Ааспыт үйэ тоҕус уонус сылларыттан Саха автономиятын төрүттээччилэриттэн биирдэстэрэ, республика бастакы салайааччыта, ССРС Үрдүкү Сэбиэтин бастакы созывын депутата, саха литературатын төрүттэспит суруйааччы, учуонай Платон Алексеевич Ойуунускай аатын Дьокуускай куорат киин болуоссатыгар иҥэрии боппуруос турбута. Биэс сыллааҕыта сөргүтэммит, 4500 подпись хомуйан, сурук суруйан хамсаппыппыт. Боппуруос ааспатаҕа, ол эрээри хамсаппыт дьоммут интернекка куоластааннар Дьокуускай куорат аэропордугар Платон Алексеевич аатын иҥэрбиппит. Быйыл сэтинньи 11 күнүгэр төрөөбүтэ 130 сыла буолар. Биһиги Таатта улууһун олохтоохторо Былатыан Ойуунускай аатын Орджоникидзе болуоссатыгар иҥэриини туруорсабыт. Онно кини аатын сүгэр Саха академическай театра, памятнига тураллар. Болуоссата Ойуунускай аатын сүгэр КЭМЭ КЭЛЛЭ.
Былатыан Ойуунускай Саха сирин норуоттарыгар гражданскай сэриини тохтоппут улахан салайааччы буолар. Автономия дьаһала баттаммыт күнүгэр муус устар 22 күнүгэр 1922 сыллаахха революционнай комитет манифеһын таһаарбыта. Ол манифеһы норуот ТУПСУУ диэн ааттаабыта. Сэриилэһэ сылдьар дьон сааларын-сэптэрин уурбуттара, эйэлэспиттэрэ. Амнистияламмыт дьон буруйдара-сэмэлэрэ сотуллубута уонна саҥа Сэбиэскэй былааһы олоххо киллэриигэ үлэлээбиттэрэ. Платон Алексеевич Республиканы салайарыгар хайысхаҕа барытыгар оҥкул охсубута. Суруйааччы быһыытынан чулуу айымньылары айбыта. «Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоҥхото нуучча, француз тылыгар тылбаастаммыта. 2005 сыллаахха олоҥхобут киһи-аймах муҥутуур айымньытынан билиниллибитэ. Культураны тылы чинчийэр научнай институту төрүттээбитэ, учуонай буолбута.
«Ааспыт күннэр-дьыллар» — диэн ахтыытыгар манифескка улаханнык дьулуспутун суруйар https://youtu.be/TJhg30bcy0w?si=cBkiJsI5H5jyIyc1 Тупсуу — Тыгын Дархан баҕа санаата. Тупсууну аҕалбытын уонна бары эйгэҕэ үлэтин сыаналааннар, Платон Алексеевич тыыннааҕар, 1937 с. Саха театырыгар аатын иҥэрбиттэрэ. Репрессия кэнниттэн, алтынньы 15 күнүгэр 1955 с. сырдык аата сөргүтүллүбүтэ. Памятниктар турбуттара, тэрилтэлэргэ аатын иҥэриилэр буолбуттара. Быйыл муус устар 14 күнүгэр Ойуунускай аатын сүгэр тэрилтэлэр Саха театра, Таатта театра, литература музейа, норуоттар икки ардыларынааҕы аэропорт, Чөркөөх орто оскуолата, государственность музейа бииргэ үлэлэһиигэ сөбүлэҥ түһэрсибиппит. Онно болуоссакка ааты иҥэриигэ ыҥырыыны бары өйөөбүттэрэ. https://youtu.be/azPRaQWz0og?si=b-8CVqv9xVjmRLCs
От ыйын 17 күнүгэр 2021 сыллаахха Ил.Дархан А.С.Николаевка мэр Е.Н.Григорьев болуоссат реконструкциятын көрдөрбүтэ. Онно П.А.Ойуунускай аатын иҥэрии боппуруоһа турбутун биһирээбитэ, общество хамсаныахтааҕын бэлиэтээбитэ.
https://ysia.ru/glave-yakutii-predstavili-proekt-rekonstruktsii-ploshhadi-ordzhonikidze/
Болуоссакка ааты иҥэрии — Дьокуускай куорат думата, онтон мэрията быһаарар. Сэтинньи 22 күнүгэр куорат думатын сессията буолар. Сессияны аастаҕына мэр бигэргэтэр. Болуоссат аата уларыйдаҕына биир да дьиэ докумуона уларыйбат. Уулусса аата уларыйарын курдук буолбатах. Платон Алексеевич биир санаалаах государственнай деятелэ Григорий Константинович Орджоникидзеҕа, киллэрбит кылаатыгар сүгүрүйэммит,
Дьокуускайга киин уулусса, Хаҥаласка музейдаах олоробут. Билиҥҥи туругунан Таатта улууһун баһылыга А.С.Бурцев суруга мэр аатыгар киирдэ. Тэрилтэлэр, общественнай түмсүүлэр, биирдиилээн дьон мэрия, гордума аатыгар сурук суруйаргытын ыҥырабыт (копиятын taatta_kultura@mail.ru ыытаарын. Мунньан баран ыытыахпыт) Социальнай сетьтарга, хаһыаттарга, радиоҕа, телевиденияҕа ыҥырыылары, ыстатыйалары таһаарыаҕын. Улуу убайбыт Былатыан Ойуунускай театыра, памятнига турар болуоссатыгар сырдык ААТЫН иҥэриэҕин. Норуот күүһэ — көмүөл күүһэ!
Тааттатааҕы норуот айымньытын дьиэтин салайааччыта Г.Г. Вырдылин
Алтынньы 16 күнэ 2023 сыл
#Ойуунускай #минтуйгунноруотумайаркүүскыһата #норуоткүүһэкөмүөлкүүһэ #тупсуу #кэмкэллэ