Ил Дархан нэдиэлэтэ: Айсен Николаев үлэтин сүрүн түгэннэрэ

Тохсунньу 15 күнэ. Ил Дархан Бырабыыталыстыба чилиэннэрин уонна дьаһалтатын салайааччыларын иннигэр соруктары туруорда. Айсен Николаев онкологическай диспансерга медицинскэй оборудованиены аҕалыыга сорудах биэрдэ. Эбийиэги арыйыы бу ый бүтүүтүгэр былааннанар.

Өрөспүүбүлүкэ баһылыга РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин бигэргэппит Дьокуускай уонна Нерюнгри куораттары сайыннарыы маастар-былааннарын олоххо киллэриигэ дойду Бырабыыталыстыбатын быһаарыныыларын  толорорго дьаһайда. Миниистирдэр кабинеттара соторутааҕыта Уһук Илин 16 куоратын 3,5 трлн солкуобай сууммалаах уһун болдьохтоох социальнай — экономическай сайдыыларын былаанын таһаарбыта.

 

Маны сэргэ Айсен Николаев интэриэстээх дьоҥҥо РФ Бырабыыталыстыбатын өссө биир дьоһун быһаарыытын тиэрдэргэ эттэ. Ол курдук, тутуу салаатыгар туһата суох 100 — чэ административнай процедуралары сарбыйдылар.

 

Ил Дархан былаанныыр мунньахха суолга быһылааннар тахсыыларын тохтотор туһугар эбии дьаһаллары ылынарга соруйда. Кини Саха сиригэр сыл саҕаланыаҕыттан 16 суол быһылаана тахсыбытын бэлиэтээтэ. Ити түмүгэр 4 киһи өллө. Балартан үксүлэрэ улахан таһаҕас таһар массыыналары кытары сибээстээх. Тэҥнээн көрөр буоллахха былырыын 11 суол быһылаана тахсыбыт.

 

Тохсунньу 15 күнэ. Ил Дархан Дьокуускай куоракка «Азия оҕолоро» норуоттар икки ардыларынааҕы спортивнай оонньуулары бэлэмнээһиҥҥэ тэрийэр кэмитиэт мунньаҕын ыытта.

«Бу сыл сүрүн тэрээһининэн өрөспүүбүлүкэбитигэр – «Азия оҕолоро» буолуохтара. Биһиги оонньуулары үрдүк таһымнаахтык тэрийэн ыытыахтаахпыт», — диэн бэлиэтээтэ Айсен Николаев.

Сүбэ мунньахха спорт эбийиэктэрин, кыттааччылар олорор, аһыыр сирдэрин– уоттарын, докумуоннары бэлэмнээһин уонна волонтердары хомуйуу боппуруостарын дьүүллэстилэр.

Айсен Николаев  спортивнай эбийиэктэр өрөмүөннэрин сыл бастакы кыбартаалыгар бүтэрэ охсор соругу туруорда. «Туймаада» стадиоҥҥа сорох үлэ сылаас кэмҥэ ыытыллар буолан, бэс ыйыгар бэлэм буолуохтаах. Маны сэргэ Ил Дархан эрчиллиилэр уонна оҕунан ытыыга күрэхтэһии ыытыллыахтаах «Юность» стадиону эмиэ өрөмүөннүүр туһунан быһаарыныы ылынарга соруйда.

Саха сирин Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин солбуйааччыта Сергей Местников иһитиннэрбитинэн, бүгүн Дьокуускай куорат 9 спортивнай эбийиэгэр өрөмүөн үлэтэ бара турар. Саамай улахан эбийиэккэ – «Туймаада» стадиоҥҥа футболлуур хонууну, сүүрэр суолу, трибуналары уларытыахтара. Маны сэргэ улахан үлэ «Дохсун», «Эллэй Боотур», «Триумф» комплекстарга уонна «Чолбон» бассейнҥа ыытыллар.

 

Тохсунньу 16 күнэ. Ил Дархан «Саханефтегазсбыт» хампааньыйа 2023 сылга үлэтин — хамнаһын түмүктэрин көрдө.

 

«Хампааньыйа үлэтиттэн өрөспүүбүлүкэ үгүс сирин — уотун олоҕо-дьаһаҕа  тутулуктаах. Уустук навигацияны, сыана үрдээһинин кытта сибээстээх ыарахаттар баалларын үрдүнэн тэрилтэ туруоруллубут соруктары толордо», – диэтэ Айсен Николаев. «Саханефтегазсбыт» 2023 сыл түмүгүнэн оҥорон таһаарааччылартан быһа 254 тыһ. туонна эбэтэр 105,4% ниэп бородууктатын атыыласта. Хампааньыйа эргиэҥҥэ ситимин нөҥүө 223 тыһ. туонна ниэп бородууктатын атыылаата. 2022 сылы кытта тэҥнээтэххэ ниэп бородууктатын таҥастыыр өҥөтүн кээмэйэ 15 тыһыынча туоннанан улааппыт.

 

Тэрилтэ саҥа эбийиэктэри тутууга былаанын – 100%, сүрүн пуондалары өрөмүөннээһин былаанын – 126% толорбут. Ол курдук, 2020 сылтан 2023 сылга диэри хампааньыйа 408 емкостной резервуары өрөмүөннээбит.

 

Тохсунньу 16 күнэ. Айсен Николаев өрөспүүбүлүкэ наукатын академиятын төрөөбүт тыллары үөрэтиигэ, харыстааһыҥҥа уонна сайыннарыыга киинин салайааччыта, педагогическай наука доктора, профессор Феодосия Габышеваны кытта көрүстэ.

Салайааччылар көрсүһүүгэ тыл бэлиитикэтин, өрөспүүбүлүкэ научнай- техническэй сайдыытын судаарыстыбаннай бырагырааматын, Арассыыйа наукатын академиятын, Арассыыйа үөрэҕириитин академиятын кытта бииргэ үлэлээһин боппуруостарын туһунан кэпсэттилэр.

Ил Дархан саха тылын, хотугу сир төрүт олохтоох аҕыйах ахсааннаах норуоттарын тылларын сайыннарыыга үлэ улахан суолталааҕын уонна салгыы ыытыллыахтааҕын бэлиэтээтэ. Манна үөрэх тэрилтэлэрин учебниктарынан, төрөөбүт тыллары үөрэтиигэ методическай пособиеларынан хааччыйыыга уонна саҥа информационнай технологиялары туһаныыга улахан болҕомто ууруллуоҕа.

 

Тохсунньу 16 күнэ. Хаҥалас улууһугар научнай — технологическай кластеры тутуохтара. Ил Дархан СӨ кэлэр көлүөнэлэрин тус сыаллаах пуондатын генеральнай дириэктэрэ Владимир Егоровы уонна өрөспүүбүлүкэ наукатын аччыгый академиятын ректора Василий Павловы кытта көрүстэ. Көрсүһүүгэ «Ленскэй кыраай» научнай — технологическай кластеры тэрийии боппуруостарын дьүүллэстилэр.

 

«Научнай — технологическай кластер соругунан – аныгы технологиялары сайыннарыы, наука ситиһиилэрин өрөспүүбүлүкэ экэниэмикэтигэр туһалаах бородууксуйаҕа кубулутуу буолуохтаах», — диэтэ Айсен Николаев.

 

Научнай — технологическай кластеры Хаҥалас оройуонугар, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бастакы бэрэсидьиэнэ Михаил Николаев төрөөбүт дойдутугар Саха сирин  наукатын аччыгый академиятын баазатыгар арыйарга былаанныыллар. Маныаха бастатан туран киэҥ билиилээх-көрүүлээх специалистары түмүөххэ наада.

 

Тохсунньу 16 күнэ. Ил Дархан СӨ кэлэр көлүөнэлэрин тус сыаллаах пуондатын уонна «Барҕарыы» национальнай пуонда 2023 сыллааҕы үлэлэрин түмүгүн көрдө. «Өрөспүүбүлүкэ Бастакы бэрэсидьиэнэ  Михаил Николаев көҕүлээһининэн тэриллибит коммерческайа суох тэрилтэлэр бүгүн бөдөҥ бырамыысалыннай хампааньыйалары кытта бииргэ үлэлэһиигэ улахан суолталаах соруктары быһаараллар», — диэтэ Айсен Николаев.

 

Кэлэр көлүөнэ тус сыаллаах пуондата кэлиҥҥи кэмҥэ үгүс социальнай бырайыактары олоххо киллэрдэ уонна улахан тэрээһиннэри ыытта.

 

Ол курдук, «ИННОСФЕРА-2023»  куонкурус чэрчитинэн «Эльгауголь» хампааньыйа көмөтүнэн оҕолорго аналлаах 10 инновационнай киини арыйда уонна үөрэх эйгэтигэр үлэлиир дьоҥҥо иккис сылын куонкурус тэрийэн ыытта. Саха сирин  педагогическай эйгэтин сүүс бастыҥ бэрэстэбиитэллэрэ 100 тыһыынча солкуобайдаах бириэмийэни туттулар.

 

Маны сэргэ пуонда ОДЬКХ уонна энергетика министиэристибэтин кытары «2019-2024 сылларга Бүлүү бөлөх улуустарыгар уунан хааччыйар тиһиги сайыннарыы» бырагырааманы олоххо киллэриигэ кыттар. Сүрүн үбүлээһин «АЛРОСА» хампааньыйа суотугар барар.

 

Мииринэй оройуонун кытта сөбүлэһии чэрчитинэн Мииринэй куорат 1 № — дээх орто оскуолатын иккис куорпуһун тутууну ыытар. Маны сэргэ «Таас-Юрях Нефтегазодобыча» тэрилтэни кытта Светлэй бөһүөлэккэ эрэгийиэннээҕи техническэй кэллиэс баазатыгар «ниэп уонна гаас бырасыастарын толору цикллаах фабриката» бырайыагы олоххо киллэрсэр. Итини таһынан пуонда Хаҥалас улууһугар өрөспүүбүлүкэ наукатын аччыгый академиятын баазатыгар «Ленский край» научнай — технологическай кластеры тэрийиинэн дьарыктаныаҕа. Бу кэлэр көлүөнэлэр Пааркаларын тутуу кэнниттэн Саха сирин биир сүрүн бырайыага буолуоҕа.

 

СӨ кэлэр көлүөнэлэрин тус сыаллаах пуондатын генеральнай дириэктэрэ Владимир Егоров бэлиэтээбитинэн, ааспыт сылга 1 млрд солкуобайтан тахса сууммалаах сиэртибэлээһин киирбит. Итинтэн сүрүнэ – «АЛРОСА» хампааньыйаттан.

 

Тохсунньу 16 күнэ. Айсен Николаев Элиэнэтээҕи холбоһуктаах өрүс пароходствотын ааспыт сыллааҕы үлэтин түмүгүн көрдө.

 

«2023 сылга тэрилтэ улахан үлэни ыыппыт. Барыта 1 мөлүйүөн 350 тыһыынча туонна таһаҕас тиэллибит. Кэккэ объективнай төрүөтүнэн ити былааннаммыт көрдөрүүттэн намыһах, ол эрээри хампааньыйа туруоруллубут сүрүн соруктары толордо», – диэтэ Ил Дархан.

 

Тэрилтэ инвестиционнай бырагырааматынан 2030 сылга диэри 57 саҥа уу аалларын тутарга былаанныыр, ол иһигэр 50-ни Жатай уу аалларын тутар баазатыгар. Айсен Николаев манна чэпчэтиилээх лизинг механизмнарын туһанарга сорудахтаата.

 

Ил Дархан тэрилтэ иннигэр каадырдары бэлэмнээһиҥҥэ, федеральнай структуралары кытта Яна, Индигир өрүстэргэ дириҥэтии үлэтин ыытар соруктары туруорда. Ааспыт сылга Аллараа Яна бөһүөлэккэ уунан таһаҕаһы тиэрдиигэ уустук балаһыанньа Яна чычааһырыытыттан тахса сырытта. Кэлин итинник Индигиргэ эмиэ буолуон сөп диэн сабаҕалааһын баар.

 

Тохсунньу 17 күнэ. Ил Дархан  ГТРК «Саха», «Россия 24» телеканаалларга өрөспүүбүлүкэ олохтоохторун ыйытыыларыгар хоруйдаата. Айсен Николаев Дьокуускайга онкологическай киини тохсунньу бүтүөр диэри үлэҕэ киллэриэхпит диэн эттэ. Өссө биир улахан суолталаах этиитинэн Дьокуускай уонна Нерюнгри куораттар маастар — былааннарын олоххо киллэриигэ 560 млрд солкуобайтан тахса үп көрүллэрэ буолар. Маны сэргэ кини Саха сирэ уонна Запорожскай уобалас киинэ хайысхатыгар уопсай бырайыагы олоххо киллэриигэ үлэлэһэллэрин иһитиннэрдэ.

 

Тохсунньу 17 күнэ. Айсен Николаев «Сахатранснефтегаз» хампааньыйа 2023 сылга үлэтин түмүгүн уонна быйылгы былаанын көрдө.

 

«Ниэп, гаас салаатыгар тутаах хампааньыйабыт «Кыһыл-Сыыр-84 км» магистральнай гаас турбатын тутуу чэрчитинэн Саха сирин киин өттүн гааһынан хааччыйыыга судаарыстыбаннай соруктары быһаарар уонна социальнай гаастааһыҥҥа улахан үлэни ыытар. 2023 сылга күүстээх үлэҕит иһин тэрилтэ салалтатыгар уонна кэллэктиипкэ махталбын биллэрэбин. Производственнай былааннары аһары толордугут. Ити түмүгэр «Социальнай гаастааһын» бырагырааманы олоххо киллэриигэ Саха сирэ эрэгийиэннэр ортолоругар Уһук Илиҥҥэ 1 миэстэни уонна дойду үрдүнэн 10 миэстэни ылла», — диэн эттэ Айсен Николаев.

 

Хампааньыйа генеральнай дириэктэрэ Алексей Колодезников РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин көҕүлээбит  «Социальнай гаастааһын» бырагырааманан Саха сиригэр 3550 киллэһик гаас турбата тутуллубутун, 117 км гаас ситимэ тардыллыбытын уонна 2907 дьиэ-уот холбоммутун иһитиннэрдэ.

 

«Кыһыл-Сыыр-84 км» магистральнай гаас турбатын тутуу салгыы ыытыллар. Билиҥҥитэ ситим 71 км тутулунна. Маны сэргэ Накыыннааҕы руда хонуутугар магистральнай турбаны тутуу саҕаланна. Бу Ньурба уонна Сунтаар улуустарын гаастааһыҥҥа кэскили арыйар суол. Итини таһынан Соҕуруу уонна Арҕаа Саха сиригэр гаастааһын үлэтэ салгыы ыытыллар.

 

Тохсунньу 18 күнэ. Ил Дархан Алмаасэргиэнбаан 2023 сылга үлэтин түмүгүн уонна 2024 сыллааҕы былаанын көрдө.

«Бу өрөспүүбүлүкэ саамай улахан баана. Тэрилтэ Саха сиринээҕи үп — харчы тиһигэр улахан суолталаах. Баан 2023 сылы ситиһиилээх түмүктээтэ», — диэтэ Айсен Николаев.

 

Алмаасэргиэнбаан бырабылыанньатын бэрэссэдээтэлэ Николай Долгунов баан үпкэ- харчыга көрдөрүүтэ улаатан иһэрин бэлиэтээтэ.

 

Итини таһынан былырыын баан өрөспүүбүлүкэ былааһын толорооччу уорганнарын кытта «Саха сирин олохтооҕун каартатын» туһаныыны кэҥэтиигэ үлэлэстэ. Бүгүн маннык каартаны 137 тыһ. кэриҥэ киһи ылла.

 

Алмаасэргиэнбаан Саха сиригэр национальнай бырайыактары олоххо киллэриигэ көхтөөхтүк үлэлэһэр. Оскуолалары, оҕо саадтарын, доруобуйа харыстабылын, култуура эбийиэктэрин, суоллары, аэропортары тутууга кыттар. «Олорор дьиэ уонна куорат эйгэтэ» национальнай бырайыак чэрчитинэн дьону хаарбах дьиэттэн көһөрүү бырагырааматынан бүгүҥҥү күҥҥэ 108,9 тыһ. кв. м. уопсай иэннээх, элбэх кыбартыыралаах 64 дьиэ үлэҕэ киирэрэ күүтүллэр. 2018 сылтан ылата Алмаасэргиэнбаан кыттыылаах барыта 200 — тэн тахса эбийиэк тутулунна уонна быйыл 80- ча эбийиэк тутулла  турар.

 

Тохсунньу 18 күнэ. Айсен Николаев РФ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин солбуйааччыта — РФ Бэрэсидьиэнин Уһук Илиҥҥэ  боломуочуйалаах бэрэстэбиитэлэ Юрий Трутнев 2023 сылга Уһук Илини сайыннарыыга үлэ түмүктэрин көрүүгэ ыыппыт мунньаҕар кытынна.

 

«Юрий Трутнев Уһук Илин түргэнник сайдыыта улахан суолталааҕын бэлиэтээтэ. Дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин бу XXI үйэҕэ сүрүн сорук буоларын биллэрбитэ. Маннык сыһыан Саха сиригэр киэҥ саҕахтары арыйар. 2023 сыл түмүгүнэн өрөспүүбүлүкэ экэниэмикэтэ 2,3 трлн солкуобайга диэри улаатта. Бу көрдөрүүнү дьоммут-сэргэбит туруу үлэлэринэн уонна Арассыыйа Бэрэсидьиэнин уонна Бырабыыталыстыбатын күүстээх өйөбүлүнэн ситистибит», — диэтэ Айсен Николаев.

 

Бэлиэтээн эттэххэ, 2023 сылга Саха сирин эрэгийиэн иһинээҕи баалабай бородууктата  2,3 трлн солкуобайга диэри улаатта. Ити 2022 сыллааҕы көрдөрүүттэн 3,5% улахан. Бырамыысалыннас оҥорон таһаарыытын 2022 сылга тэҥнээтэххэ -102,9%. Хаһааҥҥытааҕар да элбэх инвестиция киирдэ — 715 млрд солкуобай (2022 сылтан 5% улахан). Сыл иһигэр 56 социальнай эбийиэк тутулунна, ол иһигэр 30 национальнай бырайыактар чэрчилэринэн. Чуолаан доруобуйа харыстабылыгар 20 уонна физкультураҕа уонна спортка 8 эбийиэк үлэҕэ киирдэ. 2023 сылга – 705 тыһыынча кв. м иэннээх олорор дьиэ үлэҕэ киирдэ.  Бу 2022 сыллааҕы көрдөрүүттэн  20,7 %  элбэх.

 

 

 

Афанасий Ноев

Читайте дальше