Балаҕан ыйын 18 күнэ. Ил Дархан өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыстыбатын чилиэннэрин уонна СӨ баһылыгын уонна бырабыыталыстыбатын дьаһалтатын салалтатын кытта былаанныыр мунньаҕы ыытта.
Өрөспүүбүлүкэ оттук сезонугар киириитин, хоту таһаҕаһы тиэйии, тутуу үлэтин түмүктээһин, ону тэҥэ национальнай бырайыактары олоххо киллэрии боппуруостарын көрдүлэр.
Айсен Николаев дойду бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччыта Марат Хуснуллин салалталаах эрэгийиэннэри сайыннарыыга судаарыстыбаннай хамыыһыйа 12 эрэгийиэҥҥэ, ол иһигэр Саха сиригэр хочуолунайдары модернизациялааһыҥҥа барыта 8 млрд солкуобайы көрөргө быһаарбытын эттэ. Бу дьаһаллары олоххо киллэриигэ СӨ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччыта Дмитрий Садовников эппиэттээҕинэн ананна.
Ил Дархан «Дойдуга эньиэргийэни кэмчилээһин уонна энергетическэй көдьүүһү үрдэтии» кэлим судаарыстыбаннай бырагырааманы олоххо киллэриигэ болҕомтотун уурда. Бу үлэ сыалынан дойду экэниэмикэтигэр эньиэргийэни туһаныы көдьүүһүн 2035 сылга 35% улаатыннарыы буолар.
Ил Дархан өрөспүүбүлүкэ тустаах министиэристибэлэригэр суол тутуутун уонна реконструкциялааһынын, туристарга модульнай отеллары тутуу боппуруостарын учуоттуур федеральнай бырагыраамаларга үлэлэһэргэ дьаһайда.
Айсен Николаев былаанныыр мунньахха Дьокуускайга летнай училищеҕа саҥа дьиэни тутар сири быһаарарга, Дьокуускай куорат дьаһалтатын кытта «Сулустаах» микрооройуоҥҥа киирии суоллары өрөмүөннээһин боппуруоһун көрөргө сорудах биэрдэ.
Балаҕан ыйын 19 күнэ. Саха сиригэр Уһук Илиҥҥэ бастакы «Оскуола 21″арыллыаҕа. Айсен Николаев уонна «Сбербанк» Байкааллааҕы баанын бэрэссэдээтэлэ Александр Абрамкин Дьокуускайга «Оскуола 21» арыйыы үлэтин хаамыытын бэрэбиэркэлээтилэр.
Айсен Николаев Сбербанк өрөспүүбүлүкэ экэниэмикэтигэр уонна социальнай эйгэтигэр ирдэнэр каадырдары бэлэмниир усулуобуйаны тэрийэрин бэлиэтээтэ.
Александр Абрамкин Сбербанк маннык оскуолалары арыйыыга үөрүйэхтээҕин, маны бүтэрбиттэр үлэ ырыынагар ирдэнэллэрин, ИТ-хампааньыйаларга үлэлии киирэллэрин эттэ.
Оскуола үс мэндиэмэннээх киэҥ — куоҥ кампуһа Ойуунускай уулуссатыгар турар. Манна бүгүн өрөмүөннүүр үлэ түмүктэнэн эрэр. Оскуола үс мэндиэмэнигэр автоматизированнай оробуочай миэстэлэри, оонньуур, сынньанар зоналары тэрийдилэр. Оскуолаҕа үөрэтии босхо буолуоҕа.
«Оскуола 21» кыһаҕа оҕолору үөрэтии сбербанк анаан оҥорбут геймифицированнай платформатыгар ыытыллар. Бу технологическай бородуукта оскуола методологиятын өйүүр уонна сайыннарар, үөрэх бырагыраамаларын түргэнник уларытар, ырыынак тутаах ирдэбиллэригэр тирэҕирэн, үөрэнээччилэр ирдэниллэр үөрүйэхтэри, билиини ылалларыгар көмөлөһөр технология буолар.
«Тэҥнээх тэҥнээххэ» методика коллективнай үөрэҕи, биир хамаандаҕа үлэни эрэйэр. Бу хас биирдии үөрэнээччигэ бэйэтин тус хайысхатын тутуһарга уонна бириэмэтин туһанарга көмөлөһөр.
«Оскуола 21» кыһалар бүгүн Москваҕа, Казаньҥа, Новосибирскайга уонна Сургутка үлэлииллэр, Великэй Новгородка уонна Дьокуускайга аһыллыахтаахтар.
Балаҕан ыйын 21 күнэ. Ил Дархан өрөспүүбүлүкэ судаарыстыбаннай сүбэһитэ Вячеслав Штырову кытта Саха сирин социальнай — экономическай сайдыытын боппуруостарын дьүүллэстэ.
Вячеслав Штыров Айсен Николаевы өрөспүүбүлүкэ баһылыгын быыбарыгар эрэллээх кыайыытынан эҕэрдэлээтэ. Кини маны сэргэ Айсен Николаев салайар «Биир ньыгыл Арассыыйа» баартыйа Ил Тумэҥҥэ быыбарга ситиһиитин бэлиэтээтэ.
Көрсүһүүгэ Саха сирин агропромышленнай комплексын сайыннарыы, транспорт эйгэтигэр каадырдары бэлэмнээһин, култуурунай нэһилиэстибэ эбийиэктэрин харыстааһын уонна чөлүгэр түһэрии боппуруостарын, итиэннэ эрэгийиэн кэлэр 5 сылга олоххо киллэриэхтээх бырагыраамаларын көрдүлэр. Чуолаан саҥа технологиялары олоххо киллэриини, тыа хаһаайыстыбатыгар оҥорон таһаарыыны көҕүлээһини, сири — уоту арендаҕа биэриини уонна бас билии ыйытыыларын ырыттылар.
Туспа боппуруоһунан авиационнай техническай училищеҕа үөрэнэр куорпуһу тутуу, бу салааҕа специалистары бэлэмнээһин буолла. Жатайга устар ааллары оҥорор эбийиэги тутуунан сибээстээн бүгүн өрөспүүбүлүкэҕэ уу транспорын институтугар специалистары бэлэмнээһин структуратын уларытыы ыйытыыта турар. Көрсүһүүгэ итиэннэ уу транспорын эйгэтигэр идэ суолтатын үрдэтиигэ уонна эрэгийиэҥҥэ специалистары тутан хаалыыга сыһыаннаах боппуруостары көтөхтүлэр.
Балаҕан ыйын 22 күнэ. Айсен Николаев Альберт Авдоляны уонна Александр Исаевы кытта өрөспүүбүлүкэ «ЭЛСИ» хампааньыйаны кытта салгыы бииргэ үлэлиир былааннарын ырытыста. Тэрилтэ Саха сиригэр Элгэтээҕи чох комплексын, Чуумпу акыйаан тимир суолун бырайыактарын уонна «Кэскил туочуката» үөрэх ураты комплексын олоххо киллэрэр.
Көрсүһүүгэ Элгэтээҕи чох комплексын сайыннарыыга сыһыаннаах боппуруостарга ураты болҕомтону уурдулар. 2022 сылга хампааньыйа 20,1 мөл. туонна чоҕу хостоон рекорд олохтоото. Үлэ миэстэтин ахсаанын 14 тыһыынчаҕа тиэртэ (бэдэрээттэһэр тэрилтэлэри учуоттаан). 2025 сылга инбиэстэр чоҕу хостооһуну 45 мөл. туоннаҕа тиэрдэргэ уонна үлэ миэстэтин 20 тыһыынчаҕа диэри элбэтэргэ былаанныыр. Ити туһуттан хампааньыйа саҥа хайа-байытар фабрикалары олоххо киллэрэр уонна 531 км уһуннаах Чуумпу акыйаан тимир суолун тутар. Ити Элгэтээҕи чох комплексын Охотскай муора кытылыгар тутуллар «Эльга» пуорду кытта ситимниэҕэ. Бүгүн тимир суол хайыы-үйэ 200 км тутулунна.
Хампааньыйа эрэгийиэҥҥэ биир бөдөҥ үлэ биэрээччи буолар. Инбиэстэр Элгэтээҕи сиргэ бөһүөлэги олохтуур стратегияны оҥорон, 25 тыһыынча киһи олорор усулуобуйатын хааччыйарга былаанныыр. Маны сэргэ быйыл бэйэтин аэропордун үлэҕэ киллэриэхтээх.
Көрсүһүүгэ Жатайга 2022 сылтан тутуллар «Кэскил туочуката» үөрэх ураты комплексын олоххо киллэрии хаамыытын көрдүлэр. Бырайыак инбиэстэринэн Альберт Авдолян «Новый дом» аһымал фондата буолар. «Кэскил туочуката» Саха сиригэр үөрэх саҥа ньымаларын, ол иһигэр хас биирдии үөрэнээччигэ туспа сыһыаны, олоҕу бырайыактааһын технологиятын туһаныыны уо. д. а. киллэриэҕэ.
«Кэскил туочуката» үөрэх комплексыгар 50- ча дьиэ уонна атын тутуу , ол иһигэр 840 миэстэлээх оскуола, 200 миэстэлээх оҕо саада, бассейннаах спортивнай комплекс, оҕону иитэ ылбыт дьиэ кэргэттэр олорор комплекстара киирэрэ былааннанар. Үөрэх комплексын уопсай иэнэ 63 тыһыынча квадратнай миэтирэ кэриҥэ буолуоҕа. Манна оҕолору босхо үөрэтиэхтэрэ.
Балаҕан ыйын 22 күнэ.
Ил Дархан «Хоту» наука — үөрэх киинин кэтээн көрөр Сэбиэтин мунньаҕын ыытта.
Айсен Николаев киин үлэтин стратегиятыгар уларытыылары киллэрэллэрин туһунан эттэ. 2021-2024 сылларга НҮК сүрүн соругунан – бизнес бэрэстэбиитэллэрин уонна дойду субъектарын салайааччыларын үлэҕэ кыттыһыннарыы этэ. 2025-2030 сылларга «Хоту» наука-үөрэх киинин сүрүн сыалынан наукаҕа тирэҕирэн саҥа бородууксуйаны оҥоруу уонна дьон олоҕун- дьаһаҕын хаачыстыбатын үрдэтии буолуоҕа.
Айсен Николаев от ыйын 21 күнүгэр дойду Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин солбуйааччыта Дмитрий Чернышенко ыыппыт аан дойду таһымнаах наука — үөрэх кииннэрин Сэбиэтин мунньаҕар «Хоту» НҮК үлэтин түмүктэрин билиһиннэрбиттэрин санатта. Манна чинчийээччилэр, бырайыактыыр хамаандалар үлэлэрэ үрдүктүк сыаналаммыта.
2022 сыл түмүгүнэн «Хоту» НҮК аан дойду таһымнаах наука-үөрэх кииннэрин иккис бөлөҕөр – туруктаах сайдыы бөлөҕөр киирдэ уонна 121 мөл. солкуобайдаах грант ылла.
«Эрэгийиэннэр социальнай — экономическай сайдыыларын быһаарар көрдөрүүлэринэн «Хоту» НҮК аан дойду таһымнаах түөрт киин ахсааныгар киирдэ. Бу улахан ситиһии», — диэн бэлиэтээтэ Айсен Николаев.
Балаҕан ыйын 23 күнэ. Ил Дархан Москваҕа Судаарыстыбаннай Дума дьокутааттарын, Судаарыстыбаннай Дума доруобуйа харыстабылыгар кэмитиэтин бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччыта Федот Тумусовы уонна транспортка уонна транспорт инфраструктуратын сайыннарыыга кэмитиэт бэрэссэдээтэлин солбуйааччыта Юрий Григорьевы кытта көрүстэ. Салайааччылар Саха сирин транспорын инфраструктуратын уонна доруобуйа харыстабылын эйгэтин сайыннарыыга бииргэ үлэлэһии боппуруостарын ырытыстылар.
Айсен Николаев уонна Юрий Григорьев чуолаан дойду Бэрэсидьиэнэ Элиэнэ муостатын тутууга уонна транспоры сайыннарыыга сорудахтарын толорууну дьүүллэстилэр. Юрий Григорьев эрэгийиэн иһигэр пассажирдары таһыы ороскуотун толуйуу бэрээдэгин уларытар туһунан этии киирбитин эттэ. Субсидияны эрэгийиэн бүддьүөтүттэн буолбакка, федеральнайтан ыытарга диэн. Ону тэҥэ уу транспорынан пассажирдары таһыыга эбиллибит сыанаҕа нолуок нулевой ставкатыгар федеральнай сокуоҥҥа уларытыылары киллэрии туһунан кэпсэттилэр. Бу нормативнай докумуону ылыныы өрөспүүбүлүкэ сиригэр — уотугар өрүс маршруттарынан сырыы сыанатын чэпчэтиэҕэ.
Маны сэргэ Айсен Николаев уонна дьокутааттар көрсүһүүгэ Саха сирэ федеральнай бырагыраамаларга кыттыытын ыйытыыларын көрдүлэр.
Афанасий Ноев.