Эн эрэ буолаҕын
Сүрэҕим аҥара, олоҕум аргыһа.
Ытык ыалларбыт, дьоһун дьоннорбут
Таатта улууһугар Дьиэ кэргэн, таптал уонна бэриниилээх буолуу кэрэ-бэлиэ күнүн көрсө Ытык ыалларбыт Лидия Ивановна Тихонова, Пантелеймон Карлович Мартынов ыал буолбуттара 65 сыллара туолан — «Тимир таас кэргэнниилэр» уонна Татьяна Дмитриевна, Егор Степанович Неустроевтар сүбэлэрин холбоон бииргэ олорбуттара 55 сыллара үүнэн — «Изумруд таас кэргэнниилэр» ахсааннарыгар киирэн, Таатта улууһун кэргэнниилэрин «Бочуотун кинигэтин» III-с чааһыгар киирэр үөрүүлээх күннэрэ үүннэ.
Былыр-былыргыттан төрүт өбүгэ саҕаттан «саха таптала – үйэлээх тапталынан» үрдүктүк сыаналанара. Үүнэр көлүүнэҕэ үтүө холобур буолар, улуус киэн тутта ааттыыр ыаллара Мартыновтар 1958 сыллаахха Ийэ айылҕа кыыдааннаах кыһынтан уһуктан, сандал саас салаллыыта Айыыһыт ыйын 5 күнүгэр, онтон Неустроевтар, сайын үгэннээн турар кэмигэр, 1968 сыллаахха Аан Алахчын ыйын 10 күнүгэр сүрэхтэрин холбоон, ыал буолуу туоһу суругун туппуттара.
Дьоро күн үөрүүлээх тэрээһинин Гражданскай турук аахталарын суруйар управление салайааччыта Нария Пестрякова иилээн-саҕалаан ыытта.
ЗАГС үлэһитэ Нария Пестрякова дьоһун-мааны ытык ыалларга 65 уонна 55 сыл анараа өттүгэр ыал буолуу эппиэтинэһин ылыммыт бэлиэ түгэннэрин санатар саахса кинигэтигэр илии баттаабыт докумуоннарын көрдөрдө. Элэс гыммыт эдэр саас эрчимнээх кэмнэрин туоһулуур кинигэ — ыал буолуу маҥнайгы түгэннэрин кэрэһэлээн, ааспыт кэм үйэлээх өйдөбүнньүгүнэн буолла.
Дьиэ кэргэн, таптал, бэриниилээх буолуу күнүнэн Лидия Ивановнаҕа, Пантелеймон Карловичка уонна Татьяна Дмитриевнаҕа, Егор Степановичка СӨ Ил Дархана Айсен Николаев эҕэрдэ суруга туттарылынна. Таатта улууһун дьиэ кэргэнин салаатын салайааччыта Иван Иванов Ытык ыалларга Таатта улууһун Аҕа баһылыга Михаил Соров аатыттан кэрэ көстүүлээх айылҕа хартыынатын, эҕэрдэ суругу, сибэкки дьөрбөтүн туттарда, истиҥ тыллардаах ылбаҕай ырыаны бэлэх уунна.
Бигэ туруктаах, бөҕө тирэхтээх Неустроевтар дьиэ кэргэҥҥэ Иван Иванов өрөспүүбүлүкэ салалтатын аатыттан СӨ Ил Дархана Айсен Николаев «Таптал, бэриниилээх буолуу» үрдүк аатын сүгэр түөскэ иилиллэр анал мэтээли, аныгылыы сиэринэн оҥоһуллубут сахалыы симиир иһити уонна сэмэй бэлэхтэри туттарда.
Биэс оҕо ийэтэ, 27 сиэн, 16 хос сиэн эйэҕэс эбэтэ Татьяна Неустроева уһуннук бииргэ дьоллоохтук олоруу сүрүн кистэлэҥэ: «Эйэлээх буолуу, үлэ, доруобуйа, оҕолорум, сиэннэрим, таптыыр кэргэним аттыбар баарыттан дьоллонобун. Кэргэммэр олус мааныбын, аттыбар кыратык даҕаны суох буоллаҕына суохтаһабыт. Барытыгар бииргэ сылдьабыт», — диэн санаатын үллэстэр.
Дьоһун ыалларга Тааттыныскай нэһилиэк баһылыга Е.И. Павлов аатыттан нэһилиэк Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Мария Бондарева истиҥ эҕэрдэтин этэн туран, сэмэй бэлэхтэри туттарда.
Үөрүүлээх түгэҥҥэ Таатта улууһун элбэх оҕолоох эдэр ыалларга анал бырагыраама чэрчитинэн дьиэни атыылаһарга, эбэтэр саҥа дьиэтин дьэндэтэргэ туһуламмыт 1170 тыһ. солк. туоһу сурук Николай, Майя Доргуевтарга уонна Алексей, Елизавета Ефимовтарга туттарылынна.
Дьиэ кэргэн бөҕө тирэҕэ – норуот инники кэскилин сүрүн акылаата. Ытык иэһи чиэстээхтик толорор, холобур буолар дьиэ кэргэн ахсаана элбии, ыраас тапталга, истиҥ сыһыаннаах эйгэҕэ иитиллэр көлүөнэ үксүү турарыгар баҕарыаҕыҥ.
You Tube видео: https://youtu.be/zkA0tZPG5-0
Автор: Мария Павлова