Сиэҥкэлэр аймах бу дьыл от ыйын 8 күнүгэр, Чычымахха төрөөбүт дьиэбитигэр, сүүрбүт-көппүт тэлгэһэбитигэр ыраахтан-чугастан ыҥырсан түмүстүбүт. Бу күн дьиэ-кэргэн, таптал уонна эрэллээх буолуу күнүгэр түбэспитэ түмсүү суолтатын үрдэттэ, ис хоһоонун байытта.
Биһиги төрөппүттэрбит Ийэбит Елена Еремеевна Васильева – Герой Ийэ, «Гражданскай килбиэн» бэлиэ хаһаайката, Амма нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо этэ.
Аҕабыт Семен Николаевич Васильев Сталинградтааҕы кыргыһыы кыттыылааҕа, элбэх мэтээл, орден кавалера, Таатта улууһун Бочуоттаах олохтооҕо этэ. Кинилэр 65 сыл иллээхтик-эйэлээхтик ыал буолан, олох толору дьолун билэн, олорон ааспыттара. Үлэни өрө туппут боростуой тыа саха ыаллара этилэрэ. Оҕолорун кыра эрдэхтэриттэн үлэнэн бэйэ-бэйэҕэ харысхаллаах, болҕомтолоох буолууга ииппиттэрэ. Билигин бары тус-туһунан ыал буолан олордорбут да, сибээспитин быспаппыт, бэйэ-бэйэҕэ истиҥ, сылаас сыһыаннаахпыт, утум быстыбат, олох салҕанар.
Улахан тэрээһиҥҥэ сарсыарда эрдэттэн түмсэн бэлэмнэнии түбүгэр түстүбүт, «Норуот күүһэ — көмүөл күүһэ» дииллэринии бары саба түһэн, маанылаах аһылыкпыт остуола болдьоммут чааһыгар бэлэм буолла. Аһылыкка киириэх иннигэр көлүөнэнэн хаартыскаҕа түстүбүт, ол кэнниттэн үтүө баҕа санаабытын бөҕөргөтөн, салама баайан, аһылыкка муһуннубут. Аал уоппутун оттон, алгыстаах алаадьынан, арыылаах саламаатынан айах тутан, тэрээһиммитин улахан эдьиийбит Татьяна Семеновна алгыһынан аста, остуолга ыҥырда. Сааһыланан киирэн олорон, хоммут уоспутун хоҥнорон, кэтэһиилээх кэммит кэлэн, улахан оҕолортон саҕалаан, бэйэни, дьиэ кэргэни билиһиннэрии, ким туох идэлээҕин билсии саҕаланна, эҕэрдэ этилиннэ, сэмэй бэлэхтэри тутан, үөрүүбүт үрдээтэ, ыалларынан остуол оонньуута оонньонно, ырыа да ылланна. Буоларын курдук А. Варламова “Аҕам алааһа” ырыа ылланна. Сэргэх кэпсэтии саҕаланна, ааспыты ахтыһыы, кэлэр кэми торумнаһыы, инники эрэллэрбитигэр кэс тыл этилиннэ.
Биһиги ортобутугар бааллар эбит араас үлэҕэ үлэлээн, үрдүк наҕараадалары ылбыт дьоммут РСФСР Үөрэҕириитин туйгуна, СӨ Үөрэҕириитин ситимин бэтэрээннэрэ, сэрии сылын оҕото мэтээл хаһаайына, СӨ Үөрэҕириитин үтүөлээх үлэһитэ, чөмпүйүөн суоппардар, ыраах айан суолун Бочуоттаах суоппара, гаас промышленноһын Бочуоттааҕа, Амма нэһилиэгин Бочуоттаах олохтоохторо, Таатта нэһилиэгин Бочуот кинигэтигэр киирбиттэр, Россия «Сбербанын» бэтэрээнэ, Россия үлэҕэ бэтэрээннэрэ, «Ууга түспүтү быыһааһын иһин» мэтээл, «Гражданскай килбиэн», «Улуус сайдыытыгар кылаатын иһин» бэлиэлэр хаһаайыннара, СӨ Үөрэҕириитин туйгуннара, «Учууталлар учууаллара», РФ уопсай үөрэхтээһинин Бочуоттаах үлэһиттэрэ, педагогическай үлэ бэтэрээннэрэ, СӨ Тыатын хаһаайыстыбатын туйгуннара, СӨ Доруобуйа харыстабылын туйгуна.
Биһиги ситиһиибит оҕолорбутугар салҕанар. Кинилэр ортолоругар бааллар: быраастар, учууталлар, экономистар, бухгалтердар, юристар, ас технологтара, радиоинженердар, химик аналитиктар, географтар, уһуйаан иитээччилэрэ, урбаанньыттар. Оскуоланы үрүҥ көмүс мэтээлинэн бүтэрбиттэр, географическай наука кандидата, доцент, физико-математическай наука доктора, медицинскэй уонна техническэй наука кандидаттара. СӨ Доруобуйатын харыстабылын туйгуна, СӨ муниципальнай сулууспатын туйгуна, нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуу туйгуна, «Надежда Якутии» бэлиэ хаһаайына, СӨ үөрэҕириитин туйгуна. Бу барыта биһигини үөрдэр. Сиэннэрбит араас үрдүк үөрэх кыһаларыгар үөрэнэ сылдьалларыттан сэмээр үөрэбит, ситиһиилэри баҕарабыт. Сиэннэр ортолоругар оскуоланы кыһыл көмүс мэтээлинэн бүтэрбиттэр бааллар. Хос сиэннэрбит оскуола алын кылааһын үөрэнээччилэрэ, оҕо уһуйаанын иитиллээччилэрэ.
Мин аттыбар бу түмсүүнү тэрийээччилэртэн биирдэстэрэ Любовь Турнинаны кытта санаа атастаһарыгар көрдөстүм: «Үлэ сылынан үлэттэн илиилэрин араарбатах Амма нэһилиэгин олохтоохторо, эбээ Өлөөнө, эһээ Сиэҥкэ оҕолоро, сиэн ыччаттара Саха сирин араас улуустарыттан, Дьокуускайтан мустан, кэрэ кэпсээн кэһиилээх, сиэннэри ситимниир сыаллаах көрсүһүү тэрилиннэ. Хас биирдии тэрээһин сүбэттэн саҕаланар. Урут оҕо сылдьан эдьиийдэрбит Светлана, Екатерина, саҥаспыт Евдокия Иннокентьевна иилээн-саҕалаан ыыталларын көрө улааппыт оҕолор бастакы түмсүүбүт буолан ааста. Билигин сиэннэр бары үлэһит, үксүбүт Дьокуускайга олохсуйан, дьиэ-уот тэринэн олоробут. Эбээбит Өлөөнө сиэн оҕо төрөөтөҕүнэ ыаҕайа тигэн бэлэхтиирэ. Ол ыаҕайаларга билигин даҕаны сир аһын хомуйабыт. Онтон, эһээ Сиэҥкэ талах олоппос оҥорон бэлэхтиирэ, дьоҕус кыраабыллары оҥорон, окко киириэх иннинэ биэрэрэ, ол аата кыраабыл ылбыт оҕо оттуур сааһа буолбут диэн буолара, мунньуу саҕаланнар эрэ от саҕатын харбаан, бастакы сүрэхтэниини ааһарбыт. Бу тэрээһиммитигэр бары ыаҕайаларбытын тоҥолохтонон, талах олоппосторбутун кыбынан кэллибит. Хас биирдии көлүөнэ тус-туспа өҥнөөх футболкалары кэтэн, бэлиэ күммүт саҕаланна. Эһэлээхпит тиэргэннэригэр хос, хос-хос сиэннэр дуоһуйа сүүрэн, күлэн-оонньоон аастылар. Мааны сандалы остуолбут тула олорон, истиҥ кэпсэтии, уруккуну ахтан-санаан аастыбыт, араас көрдөөх түгэн элбэх эбит. Эдьиийдэрбит, күтүөттэрбит, саҥастарбыт, убайдарбыт урукку тэтимнэрин ыһыктыбакка дьаһал, үлэ үөһүгэр сылдьалларыттан олус үөрдүбүт, оҕо сааспытыгар киирэн ыллыбыт», — ити курдук кэпсээнин түмүктээтэ.
Түөрт көлүөнэ Сиэҥкэлэр көрсөммүт сүргэбит көтөҕүлүннэ, оҕолорбутун, сиэннэрбитин, хос сиэннэрбитин көрөн үөрдүбүт. Инникитин да бу курдук түмсүүлээх буолуҥ, сайда-үүнэ, элбии, үксүү туруҥ, куруук эһигини ситиһии, өрө тахсыы, Итэҕэл, Эрэл, Таптал арыаллаатын. Үлэ, үөрэх үөһүгэр инники кэккэҕэ сылдьыҥ. Дьоллоох, доруобай буолуҥ!
Түгэнинэн туһанан, бу түмсүүнү иилээн-саҕалаан тэрийбит, ыыппыт оҕолорбутугар уонна фотоальбом оҥорбут кыыспытыгар Светлана Николаевнаҕа, элбэх оҕо ийэтигэр махталбын биллэрэбин.
Сиэҥкэлэр кыра кыыстара Екатерина Парфенова, үлэ бэтэрээнэ, СӨ Үөрэҕириитин туйгуна.
Автор: Екатерина Парфенова
https://t.me/taattagazeta/14764