Олунньу 22 күнүгэр Таатта улууһун киинигэр Ытык Күөлгэ Саха өрөспүүбүлүкэтигэр итэҕэлгэ үлэлии, тарҕата сылдьар дьон муһуннулар. Мунньаҕы өрөспүүбүлүкэтээҕи геокультурнай институт, Таатта улуһун салалтата тэрийдэ. Судаарыстыбаннай сүбэһит Андрей Борисов, Таатта улууһун баһылыга Айаал Бурцев, саха итэҕэлин түмээччи Павел Ксенофонтов, Тааттатааҕы норуот айымньытын дьиэтин салайааччыта Гаврил Вырдылин иилээн-саҕалаан ыытта.

Тэрээһини Далбар Хотуттар арчылаатылар. Саха норуотун тумус туттар киһитэ Борис Федорович Неустроев — Мандар Уус киирии тылы эттэ. Итэҕэл араас хайысхатыттан 100-тэн тахса киһи кыттыыны ылла. Уопсайа 36 киһи тыл эттэ, 26 эр киһи, 10 кэрэ аҥар. Сүрүннээн итэҕэлгэ тугу үлэлээбиттэрин, инники былааннарын иһитиннэрдилэр. Сонунтан сонун, ураты ис хоһоонноох этиилэри иһиттибит. Бэйэ-бэйэбитин байытыстыбыт. Сэттэ чаас ааспытын билбэккэ хааллыбыт.

Ачыат Васильевич Иванов былыргы алгыһы оҥорбутугар бары ойон туран, эппит тылын хатылаатыбыт. Өбүгэлэри кытары холбуур алгыс буоларын бэйэбитинэн биллибит.

Мунньаҕы https://www.youtube.com/live/KP2cldi6ItY?si=_ibUbC8Vq21GU5G1

https://youtu.be/9fetqDAbtRU?feature=shared

сигэлэринэн киирэн көрүөххүтүн сөп. Мунньах боротокуола тарҕаныаҕа.

Андрей Саввич Борисов түмүк тылыгар бары сөбүлэһэр өйдөбүллэрбитигэр куоластаатыбыт уонна кулун тутар ыйга Дьокуускайга итэҕэл Сүбэтин мунньаҕа буоларын иһитиннэрдэ. Таатта улууһун ылбаҕай ырыаһыттара Лариса Попова, Иван Потапов оһуохайы оройуттан туттулар.

Итэҕэлгэ үлэлиир дьоммут тылларын-өстөрүн, санааларын истэн баран, бу курдук түмүккэ кэллибит. Саба бырахтахха, биһиги итэҕэлбит биир. Аҕыйах тылтан уонна өйдөбүлтэн мөккүөр үөскүүр. Төһөнөн хайысхаларбыт күүскэ үлэлииллэр даҕаны итэҕэлбит хас биирдии киһиэхэ киирэр. Биһиэнэ айылҕаттан тэйэ илик дьиҥ итэҕэл буолар. Сахалар баар буолуохпутуттан күн бүгүнүгэр диэри тиийэн кэллэ. Аны биһиги итэҕэлбитигэр атын омуктар сүгүрүйүүлэрэ элбиир туруктаах. Кэнэҕэһин хоту омук итэҕэлигэр Аан дойду барыта киириэҕэ. Киһи-аймах айылҕаны кытары өйдөһөн олорор буолуохпут. Бүгүҥҥү муҥутуур кыһалҕабыт — оҕолорбутугар итэҕэли сыһыарыы. Сүүһүнэн сылларга тиийэн кэлбит өйдөбүллэрбитин биһиги көлүөнэ мэлитэр туруктаахпыт. Биһиги оҕолорбутун саха тылын, итэҕэлин иҥэрэрбитин таһынан, кинилэр оҕолорун оннук иитэллэрин ситиһиэхтээхпит. Ол эбэтэр, сиэннэрбит сахалыы тыыннаах, итэҕэллээх хаалыахтаахтар. Хас биирдии төрөппүт бу сүрүн соругу өйдүөх уонна бэйэтин өттүттэн үлэ күүскэ ыытыах тустаах.

Гаврил Вырдылин,

Тааттатааҕы норуот айымньытын дьиэтин салайааччыта.

Читайте дальше