Бу күннэргэ улуус баһылыга Михаил Соров Украинаҕа анал байыаннай дьайыыга сулууспалыыр уоппускаҕа кэлэ сылдьар биир дойдулаахтарбытын, ньургун уолаттарбытын, боотурдарбытын көрүстэ.

Биир уолбут отделение хамандыыра, былырыын күһүҥҥүттэн сулууспалыыр, иккиһэ танкист, бааһырыы ылан баран, эмтэнэ сылдьар, үһүс уол бааһыран балыыһаҕа эмтэнэ сылдьар эбит, төлөпүөнүнэн сибээскэ тахса сырытта.

Михаил Михайлович боотурдары кытта бүгүҥҥү байыаннай балаһыанньа, улуус анал байыаннай дьайыыга сулууспалыыр буойуттар дьиэ кэргэттэригэр, бэйэлэригэр көмө тэрийэр штабын  үлэтиттэн билиһиннэрдэ.

Бу күннэргэ Октябрьскай нэһилиэк баһылыга Андрей Семенов, Игидэй нэһилиэгин баһылыга Егор Марков, Степан Петров, Николай Мочкин улуустааҕы штаб аатыттан гуманитарнай көмө тэрийэн, тепловизор, харыстанар сеткалары, харысхаллары, буойуттарга анал дьиэ кэргэттэрин кэһиилэрин илдьэн, икки бөлөҕүнэн үлэлээн, сыалы- соругу ситиһэн иһэллэр..

Уолаттар кэпсээннэрэ эр киһилии татым, ол эрэн баары баарынан: киһи санаалаах, туу сүрэхтээх.

Уустук балаһыанньа  баар бөҕө буоллаҕа, ол эрэн уолаттар санаалара бөҕөх. Эр дьүһүнүгэр баар дииллэринии, оҕолорбут ис туруктара кытаанаҕа, киэҥ көҕүстээхтэрэ, дэбигис ымыттыбат санаалаахтара биллэр.

Сэһэргэһии кэмигэр ыччаттарбытын көрө олорон, дойдуларыгар тапталлара, ахтылҕаннара кинилэргэ бөҕө тыыл, харыстабыл, араҥаччылыыр күүс буоларын уратытык сүрэхтэригэр – быардарыгар иҥэринэ сылдьаллара буолуо диэн санаатым.

Улуус баһылыга Михаил Соров уолаттарга улуус дьаһалтатын махтал суругун уонна саха быһаҕын бэлэх уунна, алгыс тылларын эттэ.

Улуустааҕы социальнай харалта салаатын начальнига Михаил Тарасов штаб аатыттан үрүҥ көмүстэн оҥоһуллубут , Мандар ууһунан алгыстаммыт харысхал бэлиэтин туттарда.

Оттон биһиги санаабыт биир – дойдуга балаһыанньа тупсан, оҕолорбут этэҥҥэ эргиллэн, дьоллоох олох салҕанарыгар.

Видео You Tube: https://youtu.be/Rv-r0JTqq2Y

https://youtu.be/IavcWg9nzS8

Автор: Анна Посельская

Читайте дальше