. Кырдьык, кини бэрээдэги кэһэр, арыгыны эккирэтэн иһэр дьоҥҥо кытаанахтык сыһыаннаһара буолуо гынан баран, кимиэхэ да куһаҕаны баҕарбат ийэлии аламаҕай, аһыныгас майгылаах. Барбах да бэрээдэктээх дьону кытта сирэй сирэйгэ көрсөн, ийэлии аһаҕастык, ылыннарыылаахтык кэпсэтэн, көнөр суолга киирэллэригэр көмөлөһөрө. Эдэрдэргэ ордук болҕомтолоохтук сыһыаннаһара. Партия райкомугар салаа сэбиэдиссэйинэн үлэлиир сылларыгар оройуон кэнэҕэски каадырдарын иитэн-үөрэтэн таһаарыыга үгүс сыратын биэрэн үлэлээбитэ. Онон ити үлэлиир сылларыгар бэлэмнээн таһаарбыт каадырдара соторутааҥҥа диэри норуот хаһаайыстыбатыгар таһаарыылаахтык үлэлээн, бочуоттаах сынньалаҥҥа тахсыбыттара.
Иһирэх ийэ, эйэҕэс эбэ, хос эбэ Елена Ивановна баай ис хоһоонноох олоҕу олорон кэллэ. Ити кэм устата олох араас эндирин, очурун-чочурун, былаас өрө-таҥнары түһүүтүн- тахсыытын – барытын билэн-көрөн кэллэ. Олорбут олоҕуттан кэмсиммэт. Олоҕун үтүө кэмнэрин анаабыт идиэйэтин баартыйа үрдүкү чөмчөкөлөрө таҥнаран биэрбиттэриттэн хомойор. Ол да буоллар инникигэ эрэлин сүтэрбэт, кэнэҕэски ыччаттар баай-байылыат олоххо тиийиэхтэрэ диэн эрэнэр.
Оччоттон баччааҥҥа диэри алтыспыт, дьаныардаах туруу үлэһит улуустааҕы дьахталлар Сэбиэтин өр кэмҥэ салайбыт Марфа Матвеевна Аммосова Елена Ивановнанан киэн туттар, ытыктыыр, холобур оҥостор киһитинэн буолар. Олус ыраас, сырдык сэбэрэлээх, чэбэр киһини тутта-хапта сылдьарыттан, дириҥ ис култууралааҕа биллэр диэн тута иһигэр киллэрбит. Бэйэтигэр да, атын да дьоҥҥо кытаанах ирдэбили туруоран, доҕордуу-атастыы буолбуттар. Талыы-мааны бэйэлээх, киэҥ көҕүстээх, үлэһит бэрдэ, салайааччы бастыҥа, киһи гиэнэ кэрэмэһэ диэн сыаналыыр.
Е.И. Софронова 1993 сыллаахха сурук салаата сабыллан, улуустааҕы суукка 1998 сылтан 2001 сылга диэри түүҥҥү харабылынан үлэлээн баран бэйэтин баҕатынан тохтообута. Үйэтин тухары хааман-сиимэн, үлэлээн-хамсаан, этэн-тыынан биир киһи санныгар сүктэриллибит пионер, хомсомуол тыыныгар иитиллэн, хомуньуус баартыйа ыйыытын эҥкилэ суох толорон, үлэни өрө туппут 95 үбүлүөйдээх сааһыгар үктэнэн, биир хостоох толору хааччыллыылаах таас дьиэҕэ сиэн уола Сэргэйи кытта үөрэ-көтө олорор. Нэдиэлэҕэ иккитэ-үстэ үүт аһынан хааччыйар, Таатта нэһилиэгин сонунун кэпсээн аралдьытар, дьиэтин-уотун хомуйар, социальнай харалта кыһамньылаах үлэһитигэр Анна Егоровна Осиповаҕа махтаныан махтанар. Социальнай харалта иһинэн аһыллыбыт саҥа үлэһит Саргылана Васильевна Ючюгяева кырдьаҕас доруобуйатын бөҕөргөтүнэригэр күн ахсын кэлэн бүөбэйдиир. Көрөр-истэр кыргыттарын, бэйэм оҕолорум диэн астына ааттыыр. Манан сибээстээн, кыамматы көрөр-истэр аналлаах тэрилтэ үрдүкү салалтатыгар дириҥ махталын биллэрэр. Ытык Күөл нэһилиэгин биир кэм сонунун сураһар, дьонун-сэргэтин үлэтин ыйыталаһар, интэриэһиргиир.

Ытык кырдьаҕаспыт билиҥҥи кэм дьонугар элбэхтэ сатыы хаамыҥ, хамсаныы эрэ киһи үйэтин уһатар диэн сүбэлиир. Үлэҕэ дьону кытта эйэлээх буоларга кыһаллыҥ, салалта тугу этэрин толорон иһиҥ диэн ааҕааччыларга сүрүн санаатын тириэрдэр.

 

Видеоматырыйаалы: Маргарита Егоровна Павлова бэлэмнээтэ.

Оксана Андросова — САНДААРА.

Читайте дальше