Балаҕан тутуллара буоллар элбэх ыччаты былыргылыы ньымаларынан туойтан араас иһити оҥорорго Ульяна Васильевна үөрэтиэ этэ…
Аҕыйах хонугунан, балаҕан ыйын 7-8 күннэригэр, ытык Чөркөөххө бөдөҥ судаарыстыбаннай салайааччы, бөлөһүөк, суруйааччы, саха норуотун төрүт культуратын тилиннэрэр наадатын оччоттон туруорсубут Платон Алексеевич Ойуунускай төрөөбүтэ 130 сылынан өрөспүүбүлүкэтээҕи «Иис, Уус, Ас фест» тэрээһин норуот культуратын тилиннэрэр, сайыннарар сыаллаах үтүмэн элбэх киһини мунньуоҕа.
Бу тэрээһиҥҥэ көрүҥ-нэринэн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн араас көрүҥҥэ уот саҕааччылар ыччаттарга сатабылларын көрдөрүөхтэрэ, маастар кылаастары биэриэхтэрэ. Биир оннук чулуу, тумус туттар маастарбыт Ульяна Васильевна Матвеева туһунан бүгүн сонуннук, кини тэрийбит экскурсиятын кыттыылаахтарын, бииргэ Бүлүү педучилищетыгар үөрэммит үөлээннээхтэрин, санааларынан билиһиннэрэгэ сананным:
«Бүлүү педучилищетын школьно-пионерскай салаатын 1977 сыллаахха бүтэрбит, бииргэ үөрэммит кыргыттар быйыл сайын Нам, Таатта улуустар кэрэ бэлиэ сирдэринэн, училищебыт 100 сыллаах үбулүөйүгэр анаан, тур-поход оҥорон айаннаатыбыт, астына дуоһуйа көрдүбүт -иһиттибит. Атырдьах ыйын 17, 18, 19 күннэригэр эйэҕэс-сайаҕас санаалаах, үтүөкэн дьоннордоох Таатта улууһун биллэр-көстөр сирдэринэн, баай, дириҥ ис- хоhоонноох музейдарынан сылдьан, элбэҕи билэн-көрөн, бэйэ-бэйэбитин кытта аҕыйах кэмҥэ да буоллар алтыhан кэллибит. Анаабыр, Дьааҥы, Эбээн Бытантай, Кэбээйи, Өлүөхүмэ, Ньурба, Үөһээ Бүлүү улуустарыттан тиийэ баарбыт. Улуу убайдарбыт Былатыан Ойуунускай, Өксөкүлээх Өлөксөй, Алампа, Суорун Омоллоон төрөөбүт сирдэриттэн күүс-уох, алгыс ылан кэллибит. Бииргэ үөрэммит дьүөгэлэрбит норуот маастара (Белина) Матвеева Ульяна, Кыйы бочуоттаах олохтооҕо Турнина Нина саламааттаах алаадьылаах, уохтаах быыппахтаах, алгыс тыллаах көрүстүлэр. Таатта биллэр сирдэринэн сырытыннардылар. Сахалыы тыыннаах, саха төрүт үгэстэрин өрө тута сылдьар Таатта дьоhун дьонноругар чуолаан сылдьыбыт музейдарбыт бары үлэhиттэригэр, мас, тимир, туой, таҥас уустарыгар барҕа махталбытын ыытабыт. Бииргэ 4 сыл эн-мин диэн бииргэ үөрэммит кыыспытыгар республикаҕа тиийэ биллэр норуот маастарыгар Ульянаҕа, кыргыттарыгар Олимпиадаҕа, Мотяҕа барҕа махтал ыытабыт. Хас биирдиибитигэр туой иhиттэри оҥортоон бэлэх ууммута — баарбыт тухары ырыаҕа ылланар, хоhооҥҥо хоhуллар Таатта талыы толооннорун, хас сир аайы баар бэлиэлэрин, толкуйдаан оҥоhуллубут өйдөбүнньүктэрин, баай ис хоhоонноох музейдарын, хас сир аайы үөрэ-көтө көрсүбүт үтүө-мааны дьонун-сэргэтин, Улябыт оҥорон күндүлээбит саламааттаах алаадьытын, Тааттаны саната, өрүү үөрүүбүтүн үксэтэ, сырдыгы сыдьаайа сылдьыа диэн эрэннэрэбит. Таатта эйэҕэс дьонугар-сэргэтигэр, биhиги сылдьарбыт тухары күннээх чаҕылхай күнү бэлэхтээбит Аар айылҕабытыгар, Таатта сиригэр тур кыттыылаахтарын ааттарыттан барҕа махтал ыытабыт. Республика араас улуустарыттан мустубут начальнай кылаас учууталларынан, пионер баhаатайдарынан үлэлээбит, үлэлиир эбээлэр ааттарыттан Үөhээ Бүлүү, Мэйик нэhилиэгиттэн Валентина Попова».
«Мин, Горохова (Слепцова) Надежда Афанасьевна Эбээн Бытантай оскуолатыгар начальнай кылаас учууталынан 2015 сылга диэри үлэлээн баран билигин пенсияҕа олоробун, оҕолорбор, сиэннэрбэр күүс-көмө буолабын. Ыраах хоту дойду хоһуун дьонуттан үлэһит талыы-мааны дьонугар-сэргэтигэр, улуу убайдарбыт П.А.Ойуунускай, А.Е.Кулаковскай, Д.К.Сивцев- Суорун Омоллоон, А.И. Софронов-Алампа төрөөбүт дойдуларыгар сылдьыбыппынан ис сүрэхтэн махталбын ыытабын. Музейдарыгар, талааннаах дьоннорун мастерскойдарыгар сылдьан, сөрү диэн сөҕөн, икки күнү олохпутугар туһалаахтык атааран астынан кэллибит. Бииргэ үөрэммит кыргыттарбыт Уля Белина, Нина Турнина сүрдээх үчүгэйдик көрсөн үөртүлэр. Дьүөгэбит Ульяна Васильевна наһаа да элбэҕи үөрэппит, хас биирдии өбүгэлэрбит туттубут туой иһиттэрин ханнык үйэҕэ туттуллубуттарын, булуллубуттарын чинчийбит. Таатта дьоно наһаа мындырдарын сөхтүм.»
«Ытык Таатта улууһугар олорор, үлэлиир бииргэ үөрэммит дьүөгэбит Ульяна Васильевна Матвеева дойдутун билиһиннэрэр бырайыагын олус сөбулээтим. Кини Бүлүү педучилищетын бүтэрээт, төрөөбүт нэһилиэгэр кэлэн Тыараһа орто оскуолатыгар үлэлээбитэ 46-с сылыгар барда. Биһигини көрсөөт, Кыйыга киириигэ сквергэ сырытыннарда. Бу сквергэ олус кэрэ көстүүлээх «А.Е.Кулаковскай эһэтинээн» композиция оҥоһуллубут.Биһиги Улябыт краеведческай үлэҕэ сыһыарыллан нэһилиэгин историятын үөрэтэр эбит. А. Кулаковскай ийэтинэн эһэтэ Николай Собакин Тыараһаҕа олорбутун, сиэнин ааҕарга, суруйарга үөрэппитин, кини улуу киһи буоларыгар олук уурбутун иһирэхтик кэпсээтэ. Салгыы Ульянабыт дьиэтигэр айар мастарыскыайыгар туойтан оҥоһуктарын баай быыстапкатын сэргии көрдүбүт. Хас биирдии айан таһаарбыт иһитэ остуоруйалаах. Саамай сөхпүппүт диэн кини археологическай хостооһуннартан көстүбүт былыргы туой иһиттэр кырамталарын чинчийэн, үөрэтэн, ааҕан-суоттаан таһааран, ол иһити чөлүгэр түһэриитэ. Оннук курдук биһиги Улябыт сылаас сымнаҕас илиитинэн таптайыллан, имэриллэн иккис тыын ылан, үгүс иһиттэр кэккэлэһэ туралларын көрөн сөхтүбүт.Биһиги Улябыт алтата тэриллибит «Якутия мастеровая» республиканскай көрүүгэ барытыгар миэстэлэһэн норуот маастара буолбутун киэн тутта иһиттибит.Улябыт бу быыстапкатын 102 сааһыгар дылы олорбут тарбаҕар талааннаах эбээтин туос оҥоһуктара араҥаччылыы, алгыстыы турар курдуктар. Салгыы Чөркөөх историко-мемориальнай музейыгар ыалдьыттаатыбыт. Манна саха саарыннарын олохторун, үлэлэрин кэрэһэлиир дьиэлэрин, малларын көрдүбүт. Бу музей комплекс территориятыгар ураты миэстэни «Уус түһүлгэтэ» уонна «Туой түһүлгэтэ» ылаллар эбит. Манна бэйэтин түһүлгэтигэр туой иһити буһаран таһаарар сахалыы буор оһоҕу хайдах оҥорбуттарын кэпсээтэ. Иккис күммүтүгэр Ытык Күөлтэн чугас Суорун Омоллоон Хадаайыга тэрийбит музей заповеднигар сырыттыбыт. Аһаҕас халлаан анныгар Таатта үрэх үрдүгэр суруйааччылар уонна художник, этнограф И.В.Попов олорбут баай ис хоһоонноох дьиэлэрэ, улууска бастакы оскуола дьиэтэ уонна да атын историческай тутуулары хаама сылдьан көрдүбүт, иһиттибит. Бу заповедникка уһуллубут «Не хороните меня без Ивана» киинэбитин өссө көрүөхпүтүн баҕардыбыт. Күн иккис аҥарыгар Муҥха Дэлбэрийбиккэ тиийдибит. Чахчы да киһи кутун-сүрүн көтөҕөр, киһини угуйар кэрэ айылҕалаах алаас… Биһигини ыҥырардыы, киирэн сылдьан ааһыҥ диэбиттии балаҕаммыт аана аһаҕас. Ыллыгынан аргыый хааман, сэрэнэн күрүөҕэ киирээт, буор муосталаах балаҕаҥҥа долгуйа үктэннибит. 130 сыл анараа өттүгэр бу балаҕаҥҥа биһиги республикабытын төрүттээччи, улуу киһибит П.А.Ойуунускай төрөөбүтэ. Салгыы Ойуунускай сүүрбүт-көппүт, оонньообут алааһыгар олорон айар куттаах Ульянабыт үөрэппит оҕолорун араас эгэлгэ оноһуктарын сөҕө көрдүбүт, эбээтэ үөрэппит хомус оттон өрүллүбүт олбоҕор олордубут, түүлээхтэн кыһыҥҥы таҥастары, сайыҥҥы ыһыах таҥастарын тигэрин истэн, хайдах барытын бириэмэтигэр толорон иһэрин, сатабылын сөхтүбүт… Туойунан дьарыга эрдэ уһуктубутугар эбэтигэр махтанарын эттэ. Бу алааска олорон Улябыт намыын куолаһынан кэпсээнин истэн, айылҕа кытта иһийдэ, бириэмэ биллибэккэ ааста. Ис испититтэн иэйэн, сүргэбит көтөҕүллэн, сырдаан бу алаастан бардыбыт. Ылсыбыт дьарыгын төрдүттэн билиэн, өбүгэлэрин ньымаларын дириҥник баһылыан баҕарара, бу биһиги Ульянабыт чахчы да кэскиллээх үлэтин сыала буолар. Кини баҕарар баҕата — Туой түһүлгэтигэр туспа анал балаҕан тутуллара буоллар диэн. Балаҕан тутуллара буоллар элбэх ыччаты былыргылыы ньымаларынан туойтан араас иһити оҥорорго Ульяна Васильевна үөрэтиэ этэ… Маннык улуу дьон түөлбэлээн олорон ааспыт сирдэригэр анаан сылдьар олус наадалааҕын, суолталааҕын өйдөөтүм. Өссө да кэлиэхпин, билиэхпин баҕардым уонна Суорун Омоллоон этиитинэн түмүктүүбүн: «Бэйэтин норуотун, Ийэ дойдутун историятын дириҥник өйдөөбөт киһи бүгүн улахан итэҕэстээх курдук көстөр кэмэ кэллэ». Надежда Белолюбская, Уус-Алдан-Дьокуускай.
Быйыл биһиги Бүлүү училищетын бүтэрбиппит 46 сыл буолла. Ол да буоллар олох мэлдьи сибээстэһэбит. Өссө кэккэбит кэҥээн бэйэ-бэйэбитигэр тардыһыыбыт чугаһаан иһэр. Мин онтон наһаа үөрэбин! Бары биир санаалаах, интэриэстээх дьон буоларбыт быһыытынан алтыһарга олус үчүгэй. Үксүбүт оскуолаттан уурайан бэйэлэрин талааннарынан дьарыгыран олороллор. Ол курдук биир илиитигэр талааннаах кыыспыт Ульяна ВасильевнаТалба Талыы Тааттаҕа айа-тута , талаанынан, оҕолорунан байан-тайан олорор. Элбэх оҕолоох сиэннэрдээх ийэ, эбээ буолар.
Организатор талааннаах Александра Гаврильевнабыт көҕүлээһинэн быйылгы сыл араас кэрэ, баай историялаах миэстэлэринэн тур буола турар. Түһэн, тохтоон сынньанар, хонор дьиэбитин үлэтигэр бэриниилээх, эппиэтинэстээх кыыспыт Наталья Васильевна булар-талар, дьаһайар.
Үөрэммит училищебыт 100 сылын көрсө кулун тутар ыйга тутуспутунан сылдьыбыппыт. Бэс ыйыгар Нам улууһугар музейдаах сирдэрин кэрийбиппит. Онтон дьэ бу атырдьах ыйыгар талааннах кыыспыт Ульянабыт төрөөбүт-ууһаабыт дойдутугар сылдьан наһаа үөрдүм, дуоһуйдум… Улуу дьоммут үлэлээн-хамсаан олорон ааспыт сирдэрэ кэрэтиэн, алаастара киэҥиэн! Кинилэри үйэтитэр үлэ бөҕө барар эбит Тааттаҕа. Онно биһиги однокурсницабыт өҥөтө баһаам элбэх!
Барытын аттаран, былааннаан Ульянабыт араас интэриэһинэй талааннаах иис, мас, тимир уустарын, бэйэтин туой оҥоһуктарын кытта билистибит, дьиэлэригэр, мастерскойдарыгар сылдьан үлэлэрин көрөн астынным аҕай, дьэ айыах, үлэлиэх-хамсыах санаам кэллэ… Сорох музейдары урут көрбүтүм эрээри олох саҥаттан көрөр киһи курдук атын харахтарбынан көрөн олус астынным.
Ульяна Васильевнабыт мастерскойа туой араас көрүҥүнэн оҥоһуллубут киһи эрэ кэрэхсиир үлэлэрэ элбэҕиэн! Мэлдьи ыраас санаалаах, дьиэлээх, чэгиэн-чэбдик буолуҥ диэн алҕаан туран туойтан бэйэтин илиитинэн оҥорбут от уматан ыраастанар иһит, өйдөбүнньүк «Тур Таатта» диэн суруктаах телефон уурар пластмасс сувенир бэлэхтээтэ биирдии бэйэбитигэр.
Хаһан да умнуллубат тур буолла. Таатта курдук киэҥ историялаах, улуу дьоммут олорбут сирдэрэ өссө кэҥии, тупса, туругура турдун! Үлэһиттэргэ барҕа махтал, доруобай буолуҥ!
Октябрина Торговкина, төрдүм Кыыллаах Арыы Өлүөхүмэ улууһа.
Бу аҕыйах ахтыыттан элбэх сырдык санаа саҕыллыан, айыллыан сөп: Таатта ытык сирдэринэн туризм, айар талааннаах дьоммутун сырдатыы, интэриэстэринэн, бөлөҕүнэн экскурсиялары тэрийии…