Э.К.Пекарскай аатынан Игидэй орто оскуолата, олохтоох дьаһалта, бэтэрээн сэбиэтэ, «Анна Павловна Варламова » аатын сүгэр нэһилиэк түмэлэ куолаан кэлэр кэнчээри ыччакка улахан суолталаах тэрээһини тэрийдилэр.
Ол курдук,»Аҕа дойдуну» уоттаах сэрии толоонугар хорсуннук көмүскээбит сэрии бэтэрээннэрин, сэрии кэмигэр үлэнэн фроҥҥа күүс — көмө буолбут «тыыл бэтэрээннэрин» оҕолоро кэлэн ахтан-санаан аастылар, патриотическай тыыны иҥэрдилэр.
Үс күн устата сүһүөхтэринэн арахсан түөрт кылаас чааһа нэһилиэк түмэлэр истиҥ-иһирэх эйгэҕэ ыытылынна.
Оҕолор байыаннай таҥастарын кэтэн кэлэн оччотооҕу эйгэҕэ киирэн, буолан ааспыт кырыктаах историяны эттэринэн-хааннарынан биллилэр.
7-8 кылаастарга ыытыллыбыт кылаас чааһыгар, ыҥырыылаах ыалдьыт быһыытынан кыттыыны ыллылар: Нэһилиэк аҕа баһылыга Марков Егор Алексеевич, оҕолорго бүгүҥҥү ыытылла турар акция суолтатын, ис хоһоонун быһааран биэрдэ. Нэһилиэкпит хорсун буойуттарын, тыыл бэтэрээннэрин өйдүү-саныы сылдьалларын, кинилэр оҥорбут үтүө, хорсун дьыалалара хаһан да үйэлэргэ умнуллубатын туһунан бигэтик санатта.
Көрсүһүүнү иилээн-саҕалаан ыытта нэһилиэк бэтэрээн учуутала, бэтэрээн сэбиэтин чилиэнэ София СемёновнаПахомова.
История учуутала Иванова Саргылаана Алексеевна оҕолорго ол кэмнээҕи историческай быһыыны-майгыны сааһылаан өйдөттө.
Сэрии толоонугар хорсуннук сэриилэспит буойуттар тустарынан, кинилэр оҕолоро, сиэннэрэ Уолбаттан төрүттээх сэрии бэтэрээнэ Ермолаева Зинаида Николаевна аҕатын туһунан олус үчүгэй ахтыыны оҥордо. Бу ахтыыттан Зинаида Николаевна аҕата сэрииттэн кэлэн иһэн Белоруссияттан төрүттээх ийэтин, белорус кыыһын кэргэн ылан, уонтан тахса оҕоҕо күн сирин көрдөрөн, дьоллоохтук олорбуттарын туһунан кэпсээн оҕолор киэҥ сэҥээриилэрин ылла.
Сэрии толоонугар алта бырааттыы Тимофеевтар баран хорсуннук «Ийэ дойдуларын көмүскээбиттэрин» туһунан, сиэн кыыстара Егорова Мария Григорьевна олус истиҥник кэпсээн оҕолору сөхтөрдө.
Бу кэпсээнтэн Дэбдиргэҕэ олус сэмэй, хорсун-хоодуот Тимофеевтар бииргэ төрөөбүт уолаттар олорон ааспыттарын оҕолор биллилэр.
Олус долгутуулаах түгэнинэн буолла, ийэлэрэ барахсан улаатан көмөлөһөр саастара буолбут алтыс уолун сэриигэ, өлөр өлүү айаҕар атаарарыгар абатыттан тэлгэһэтин күрүөтүн маһынан сынньан харааста хаалбыта диэн, дьон-сэргэ ахтыыта баара барыбытын долгутта.
Пахомова София Семёновна ахтыытыттан аймахтыылар уһун кэмҥэ көрсүбэккэ гынан баран, ыраах сэрии толоонугар көрсүбүттэрин туһунан долгутуулаах түгэни сырдатта.
Маны таһынан ыҥырыылаах ыалдьыт быһыытынан, бэтэрээннэр Сэбиэттэрин бэрэссэдээтэлэ Аргунова Анна Константиновна кыттыыны ылла, оҕолорго ыллыктаах санаатын тиэртэ.
Тыыл бэтэрээнэ, «Баһаарынай сулууспа туйгуна» бэлиэ хаһаайына «Сталин төбөлөөх мэтээлинэн» наҕараадаламмыт Марков Константин Николаевич туһунан кыыһа Ефимова Варвара Константиновна ахтан-санаан ааста.
Тэрээһини иилээн-саҕалаан сүрүннэспит дьоммут «Варламова Анна Павловна» аатынан түмэл салайааччыта Лопатина Татьяна Эдуардовна , дириэктэри иитэр үлэҕэ солбуйааччы Захарова Любовь Николаевна , история учуутала Иванова Саргылаана Алексеевна, сэттис кылаас салайааччыта Баннова Наталья Борисовна,8 кылаас салайааччыта Габышева Александра Васильевна нэһилиэк аҕа баһылыгыттан «Сыллааҕы халандаары» бэлэх туттулар.
Кэлбит ыалдьыттарга оҕолор бэйэлэрин ырыаларын уонна тыыннаах сибэккилэри, өйдөбүнньүк хартыыналарын бэлэх ууннулар.
Бу курдук, Игидэй нэһилиэгэр кэлэр кэнчээри ыччакка улахан иитэр суолталаах үлэ, көхтөөхтүк ыытылла турар.
Медиа-оскуола иитиллээччилэрэ хас биирдии кылаас чааһын видеоролик устан үйэтитэллэр.
Варвара Ефимова, саха тылын уонна литературатын учуутала.