IV Өрөспүүбүлүкэтэҕи педагогическай Хакатон-2024

Төрдүс төгүлүн ыытыллар Өрөспүүбүлүкэтээҕи Педагогическай Хакатон – 2024 кулун тутар 13- 15 күннэригэр С.Н.Донской – II аатынан үөрэх үлэһиттэрин идэлэрин үрдэтэр институтутун көҕүлээһининэн, институт директора Павлов Ньургун Михайлович ааптардаах буолан ааста.

Манна Өрөспүүбүлүкэ араас улуустарыттан уонна Дьокуускай куорат оскуолалатарыттан, IT — кулууптарыттан уонна уһуйааннарыттан 9 хамаанда финалга тахсан 3 кун устата араас мобильнай сыһыарыылары, сайтары оҥорууга бырайыактарын уонна бэлэмнээбит цифровой үлэлэрин көмүскээтилэр. 4 чилиэннээх эксперт көрүүтүн түмүгэр: 1 миэстэни “IT – КУБ” хамаандата ылары ситистэ, 2 миэстэ5э – “Школа – 39” та5ыста, 3 миэстэни – “Майалар” хамаанда ылла.

Биһиги детсадпыт “Стимул” хамаандата тилэх баттаһа төрдүс буолан, “Лучшая методическая разработка» номнация хаһаайына буолла. Бу күрэххэ быйыл 3 уһуйаан кыттан, оскуола программистарыттан уратыта суох, сорохтору баһыйар да гына кыттыыны ылбыттарыттан экспертар соһуйдулар, «уһуйааннар итэҕэһэ суохтук үлэлии олороллор”- эбит диэн сөхтүлэр. “Стимул” хамаанда кыттыллаахтырын өссө биир үрдүк ситиһиилэринэн эҕэрдэлиибит уонна оҥорбут үлэлэрэ өссө сайда, үгүс ситиһиилэнэ турарын баҕарабыт!

Светлана Расторгуева.

Читайте дальше