И.Н. Гуляев аатынан Туора Күөл орто оскуолатын үтүө үгэһэ: Киһи киһиттэн үөрэнэр

Дьиҥнээх киһи үйэтин тухары үөрэнэр диирэ мин эһэм, Саха АССР үтүөлээх учуутала, Кириллиннэр учуутал династияларын төрүттээччитэ Тимофей Петрович Кириллин. “Киһи киһиттэн үөрэнэр”, — диэн кини бигэргэтэн этэрэ. Биллэн турар, бу тыллар учуутал идэлээх дьоннорго быһаччы сыһыаннаахтар. Учуутал — уһуйааччы. Үөрэтэр, үөрэнэр, сайыннарар, сайдар. Мутугунан быраҕар муҥур үйэтин тухары. Тохтообокко. Толлубакка. Тулуурдаахтык. Мындырдык.

Тыһыынчанан саҥа учууталлар дойду араас муннугар сыл ахсын оскуола ааннарын аһаллар. Кистэл буолбатах, кинилэртэн улахан аҥаардара билиилэрэ, тулуурдара, дьулуурдара тиийбэккэ учуутал идэтиттэн хааллараллар. Ол эрээри, бу эдэр дьон  ортотугар араас талааннара арыллыбакка хаалбыт, сибэкки буолан тыллыбатах саҥа кэм Макаренколара, Сухомлинскайдара биллибэккэ атын суолга туорууллар. Бу олус хомололоох… Маннык көстүү сүрүн биричиинэтэ — күүстээх тирэх көстүбэккэ санаа түһүүтэ, бэйэ аналын, кыаҕын сыыһа сыаналааһын. Баҕар, ким эрэ, ити олох сүүмэрдээһинэ диэҕэ. Оннук буолбатах. Төһөлөөх талааннаах эдэр дьон учуутал идэтин уустук, эндирдэрдээх суолларыгар соҕотох хаалан, тирэх булбакка олохторун атыннык салайалларый!

Таатта улууһун Туора Күөл орто оскуолатын биир солбуллубат үтүө үгэһинэн учуутал идэтигэр анаан уһуйуу буолар. Улуу Сократ этэн турардаах: “Уһуйааччы сүрүн соругунан үөрэнээччитин дууһатын, күүһүн уһугуннарыы буолар”. Бу үтүө үгэс өссө Тордохтоох алааска бастакы чуораан чугдаара ыллыаҕыттан күн сирин көрбүтэ. Мин эһэм Таатта улууһун биир улахан педагогическай династиятын төрүттээбит Саха АССР үтүөлээх учуутала, айылҕаттан айдарыылаах уһуйааччы, сэрии бэтэрээнэ Тимофей Петрович  Кириллин хас да  көлүөнэ бастыҥ алын сүһүөх учууталларын иитэн таһаарбыта. Кини  оскуолаҕа саҥа үлэлиир сылларыттан иитии-үөрэтии кистэлэҥнэринэн үллэстэрэ. Араас аһаҕас уруоктар, семинардар ахсаабакка буолаллара. Түмэппий Бөтүрүөбүс Кириллин Алексеевскай оройуон оскуолаларын кэрийэ сылдьан, учууталларга аналлаах үгүс кэрэхсэбиллээх үөрэхтэри ыыппыта. Кини уруокка туттар араас матырыйааллара, бэйэтэ, өр толкуйдаан, айан-тутан оҥорбут дуоскалара, таблицалара, барыта, эдэр коллегаларга эмиэ ананара. Эһэм оччоттон ыла: “Үөрэммэт учуутал кэхтэр”, — диэн тыллааҕа. Ол курдук кини бэйэтэ эмиэ эдэрдэртэн саҥа педагогическай ньымаларга үөрэнэрэ. Барытын сэргиирэ, туоһулаһара. Тута ылынан, иҥэринэн иһэрэ. Ол туһунан эһэм барахсан, үгүс ахсааннаах кыракый сурунар киниискэлэрэ кэпсииллэр: ”Учуутал кимтэн баҕарар, үөрэтэр оҕотуттан кытта үөрэнэр. Учуутал хаһан да барытын билэбин диэн уоскуйуо суохтаах. Учуутал өлөр өстөөҕө — кини бэйэтинэн дуоһуйуута».

Мин учууталларым Иван Аммосович Гуляев, Коммунар Иванович Кононов, Мария Дмитриевна Гуляева, Егор Иванович Сыромятников, Раиса Тихоновна Васильева, Галина Афанасьевна Белазор куруутун кэриэтэ, билиилэрин ыспакка-тохпокко, анаан систиэмэлээхтик эдэрдэргэ тиэрдэр, иҥэрэр этилэр. Ыган-түүрэн, тыыҥҥын хаайан буолбакка, сэмээр, туораттан сылдьан кэтииллэрэ. Истиҥник кэпсэтэн, мунчаарыыгын үрэйэллэрэ, уустук боппуруостары быһаараллара. Иван Аммосович биирдэ учуутал күнүгэр сэргэстэһэ олорон, күлэн лэһигирэтэ-лэһигирэтэ этэн турардаах: «Орой мэниктэри бэйэҕин истэргэ, ылынарга үөрэтэр бэрт интэриэһинэй  ээ. Сороҕор олус умсугутуулаах да диэххэ сөп. Эн хайдах дии саныыгын?” Мин, олоҕум устата уһуйбут учууталым ити тылларын, өрүү саныыбын.

Билигин мин эһэм олоҕун анаабыт оскуолатыгар кини төрүттээбит үтүө үгэстэрэ сайдан, тупсан иһэллэр. Хас биирдии саҥа кэлбит учуутал анал уһуйааччытын кытта сымнаҕастык, дьоһуннаахтык, уолуһуйбакка, тиэтэйбэккэ идэ кистэлэҥнэрин үөрэтэр. Наставничество (уһуйуу) биир олус үтүө ньыматынан педагогическай айаҥҥа арахсыбакка алтыһыы киирэр.

Наставничество — эппиэттээх, улахан суолталаах үлэ. Манна учуутал ис туруга, үөрэнэргэ аһаҕас буолара дириҥ суолталаах. Уһуйууну аныгылыы тьюторство уонна коучинг курдук өйдөбүллэри кытта булкуйар сатаммат. Уһуйуу учуутал буолан кэлбит эдэр киһи үөрэх тэрилтэтигэр ылбыт анал профессиональнай билиилэрин чиҥэтэргэ, олоххо табыгастаахтык туһанарыгар, оҕону кытта үлэ үөрүйэхтэрин баһылыырыгар туһуланар.

Арыаллааһын диэн аатырар бу судургу ньыма. Арыаллааһын диэн тыл суолтата – арахсыбакка батыһыы. Педагогическай арыаллааһын  учуутал үлэлиирин тухары баар буолар. Идэ үөрүйэхтэригэр уһуллуу, оҕо уратытын үөрэтии, эйгэҕэ иитэр-сырдатар үлэни ыытарга туһуланыы. Арыаллааһын куонкуруска бэлэмнэнии, аттестацияны ааһыы, итэҕэстэри туоратыы түһүмэхтэригэр, тугунан да солбуллубат көдьүүстээх көмөнөн буолар. Уһуйааччы арыаллыыр эдэр коллегатын ис туругун эмиэ биллэрбэккэ, сэмээр  кэтиир, санаа түһүүлээх уустук түгэннэргэ, эбэтэр кыайыы өрөгөйүгэр өрүү аттыгар буолар, ханнык да кэми сөптөөхтүк уйарга, ылынарга үөрэтэр. Харыстыыр, араҥаччылыыр. Киһи тапталынан, болҕомтонон иитиллэр.

Биллэн турар, уһуйааччы улугурбатын, хал буолбатын, улаатымсыйбатын, улаханнык санамматын туһуттан, бэйэтэ эмиэ өрүү үөрэнэ сылдьыахтаах. Билигин биһиги оскуолабытыгар үлэлиир биир көдьүүстээх наставничество көрүҥүнэн супервизия буолар. Супервизияны сотору-сотору ааһан биһиги, 56 саастарын ааспыт учууталлар профессиональнай умайыы иэдээнин билбэппит. Бэйэ-бэйэбититтэн үөрэнэ, иитиллэ, ирдэниллэр буоллаҕына дьарыйылла, сэмэлэнэ да турабыт. Ол курдук, мин билиҥҥэ диэри супервизордарбынан Светлана Ивановнаны Саввина, Ульяна Ивановнаны Гуляева, Күннэй Ивановнаны Луковцева, Октябрина Ивановнаны Хаптагаева, Ульяна Жарафовнаны Данилова, Оксана Николаевнаны Гуляева ааттыбын. Мындыр талааннаах учууталлар, дьүөгэлэрим баар буолан, идэ кэннигэр быраҕыллыбакка, эрэллээхтик айаннаан иһэбин.

Наставничество биир үтүө көрүҥэ-хардарыта үөрэтиһии. Биһиги оскуола үгүс сыл тухары үлэлээбит, баай уопуттаах учууталлар быар куустан томтоллон, урукку кыайыыларбытын оҕуруолуу тиһэн, олорон хаалбаппыт. Эдэр коллегаларбытыттан  саҥа технологияларга түргэн-тарҕам суолларынан киирэргэ, иитии-үөрэтии боппуруостарын хорсуннук көрөргө үөрэнэбит. Саха сиэдэрэй оһуорунуу бэйэ-бэйэбитин ситэрсэн биэрэбит. Иҥнэйээри гыммыкка тирэх, ыгыллаары гыммыкка уоскулаҥ буолабыт. Анал алтыһыы кэмигэр эмискэ туох эрэ уратыны, саҥаны көрөбүт.

Биһиги оскуолабытыгар идэ эрэ эргииринэн хааччахтаныы диэн суох. Математика учуутала, тыл үөрэхтээҕэ учууталга урок тутулунн сүбэлиэн сөп. Ол туһуттан кини анаан- минээн литературнай айымньыны ааҕар, ырытар. Биология учуутала ис сүрэҕиттэн умсугуйан туран, технология учууталыгар бырайыак оҥороругар суолталаах тирэх  буолуон сөптөөх. Ситим быстыбат.

Сүүрбэччэ сыл Туора Күөл орто оскуолата эдэр учууталларга аналлаах “На ступеньках роста” диэн улуустааҕы күрэх  тэрийэн ыытар. Бу күрэх сыала –соруга: эдэр учууллар идэтийиилэрин таһымын тургутан көрүү, педагогикаҕа бастакы хардыылары оҥорор учууталлары сайдыы сөптөөх тускулларыгар туһаайыы буолар.

Бу бырайыак ааптарынан Туора Күөл орто оскуолатын дириэктэрэ Оксана Николаевна Гуляева буолар. Улуустааҕы күрэх ыытыллар сылларын тухары, икки сүүсчэкэ араас идэлээх эдэр учууталлар “На ступеньках роста” форумҥа кыттан, бэйэлэрин таһымнарын сыаналанан, үлэлиир хайысхаларын булунан, бэрт ситиһиилээхтик араас оскуолаларга айа-тута, үлэлии-хамсыы сылдьаллар.

Күрэҕи тэрийээччилэр хас сыл ахсын балаҕан ыйыттан саҕалаан, улуус оскуолаларын эдэр учууталларын туһунан информацияларын толорон-ситэрэн биэрэрэллэр, кинилэр профессиональнай уратыларын кэтээн көрүү үлэтин ыыталлар. Ити күрэх бастакы бэлэмниир түһүмэҕинэн буолар.

Күрэх үс сүрүн түһүмэхтэн турар: уруогу бэлэмнээн ыытыы, оҕолору кытта коллективнай айар дьыаланы тэрийии уонна анал педагогическай ыйытыктарга оруннаах хоруй биэрии. Бу күн учууталлар бэйэлэрин айар талааннарын көрдөрөн, ыллыыр- туойар, үҥкүүлүүр, хоһоон ааҕар дьоҕурдарын көрдөрөллөр. Күрэххэ мустубут эдэр учууталлар сатабыллаахтык тэриллибит үлэ эйгэтигэр бэйэлэрин биир идэлээхтэрин кытта алтыһаллар, күүтүллүбэтэх мэһэй үөскээтэҕинэ, түргэнник сөптөөх быһаарыныыны ыларга, оҕолору үөрэнэ үөрэтэр  үөрүйэхтэри баһылыырга уһуллаллар.

Күрэҕи тэрийээччилэр бу конкурс эрэ кэминэн муҥурдаммакка, хас биирдии эдэр учуутал идэтигэр солуур суолун-ииһин билэ-көрө, кэтии олороллор. Эдэр учууталлар күрэхтэригэр буспут-хаппыт, тургутугу ааспыт педагогтар араас үрдүк таһымнаах  куонкурустарга салгыы бэрт ситиһиилээхтик кытталлар.

Билигин Таатта улууһугар үлэлии сылдьар талааннаах бастыҥ учууталлар  үксүлэрэ “На ступеньках роста” күрэх тургутугун ааспыттара. Кинилэргэ күрэх «профессиональнай лифт» оруолун оонньообута. Эдэр учууталлар-куонкурус кыттааччыларын ортотугар, биллэн турар, атын улуустарга, Дьокуускай куоракка  ситиһиилээхтик үлэлии сылдьар учуутал олус элбэх.

Туора Күөл орто оскуолата тэрийэр профессиональнай, эдэр учууталларга аналлаах “Наступеньках роста” форум быйыл 17-с сылын үрдүк таһымнаахтык ыытылынна. Күрэххэ уон үс араас идэлээх учууталлар кэлэн бэрт тупсаҕайдык толкуйдаммыт, дьиҥ чахчыы үөрэтэр, дириҥ билиини биэрэр уруоктары ыыттылар, оҕолору кытта сүрдээх интэриэһинэй сайыннарар оонньуулары ыыттылар, мини-бырайыактары толкуйдаатылар, уустук педагогическай ыйытыктарга хоруйдаатылар. Эдэр учууталлар коллегаларын уруоктарыгар сылдьан, элбэх саҥаны биллилэр, саҥа толкуйдарга киирдилэр. Күрэх түмүгүнэн муҥуутуур кыайыылааҕынан А.Е. Мординов аатынан Тааттатааҕы лиссиэйгэ үлэлиир история учуутала А.Е. Миронов ааттанна.

Туора Күөл орто оскуолатыттан саҥа үлэлээн эрэр физика учуутала Марков Николай Эдуардович эппиэтинэстээхтик бэлэмнэнэн, олус сэргэхтик, харахха быраҕыллардыы кытынна.

“Коллективнай айар дьыала” түһүмэххэ иккис миэстэни ылан, учуутал бастыҥа буолан эрэрин туоһулаан, барыбытын үөртэ.

Саха сатаабатаҕа, кыайбатаҕа суох. Учуутал үлэтэ уунаҥнатар, устугастыыр бокуой биэрбэт, түргэнник уонна хаачыстыбалаахтык саҥаны баһылаан, саҥа суоллары тургутан айаннаан иһэри ирдиир. Уһуйааччы төрөппүт кэриэтэ. Кини сүрэҕин сылааһынан, билиитин, талаанын, сатабылын күүһүнэн саҥа учуутал чочуллан, тыыллан-хабыллан тахсар.  Туора Күөл орто оскуолатын эдэр учууталлара улууска, өрөспүүбүлүкэҕэ да, куруутун инники күөҥҥэ сылдьаллар. Үөрэнэллэр. Сайдаллар. Араас күрэхтэр тургутуктарын кыайыылаахтык ааһаллар. Дьүлэй сирин талааннаах учуутала Уйбаан Омуоһабыс Гуляев эппитинии, мэник-тэник да оҕону бэйэлэрин иһитиннэрэ, ылыннара, убаастата үөрэтэллэр.

Үөрэт, үөрэн, үлэлээ!

Үтүө суолга үтэлээ:

Сайдам майгы саламаатын,

Кыынньар кымыс- кыайыы баатын,

Алаадьыны аартык дьолун,

Үрүмэни тулуур дуолун,

Үтүө санаа үөрэттин,

Сүөгэй тылбыт кэрэтин,

Билии бастыҥ көбүөрүн.

Үөрэнээччиҥ өрүү үөрдүн,

Эйиигинниин үөһээ көттүн!

Байҕал устун уһуннун,

Үтүө айаҥҥа туруннун!

Арассыыйа үөрэхтээһинин Бочуоттаах үлэһитэ, СӨ үөрэҕириитин туйгуна, РФ президенин «Лучшие учителя России» гранын кыайыылааҕа, М.Е. Николаев » Знанием победишь» фонд лауреата, 327 сыл педстажтаах Кириллиннэр педагогическай династия баһылыга, үрдүк категориялаах нуучча тылын, литературатын учуутала

Лилианна Эрнстовна Егорова.

Читайте дальше