Ааспыт XX үйэ 70 сылларыттан Таатта улууһугар ыҥырыыга сылдьар эдэр эрдэҕиттэн күнүһү-түүнү аахсыбакка бастыҥ электросварщик быһыытынан сылайары-элэйэри билбэккэ салалта дьаһалынан уонна дьон, үлэ кыһалҕата модьуйарынан илиитин ньыппарынан туран таһаарыылаахтык үлэлээбит киһинэн Иван Андросов буолар.
Иван Афанасьевиһы эдэр сааһыгар коммунальнай хаһаайыстыба салайааччыта Прокопий Прокопьевич Захаров үөрэттэрэ ыыппыта. Кини 22 сааһыттан электросварщик идэтин баһылаан, кэлин салайар үлэһиккэ тиийэ үүммүтэ. Оччолорго Ытык Күөл бөһүөлэгэр Софрон Боппойоновтан (Петров) ураты, бары олус эдэр, саҥа саҕалаан эрэр сварщиктар этилэр. Онон үгүстэрэ Софронтан быраактыка ааһан үөрэммиттэрэ. Эдэр сварщиктар бэйэ-бэйэлэриттэн үөрэнэллэрэ эмиэ үгүс этэ. Иван Афанасьевич Андросовтаахха саҥа испэсэлиистэр аармыйа кэнниттэн Дьокуускайга сварщик идэтин бүтэрэн кэлбит Максим Николаевич Михайлов, төрүт ханна да үөрэммэтэх, бэйэтэ үөрэнэн идэни баһылаабыт Олег Викторович Сидоров, Павел Егорович Григорьев, Владимир Пантелеймонович Христофоров, Авксентий Прокопьевич Захаров уо.д.а. үгүстүк сүбэлэтэллэрэ.
Иван Афанасьевич араас сылларга таһаарыылаах үлэтин иһин ылбыт бэрт үгүс бочуоттаах грамоталара, дипломнара, үгүс махтал суруктара үлэһит үтүөтэ буоларын туоһулууллар. Аны ити докумуоннарга эбии үлэ киһитэ Таатта улууһун ОДьКХ кэллэктиибэ бэчээттээбит «Дьон туһугар — үйэ аҥара» (2010 с.), «Сырдыгынан, сылааһынан сыдьаайа» (2015 c.) кинигэлэргэ, итини таһынан «Таатта» хаһыат 2002 c. от ыйын 23 күнүгэр таһаарбыт Александр Постников – Сындыыс «Улуус биир бастакы электросварщига», И.Н. Павлов «Көмүс илиилээх сварщик» диэн ыстатыйаларга сварщиксалайааччы быһыытынан үлэтэ тиһиллибитэ.
Туох-ханнык иннинэ, аан бастаан Иван Афанасьевич бэйэтин кэпсээнин истиэххэ: «Быйыл коммунальнайга үлэҕэ киирбитим (ККПиБ) 1974 c. үйэ аҥара, 50 сылын туолар. Оччолорго начальник кырдьаҕас коммунист Прокопий Прокопьевич Захаров этэ. Прорабынан Аҕа дойдуну көмүскүүр сэрии бэтэрээнэ Роман Кузьмич Луковцев десятник, биригэдьиир Иннокентий Павлов, механик, партком Иван Петрович Винокуров, кассир Анна Егоровна Аргунова, кэлин прорабынан Владимир Васильевич Григорьев, экэнэмииһинэн Надежда Николаевна Грачева, отдел каадырынан Антонина Егоровна Кононова, кылаабынай бухгалтерынан Аҕа дойду сэриитин бэтэрээнэ Николай Лонгинович Аргунов, электригинэн Николай Максимович Михайлов, Аҕа дойду сэриитин бэтэрээнэ Петр Андреевич Кычкин, оробуочайынан эмиэ сэрии бэтэрээнэ Николай Павлов, мин тэрилтэҕэ үлэлии киирэрбэр 5 Аҕа дойду Улуу сэриитин бэтэрээннэрэ үлэлииллэрэ. 1995 сыллаахха Суоттутааҕы СПТУ-19 слесарь-сантехник, электросварщик идэтигэр тэрилтэм коммунальнай тэрилтэтин хайысхатынан ситиһиилээхтик үөрэнэн бүтэрэн кэлэрбэр маннык испэсэлиис суоҕа. Уопсай дьиэлэр систиэмэлэрин кэлин омуктар таҥан оҥорор этилэр. Коммунальнай тэрилтэ «Хоту» маҕаһыын кэннигэр 4 иккилии этээстээх дьиэлэрэ квартира аайы бэйэлэрэ оттунар кирпииччэ оһохтоох, уу систиэмэлээхтэрэ. Бастаан утаа, систиэмэлэр өрөмүөннэрин оҥорорум, илиинэн ууну хачайдаан, носуостарын өрөмүөннүүр этим. Тэрилтэлэр хочуолунайдара билиҥҥи курдук буолбатах, барыта сир анныгар тураллара. Носуоһа суох уу бэйэтэ эргийэн (циркуляция) барара. Хочуоллар үксүлэрэ ыстаалтан оҥоһуллубут туруору тимир (самовар) буолар этэ. Куруук тэстэн, турбалара бүөлэнэн, ол хочуоллары сойутан баран истэригэр киирэн элбэх тэрилтэ хочуолун сваркалаан, турбаларын ыраастаан, ол кэннэ хат сваркалаабыт буолуохтаахпын. Хочуолунай аллараа өттө иһэ, сып-сылаас уу. Хочуол иһигэр киирдэххинэ кып-кыараҕас буолар, «вызываю огонь на себя» диирим, үөһэттэн сваркам уота ардах курдук үрдүбэр саккырыы түһэрэ. Хата, таҥаһым барыта бириһиэн буолан, тэйитэн иһэрэ, хоонньубар эрэ киирбэтэр-түспэтэр диэн, ол саккырыыр уоту тулуйарым. ити үлэлии сылдьан төһөлөөх сваркам буруотун, чаанын, сылаас оһох күлүн «сиэбитим» буолла, оһох иһэ сылааһа бэрт буолан, төһөлөөх тириппитим-хоруппутум буолла?! ОДьКХ аварийнай биригээдэтигэр маастардыы а.э. салайааччылыы сылдьан, дьоммун кытта тэҥҥэ үлэлэһэрим. Бэйэм тустаах үлэм таһынан тэрилтэм салайааччыларын дьаһалларынан, үксүн үлэ чааһын кэнниттэн түүннэри сотору-сотору оройуон киинин хочуолунайдарыгар тахсар аварияларга бэйэни харыстаммакка үлэлиирбит. Оройуон нэһилиэктэрин тэрилтэлэрин хочуолунайдарыгар, эбийиэктэригэр, трассаларыгар сотору-сотору буолар аварияларга күнү-дьылы аахсыбакка үлэлиирбит», — диэн ахтыытын биир түгэниттэн сырдатта.
Сүгэ кыайбатаҕын сүбэ кыайар
1979 сыллаахха саас хаардаахха халлаан тымныытыгар мин култуура салаатын сэбиэдиссэйинэн үлэлиир кэммэр тыйаатырбыт сир анныгар үс хомуллан туруоруллубут чугуун «Универсал-6» оһохтооҕо. Биир үтүө күн эбиэт саҕана Райсовет бэрэссэдээтэлин солбуйар бэрэссэдээтэл Алексей Егорович Турнинныын хонтуорабыт кэтэх аанынан тахсан дьиэбитигэр эбиэттии бараары тугу эрэ кэпсэтэ истэхпитинэ хочуолбут турбата «Тойотторум, дьэ, көрүҥ, бу үтүө дьүһүммүн. Эһиги эрдэ өрөмүөннээбэтэххит түмүгэр кыһыны кыайан туораабакка бүттэҕим» диэбиттии биһиги иккиэн көрөн турдахпытына уот быһа сиэбит сиринэн быстан, ортотунан тостон, туох да улахан тыаһаууһа суох харахпыт ортотугар аргыый сууллан, буруо-тараа бөҕө буолан, улаханнык соһуппута! Ити үлүгэрдээх алдьархайы көрөн баран, хантан эбиэттии барыахпытый, тыйаатырбын быыһаары саҥа турбаны оҥорон туруоттара охсор кыһалҕатыгар сүүрдүм. Онон-манан сварщик уолаттары көрсөн, көрдөһө сатаан мэлийэн баран, син өр эрэйдэнэн баран, хата баччаҕа кэлэр быаҕа, Иван Андросовы булан, тылбар нэһиилэ киллэрэн, ити күнтэн ыла саҥа турбаны оҥоруу үлэтин саҕалаабыппыт. Иван ылыммыт үлэтин бүтэрэ охсоору уонна тыйаатырбытын тоҥорумаары саҥа буочукалары холбооһуҥҥа түүннэри үлэлээбитэ. Турба олоҕун саҥардан оҥоруу кэнниттэн турбаны, буочукалары салҕаан, сваркалаан оҥорууну Иван өр гымматаҕа. Турбабыт сваркаланан бүтүүтэ, «Сельхозтехника» автокрана кэпсэппит кэммитигэр аатырбыт үтүө үлэһит, мындыр киһи, крановщик Иван Федорович Львов кэлбитэ. Онно тыйаатыры тоҥууттанхатыыттан быыһаан, «Сүгэ кыайбатаҕын сүбэ кыайарын» икки Иваннарым көрдөрөн туралларын хаһан да умнубаппын. Кинилэргэ билиҥҥээҥҥэ диэри улаханнык махтанабын! Кырдьыга кыаллыбаты кыайбыттара. Дьиҥэ, оччолорго күүскэ махтамматах, хаһыакка суруйбатах буруйдаахпын ким да билбэккэ, истибэккэ хаалбыта.
Аны 1980 сыллаахха Ытык Күөл бөһүөлэгэр сайыҥҥы водопроводы тардыыга үлэ бөҕөнү маастар сварщик Иван ыыппыта. Сайыҥҥы водопроводы киллэриигэ бииргэ үлэлээбит доҕотторо Анатолий Николаевич Дурнев, Гречуха Владимир бириэмэни, сылайары аахсыбакка үлэлээбиттэрин Иван Афанасьевич улаханнык астына киэн тутта кэпсиир. Ытык Күөл маҥнайгы водокачкатын Прокопий Прокопьевич Захаров, ОДьКХ салайааччыта Иван Афанасьевич эмиэ доҕорунаан Афанасий Николаевич Дурневтыын сылайары-элэйэри аахсыбакка түүннэри-күнүстэри монтажтаан үлэҕэ киллэрбиттэрэ.
Норуот суруйааччыта Д.К. Сивцев — Суорун Омоллоон биир сүбэнэн Таатта Эбэни туоруур тимир муостаны култуура Министерствотын үлэһитэ Иван Софронович Емельянов бырайыагынан Иван Афанасьевич доҕорунаан, биир дойдулааҕа Владимир Пантелеймонович Христофоровтыын сваркалаан оҥорбуттара. Ити сылларга мясокомбинат дириэктэрэ Николай Алексеевич Григорьев көрдөһүүтүнэн оройуонҥа бастакы улахан холодильнай установканы сайыны, күһүнү быһа үлэлээн, соҕотоҕун Иван Афанасьевич үлэҕэ киллэрэн турар. Электросварка үлэтэ баар улахан сэрэхтээх уонна дьиҥэр олус кутталлаах идэлэртэн биирдэстэрэ буоллаҕа эбээт. Ол кэмнэри араас улахан кутталлаах үлэлэри күн аайы оҥорон кэлбит Иван Афанасьевич күн бүгүн курдук ахтар. Кини Авксентий Прокопьевич Захаровтыын оройуоҥҥа икки АЗС оҥорбуттара. Маҥнайгытын Афанасий Николаевич Максимовка «Яколга», иккиһи АЗС Мойуонаҕа И.П. Охлопковка сваркалаабыттара.
Оройуон нэһилиэктэригэр сварщик көмөтө Хара Алдан оскуолата, нэһилиэк култууратын дьиэтэ, балыыһа, хонтуора кыһыҥҥы тымныы оройугар тоҥон, Петр Алексеев аатынан сопхуос дириэктэрэ Семен Гаврильевич Жирков тэрилтэтиттэн бэйэтинэн кэлэн, көрдөһөн, күнүстэри-түүннэри тымныы турбаларга сылаас ууну ыытан, тоҥмут трассалары саҥардан, үлэҕэ киллэрэн, ити ааттаммыт эбийиэктэр тоҥмут радиатордарын уларытан, эбийиэги сылааһынан хааччыйбыттара. Манна Хара Алдан оробуочайдара, механиктара, салайааччылара олус да көмөлөһөн, тэҥҥэ үлэлээбиттэрэ. Дьохсоҕон сельсоветын бэрэссэдээтэлэ Михаил Лукич Архипов ититэр систиэмэлээх эбийиэктэригэр саахал тахсыбытын туоратарга көрдөспүтүн быһа гыммакка ылынан, улахан тымныы оройугар тоҥорухатары аахсыбакка, тахсыбыт саахалы туораппыттара. Бу үлэҕэ сварщиктартан Олег Викторович Сидоров, Серафим Львович Попов уо.д.а тэҥҥэ үлэлэспиттэрэ. Харбалаахтааҕы чох разреһын саҥа тутуллубут гарааһын салайааччыта Иван Иванович Бурнашев көрдөһүүтүн ылынан, улахан чысхаан тымныы сатыылаабытын кэннэ, ити эбийиэктэр уп-уһун трассаларын, гараж систиэмэтин хочуолунай оһоҕун саҥаттан хомуйан үлэҕэ киллэрбиттэрэ. Манна хочуолунай оһохторун Егор Ионович Ючюгяев, Анатолий Павловтыын тоһуттар тымныыга, кинилэр сатыыллара, билэллэрэ, үлэҕэ дьулуурдаах буоланнар хомуйбуттара. Онно уп-уһун трасса сабыс-саҥа турбаларыгар тымныыга сылаас ууну биэрэн кыайбыттара. Киһи куттаныах, тыыннаах уһун эриэн үөн курдук эргичиҥнии, түллэҥнии, араас тыаһы-ууһу таһаарбыт трассалары Харбалаахтар үһүйээн оҥосто сылдьыбыт түгэннээхтэр. Хата кинилэр дьоллоругар, саҥа систиэмэ араастаан тыаһаан-уһаан, хамсаан баран, оннун сыыйа булбута, тулуйбута. Үөрүөх иһин, аны ханан да биир да грамм уу тэстибэтэҕэ. Онно Иван Андросовтаах үлэттэн үөрүү дьолун билэн, бар дьон махталын дьиҥнээхтик билбиттэрэ.
Отчуокка киирбэтэх үлэттэн
Ытык Күөл бөһүөлэгин тэрилтэлэрин тиэхиньикэлэрин сороҕун Иван Афанасьевич күнүс быыһыгар, онтон үксүн үлэ чааһын кэниттэн киэһэ түүн хойукка диэри сваркалыыра. Сваркалатар дьоно бары кэриэтэ СХТ, промкомбинат, быткомбинат, ДРСУ, маслозавод уо.д.а. этилэр. Сельхозхимия, совхозтар, отделениялар суоппардара, трактористара дьиҥэ улахан доҕотторо, табаарыстара этилэр. Сваркалыыр иһин бэрик, хамнас бэйэтэ төрүт көрдөөбөт идэлээҕэ. Кэлин биирдэ сваркалаппыт киһитэ 2, 3, 4 төгүл кэлиитигэр, иэстээҕим курдук кэлэн, эмиэ кэллим диэн сваркалата охсон бараллара. Аны ити кэмҥэ чааһынай ыаллар дьиэни таас чоҕунан сылытар кыра хочуолунайга көһөр кэмнэрэ үүммүтэ. Бу үлэҕэ наадыйааччылар, адьас кэтээн туран үлэлэтэ, илдьэ бараллара. Кини уопсайа 70 тахса ыалы ититии систиэмэтигэр холбообута. Оччолорго кинини кытта сварщиктар Олег Викторович Сидоров, Владимир Миронович Гречуха, Анатолий Николаевич Дурнев уо.д.а. маннык үлэни саҕалаабыттара. Сварщиктар үлэлэрин сыаналааччылар күн бүгүнүгэр диэри ис сүрэхтэриттэн махтаналлар. Норуокка Иван Андросовы таптаан, «Холтуура Уйбаан» диэн аатын чугас доҕоро, бухгалтер атаһа П. Сенькин: «Ваня, кэлэн холтуураҥ харчытын ыла оҕус», — диэн «хамнаскын ыл» суолтаҕа дьонунан илдьит ыытарыттан иҥмитэ.
Бырамыысалыннаска үлэ
Мирнэй куоракка бастаан «Востоксибэлектромонтаж» тэрилтэҕэ сварщигынан үлэлии сылдьан, сотору буолаат, «Алроса ГАЗ-ка» көспүтэ. Онтон салгыы «Айхал» куоракка барар газ магистральнай улахан диаметрдаах турбаларын сваркалыырга, газораспредительнай станциялар ититиллэр систиэмэлэрин монтажтыыр үлэҕэ сылдьыбыта. Онно киэҥ билиини тургутар тест туттаран, эксээмэн туттаран, кытаанах бэрэбиэркэни ааһан, ВСЭМ тэрилтэҕэ үлэлии киирэн, цинкэ шинэлэрин сваркалыырга, паайкалыырга үөрэммитэ. Эдэр эрдэҕиттэн талбыт идэтигэр үрдүкү чыпчаалы дабайары ситиһэн, дойдутугар, Тааттаҕа гааз кэлиитигэр хочуолунайдары киллэрэргэ ыччаты уһуйар, кинилэргэ үтүө сүбэһит буолар баҕа санаалааҕа. Кини таһаарыылаахтык үлэлии сылдьан, Миирнэй куоракка «интернациональнай» шаахта хочуолунайыгар газопровод ситимин тарда сылдьан эмискэ ыалдьан, I группалаах инбэлиит буолбута.
Иван Андросов күн сирин көрдөрбүт ийэтигэр Прасковья Михайловна Башаринаҕа, айбыт аҕатыгар Афанасий Николаевич Андросовка муҥура суох махталлаах. Аҕыс оҕолоох улахан дьиэ кэргэн, үчүгэй ийэлээхаҕалаах буолан бары үтүө үлэһит буолан, дьоҥҥо-сэргэҕэ үтүөтүк сыһыаннаһан, үөрэххэ, билиигэ тардыһыыга кыра эрдэхтэриттэн үөрэммиттэрэ.
«Бу барыта ийэлээх аҕабыт уонна үөрэммит оскуолабыт учууталлара биһигини ииппит, үөрэппит үлэлэрин үтүө түмүгэ буолар», — диэн санаатын үллэстэр. Иван Афанасьевич олоҕун, үлэтин төрөөбүт дойдутун сайдыытыгар анаабыт чэрдээх илиилээх үлэ бэтэрээнэ буолар. Биир дойдулаахтара кини дьоһун олоҕунан, таһаарыылаах үлэтинэн киэн туттабыт. Кини сырдык, үтүө санаата күүстээҕинэн, олоххо тардыһыыта уҕараабатынан, бар дьонугар, дойдутугар итии тапталын ыһыктыбатын холобур оҥостобут!
Николай ПОПОВ,
1967-1972 с.с. совхоз маҥнайгы сүһүөх комсомольскай тэриллиитин сэкэрэтээрэ, үлэ ветерана.