Ийэ тылбыт төлкөлөөх түөрэхтэрэ

Ийэ тыл уонна сурук-бичик күнүн көрсө Чөркөөхтөөҕү история уонна политсыылка музейыгар “Саха тылын сайдыытын кэрчиктэрэ” диэн ааттаах саҥа быыстапка аһылынна.

Киһи манна сөҕө көрөрө 1818 сылтан саҕалаан таҥара саҥатын сахалыы, олохтоохторго тиийэр гына аҕабыыттар сүбэлэрин холбоон тылбаастаан таһаарбыт бастакы кинигэлэрэ көрдөрүүгэ туруорулунна.

Таҥара кинигэтин сэргэ 1858 сыллаахха Москваҕа саха тылын кылгас грамматикатын протоиерей Дмитрий Хитров оҥорбут кинигэтэ биир боччум миэстэни ылар. Бу Дмитрий Хитров таһаарбыт кинигэтин 1982 сыллаахха музейга саха тылын эйгэтигэр биллэр учуонай Е.И.Убрятова тус архыыбыттан бэлэхтээбит. Кинигэ политсыылынай   Николай Алексеевич Виташевскай диэн тус бэчээттээх. Ол аата көскө кэлбит судаарыскайдар бу кинигэттэн саха олоҕун-дьаһаҕын, тылын-өһүн үөрэтэргэ туһаммыттара көстөр.

—         1899 сыллаахха Дьокуускайга Сибиряковскай экспедиция үбүлээһининэн Эдуард Карлович Пекарскай тылдьыта бэчээттэнэн тахсыбыта, — диэн кэпсиир музей сотруднига Изабелла Жерготова.

Салгыы Изабелла Яковлевна бу курдук кэпсиирин истиэххэ:

“Бу сыл олунньу ыйыгар Дьокуускай куоракка Епархиальнай миссионерскай иһинэн тылбаас хамыыһыйата тэриллибитэ  125 сылын туолла. Маны тэҥэ 1924 сыллаахха олунньу 16 күнүгэр саха суругун-бичигин сэбиэтэ тэриллибитэ 100 сыла буолар. Онон бу бэлиэ-төгүрүк дааталарга анаан саха тыла сайдыбыт кэрчиктэрин кэпсиир быыстапкабытын бар дьоммутугар анаатыбыт. Быыстапкабытыгар Э.К.Пекарскай тылдьыта толору көрдөрүллэр. 1899 сыллаахха Саха сиринээҕи уонна Бүлүүтээҕи епископ Никанор эрдэ сахалыы уонна нууччалыы тахсыбыт таҥара кинигэлэрин түмэн, хаттаан көрөн таһаарар туһуттан тэрийбит тылбаас хамыыһыйатын тэрийбитэ. Бу хамыыһыйаҕа Тааттаттан төрүттээх оччолорго дьякон Федор Сивцев киирбитин бэлиэтээн көрдөрбүт. Онон көрөөччүлэрбит аҕабыыт Сүөдэр Сивцев олоҕун билиэхтэрэ, кини сулууспатыгар туттубут үрүҥ көмүс потира  көрдөрүүгэ туруорулунна. Быыстапкаҕа сахалыы тылынан эрдэтээҥи катехизис, канонник, частослов кинигэлэри уурдубут, сахалыы саҥарбыт таҥара кинигэлэрин, “Премудрости сына Сирахова” уо.д.а., Боотуруускай улууска суруксуттаабыт Р.Ф.Кулаковскай дьиэтээҕи архыыбыттан “Евангелие”, протоиерей Дмитриан Попов   Эргэ Заветтан илиинэн суруйбут үлэтин профессор Ф.Г.Софронов бэлэхтээбитэ дьон болҕомтотун тардыаҕа. 1924 сыллаахха тэриллибит саха суругун-бичигин сэбиэтин үлэтин Былатыан Ойуунускай бэйэтинэн салайбыта. Ол кэмнэртэн саҕалаан саха тылыгар суолталаах Новгородов алфабитыттан   саҕалаан төрөөбүт ийэ тылбыт билиҥҥи халыыбын ыларыгар төлкөлөөх түөрэх түһэрбиттэрин, онно үлэлээбит дьоммутун ахтан-санаан ааһабыт”,

— диэн бэлиэтээн эттэ. Маны сэргэ Чөркөөх музейын бастакы директора, кыраайы үөрэтээччи Л.Н.Григорьева коллекциятыттан бастакы бэчээттэнэн тахсыбыт сэдэх кинигэлэр быыстапка долбууругар уурулунна.

Светлана ХАЛГАЕВА.

Хаартыскаларга төрөөбүт тылбыт сайдыытыгар, суругар-бичигэр түөрэх бырахпыт бастакы кинигэлэр; И.Я.Жерготова быыстапканы кэпсиир.

Читайте дальше