Марина Ордахова.
Сандал саастан самаан сайыны быһа бүөбэйдээн, көрөн-истэн, эмтээн-томтоон үүннэрбит үүнээйилэрбитин хомуйан, кыһыҥҥы хаһааска бэлэмнээн кэнсиэрбэлээн, сууйан-сотон, астаан-үөллээн бэлэмниир кэммит бу тиийэн кэллэ.
Оҕуруот аһа сиппитин көрөн эрдэ сииргэ анаан, кыра-кыратык астаан көҕүрэтэ туруохха сөп. Ол курдук билигин ыал барыта үүннэрэр, тугу барытын астыахха сөптөөх оҕуруот аһа кабачок буолар. Ол курдук кабачоктан араас аһы астыыгын. Холобур, икра, барыанньа, хомпуот, араас салаат, кыһын сииргэ тоҥорон да хаһааныахха сөп. Биллэн турар, хас биирдии хаһаайка тус-туспа астыыр ньымалардаах буолар.
Мин сорохтор туһаныаххыт диэн эһигини кытта икра ырысыабын үллэстиэхпин баҕарабын. Бастатан туран, кабачокпутун үчүгэйдик уунан сууйан баран хортуоппуй хастыырынан хаҕын субуруччу тардан ыраастыыбыт, быһаҕынан тус-туспа кэрчиктэргэ араарабыт. Онтон икра оҥорорго туттар атын оҕуруоппут аһын эмиэ сууйан, хахтаан, ыраастаан, эт эрийэргэ сөп гына бысталаан бэлэмниибит. Барытын тус-туспа эт эрийэринэн эрийэн, мас арыытыгар тус-туспа ыһаарылаан ылабыт. Ыһаарылыырбытыгар сымнаабытын амсайан көрөн бэрэбиэркэлиибит уонна туспа иһиттэргэ кутабыт. Ол кэннэ буспут оҕуруоппут аһын барытын холбоон туустуубут уонна оргуйуор диэри билиитэҕэ буккуйа-буккуйа 45 мүн. буһарабыт. Икра буспутун кэннэ ыраас стерилизацияламмыт бааҥкаларга кутан хаппахтаан умса уурабыт уонна таҥаһынан сабан сойутабыт.
Мин бааҥкаларбын сууйан баран, духуопка решеткатыгар ууран, 80-100 кыраадыска 10-15 мүнүүтэ буһарабын, хаппахпын оргуйбутунан ууга 1 ост. нь. уксуус кутан уган туруорабын.
Бу икраны оҥорорго биһиэхэ наада:
800 г ыраастаммыт эриллибит кабачок
500 г ыраастаммыт моркуоп
500 г эриэппэ луук
1 ыстакаан үүнээйи арыыта, бу арыы астаргытын ыһаарылыырга кутуллар
200-250 г томат пастата, маны амтана хайдаҕын сөбүлүүргүнэн кутаҕын, төһөнү кутаргыттан дьүһүнэ эмиэ тутулуктаах.
Биирдии чайнай нь. туус, саахар амсайан көрөн кутуллар. Биэрэс амсайан көрөн, сөбүлүүргүнэн кутаҕын, наһаа элбэҕи кутар соччото суох.
Өр хаһаанар буоллахха уксуустуугун, сотору сиир, эбэтэр тоҥорор буоллахха уксуус кутумуохха сөп. Бу маннык оҥордоххо амтана үчүгэй арыый ыстабыллаах буолар, блендергэ ытыйбыттааҕар.
Тоҥорор буоллахха, биирдэ туттуллар иһит табыгастаах, ыбылы хаппахтанар, лаарга да тоҥороҕун, халлаан тымныйдаҕына таһырдьа да тоҥороҕун.
Күһүҥҥү киһи күлбүтүнэн диэн өбүгэлэрбит мээнэҕэ эппэтэхтэр, күһүн үүннэрбит үүнээйигин хомуйан, астаан амсайан дуоһуйан үөрэри эппиттэр эбит.
Видео материалы бэлэмнээтэ Михаил Копырин