Тааттаттан 1962 сыллаахха Мирнэйгэ тиийэн алмаас промышленноһыгар 40 сыл үлэлээбит Аҕа дойду сэриитин кыттыылааҕа, алмаас промышленноһын бэтэрээнэ, буур маастара, «Бочуот Знага» уордьан кавалера, үлэ пятилеткаларын хас эмэ төгүллээх кыайыылааҕа, НХСБ кыайыылааҕа Василий Петрович Кулаковскай алтынньы 10 күнүгэр төрөөбүтэ 100 үбүлүөйдээх сылын туолла.
Сир ийэ быйаҥа
Сүдү күүс төрүтэ
Кэлэр кэм кэскилэ
Бар дьонум уйгута.
Эйэ дьол куората
Yүнэ — сайда тур
Алмаастаах Мирнэй!
Василий Кулаковскай «Yүнэ — сайда тур Мирнэй» хоһоонуттан.
Василий Петрович Кулаковскай 1923 сыллаахха алтынньы 10 күнүгэр III Дьохсоҕон нэһилиэгэр Ханньас «Ɵлөннөөх» алааһыгар төрөөбүтэ. Аҕата – Петр Степанович Кулаковскай 1873 сыллаах төрүөх олорбут сирэ Ɵлөннөөх диэн Халамнаайыга Саппыйаттан хоту бардахха 3 биэрэстэ сытар. Ийэтэ Анастасия Николаевна Попова Чурапчы Кытаанаҕын Арыылааҕыттан төрүттээх, эрдэ Наммараҕа олорор Федор Прокопьевич Охотин диэн сэкирэтээр киһиэхэ кэргэн тахсан уолланар, кэргэнэ өлбүтүн кэннэ бэйэтиттэн биэс уонча сыл аҕа киһиэхэ — Бүөтүр Кулаковскайдыын холбоһон, үс оҕону төрөтөр. Ийэтэ, Василий 4 саастааҕар, 1927 с. өлбүтэ.
Василий бэйэтэ 4 кылаастаах үөрэхтээх. 1941 с. трактористыыр. 1943 с. Армияҕа ыҥырыллан, 20-й Бурятскай-монгольскай кавалерийскай полкаҕа сулууспалыыр. Улуу кыайыыны Кяхта оройуонугар көрсөр.
Армияттан 1950 с. кэлэн колхуоска үлэлиир. 1951 с. электростанцияҕа машинистыыр. Мас хайыталлара, уот тардаллара. Эдэр Василий Кулаковскай «Молотов», «Сталин», «Бойобуой» колхуостар холбоспуттарын кэннэ, Чөркөөххө кыайан үлэлэппэккэ туруорбут уоту биэрэр локомотив — 25 анал кууруһун куоракка ааһан үлэлэппитэ. Билигин Чөркөөххө Бодоготовтар олорор дьиэлэрин утары үрэх диэки турбута. Ороскуоттаах диэн Томпо улууһунааҕы Теплай Ключтан 2 мотуору аҕалан, хомуйан оҥорбута.
1962 сыллаахха олунньуга аҕата өлбүтэ, кини уҥуоҕун тутаат, Мирнэйгэ барбыта. Онно буровой массыынаттан саҕалаан, БСА-250 буровой станокка тиийэ үлэлээн, пенсияҕа тахсыбыта. Бу үлэни оччолорго үрдүк дисциплината суох киһи тулуйбат этэ. X пятилетка отличнига, элбэх социалистическай күрэхтэһии кыайыылаахтара буолан, «Якуталмазтрест» холбоһукка Бочуот дуоскатыгар тахсыбыта. Барыта «АЛРОСА»-ҕа 40 сыл үлэлээн, алмаас промышленноһын бэтэрээнэ, «Бочуот Знага» уордьан кавалера буола үүммүтэ.
Кэргэнэ Өлүөхүмэттэн төрүттээх Екатерина Ивановна Попова, идэтинэн сибээс үлэһитэ, сержант званиелаах. Кулаковскайдар икки уоллаахтар, улахан уол идэтинэн тутааччы, Мирнэйгэ үлэлиир, оттон кыра уол авиасибээс үлэһитэ. Иккиэн кэргэннээхтэр, оҕолордоохтор.
Биир дойдулаахпыт Василий Петрович Кулаковскай ыччат дьоно бу дьыл атырдьах ыйыгар Алмаас промышленноһын бэтэрээнин дьиэтээҕи архыыбын Чөркөөх музейыгар бэлэхтээн үөртүлэр. Кини сырдык санаата, дьоҥҥо-сэргэҕэ сымнаҕас, амарах сыһыана, кэрэ мөссүөнэ өйбүтүгэр-сүрэхпитигэр үйэлэргэ хаалыаҕа.
Василий Петрович Кулаковскай ыарахаттардаах да буоллар, дьоллоох өйдөбүллээх олоҕу олорон олорон ааспыта. Ону биир дойдулаахтара, үөлээннэээхтэрэ, чугас аймах дьоно, үүнэн иһэр көлүөнэ оҕолоро биллиннэр диэн, Василий Петрович бэйэтин архыыбын докумуоннарын музейга бэлэх уунарга сананныбыт.
Докумуоннарга уордьаннара, мэтээллэрэ, хайҕабыл суруктара, ситиһиилээх үлэтин туоһулуур киниискэлэр, уоттаах сэрии толоонугар сылдьан суруйбут хоһоонноро, сэриигэ кыттыбыт биир дойдулаахтарын, табаарыстарын хаартыскалара бааллар.
Василий Петрович олоҕун суола бар дьонугар улахан суолталаах үтүө холобурунан буолар.
100 сааһын туолар күнүгэр өйдөбүнньүк тэриллиини ыытаргыт буоллар диэн эрэнэбит.
Уолаттара Николай, Георгий, кийииттэрэ Анастасия, Светлана Кулаковскайдар , сиэннэрэ, хос сиэннэрэ.
От ыйа 2023с.
Мирнэй куорат дьаһалтата истиҥ-иһирэх суруктаах диэн 100 сааһын көрсө үйэлээх бэлэҕи оҥорбуттарыгар махтанабыт.
Алмаас промышленноһыгар үтүө суобастаахтык үлэлээбит биир дойдулаахпыт В.П. Кулаковскай үлэнэн киэргэйбит күүрээннээх олоҕун холобур оҥостон төрөөбүт улууһун ыччата промышленноска кыайа-хото үлэлииригэр Таатта улууһун салалтата Мирнэй куорат, үлэлээбит тэрилтэтин дьаһалталарын кытары ыкса сибээһи олохтоон, саҥа кэскиллээх үлэни ыытара буоллар эрэл санаалаах ыстатыйабын түмүктүүбүн.
Изабелла Жерготова, Чөркөөх музейын сотруднига.
Алтынньы 10 к. 2023 сыл.