Кимтэн кииннээххин, хантан хааннааххын?

Ордук биһиги, сахалар, саҥа көрсүбүт эбэтэр сэргээн истибит киһибитин «кимтэн кииннээххин, хантан хааннааххын?» диэн бастаан ыйытар үгэстээхпит. Таатта улууһун Ытык Күөлүгэр кыраайы үөрэтээччи улууспут Бочуоттаах гражданина Елена Филимоновна Кузьмина саҥа тахсыбыт «Кимтэн кииннээххин, хантан хааннааххын» кинигэтэ күн сирин көрбүт сүрэхтэниитигэр, улуустааҕы библиотека тэрийбит үтүө тэрээһинигэр сырыттыбыт.
Кинигэ таһыгар Чөркөөх музейыгар баар Тааттатааҕы Николаевскай таҥара уонна Уолбатааҕы чочуобуна дьиэлэрин хаартыската туруоруллубут. Бу, бэйэм сабаҕалыырбынан, улууспутугар Чөркөөх бастакы Таатта улууһун киинэ уонна автор Елена Филимоновна эмиэ мантан төрүттээҕинэн, киинэ түспүтүнэн буолуон сөп. Кинигэ аан тылыгар педагогическай наука кандидата, А.Е. Мординов аатынан Тааттатааҕы лицей директора Изабелла Сивцева: «Елена Филимоновна 20 сыл устата илиитин араарбакка архыыпка үлэлээн, көстүбүт докумуоннары илиинэн сурунан, мунньан испит. Оннук кыралаан түмүллэн, өр сыллаах сыралаах үлэ түмүгэ бу 19-с кинигэтэ буолла… Өбүгэлэри билии – силиһи-мутугу үүннэрии, тирэҕи бөҕөргөтүү, сиргэ чиҥник туруу буолар. Онон кинигэ суолтата олус улахан», — диэн суруйбут. Автор Елена Кузьмина кинигэтин туһунан бу курдук арыйар: «Сахабыт сирэ Арассыыйаны кытта холбоһуоҕуттан ыла, биһиэхэ православнай итэҕэл тэнийбитэ. Таҥара дьиэлэрэ тутуллан, өбүгэлэрбит сүрэхтэнэн, аныгы үйэҕэ курдук дьиҥнээхтик толору ааттанан, араспаанньаланан, аҕаларын ааттара суруллан, төрөөбүт сыллара, ыйдара, күннэрэ чопчуланан, чуолкайданан кэллэҕэ. Судаарыстыбаннай докумуон быһыытынан ылыныллан билиҥҥи үйэҕэ төрөөһүн туһунан сибидиэтэлистибэҕэ олук уурдаҕа. Бу кинигэҕэ Тааттаҕа баар Ытык Күөллээҕи, Чычымахтааҕы, Баайаҕатааҕы, маны таһынан оччолорго Тааттаҕа киирэр 3-с Байаҕантай нэһилиэгин Кириэс-Халдьаайытааҕы – түөрт таҥара дьиэтин уонна чочуобуна (Алданнааҕы Воскресенскэй таҥара дьиэтин паапкатыттан) метрическэй кинигэлэриттэн бэлиэтээһиннэр киллэрилиннилэр».
Автор бэлиэтээбитин курдук, кинигэҕэ таҥара дьиэлэригэр оҕолорун сүрэхтэппит, бэргэһэлэнии уонна өлбүттэрин туһунан чаастартан турар. Санаан көрдөххө, киһи таҥара дьиэтигэр күн сирин көрдөҕүнэ, ыал буолбуту бэлиэтэттэрэ уонна киһи олохтон букатыннаахтык барыыта киллэриллэр эбит. Билиҥҥи ЗАГ-са дьиэтин курдук. Арай уратыта диэн кэргэн ылар киһи огдообо буолан, хаһыс кэргэнин ылара, киһи туохтан өлбүтэ, ханна көмүллэн сытара суруллар эбит. Онон билиҥҥи көлүөнэ бэйэлэрин өбүгэлэрин мантан сирдэтэн булуохтарын, үөрэтиэхтэрин сөп.
Кинигэ биһирэмигэр эргилиннэххэ, библиотека аактабай саалатыгар улууспут кыраайы үөрэтээччилэрэ, оскуола оҕолоро кэлбиттэр. Тэрээһини библиотека үлэһитэ Светлана Семеновна Игнатьева иилээн-саҕалаан ыытта. Улууспут баһылыгын солбуйааччы С.В.Сунхалыров, улуустааҕы норуот айымньытын дьиэтин салайааччыта Г.Г.Вырдылин кыттыыны ыллылар. Улууспут кыраайы үөрэтээччилэрэ, Елена Филимоновна, Егор Дмитриевич Андросов үөрэнээччитэ буоларын, кини кэнниттэн улууспут былыргы олоҕун чинчийээччи, билээччи кини баарын бэлиэтээн эттилэр. Елена Филимоновна идэтинэн технолог. Үгүс сылларга улуустааҕы пионердар дьиэлэригэр учууталынан айымньылаахтык үлэлээбит киһи буолар. Бу күн үөрэнээччитэ, улууспут таһыгар киэҥник биллэр «Оһуордаах Таатта» бренд автора, салайааччыта Марианна Степанова махтал истиҥ тылларын уһуйааччытыгар эттэ.
Бу курдук үгүс иһирэх, сылаас тыллаах улууспут историятын билиҥҥи көлүөнэ дьоҥҥо далаһа уурар, Елена Филимоновна Кузьмина 19-с кинигэтэ сүрэхтэннэ. Биир дойдулаахпыт Д.К.Сивцев-Суорун Омоллоон эппит тыллара: «Киһи норуотугар туһата үйэ уһунунан буолбакка, үлэ үйэлээҕинэн кэмнэнэр-кээмэйдэнэр», — диэн этиитэ чахчы да Елена Филимоновнаҕа туһуланар.

Читайте дальше