«Алаас ааттаах, дойду сурахтаах, өтөх төҥүргэстээх, сурт кэриэстээх» буоларын курдук хас биирдии нэһилиэк талба талааннаах Ытык дьонун үтүө аатын ааттатар, удьуор утуму салгыыр ыччаттарынан биллэр.

Ытык Таатта улууһугар дьоһун дьонноох Дьүлэй нэһилиэгиттэн төрүттээх Родимир Максимов айылҕаттан бэриллибит ырыа куттаах, киэҥник биллэр Кузьминнар удьуордарыттан төрүттээх. Кини күн күбэй ийэтэ  Варвара Николаевна оҕо саадыгар кэлэр кэнчээрилэри муусука кэрэ эйгэтигэр уһуйар. Амарах аҕата Дмитрий Иванович сыспай сиэллээҕи дэлэтэрэ. Түөрт оҕолоох дьиэ кэргэҥҥэ Родимир иккис оҕонон төрөөбүтэ. Төрөппүттэрэ уолларын «Төрөөбүт дойду уонна эйэ» (Родина, мир) — эйэлээх олоҕу түстээччи диэн дириҥ суолталаах аатынан сүрэхтээбиттэрэ.

Төрүт дьон төрүөхтэрэ, ытык дьон ыччаттара көлүөнэлэри түмэр «Дьиэ кэргэн тыйаатырын» тэрийэн үлэлэтэллэр. Кини ырыаһыт дьон сыдьааныттан төрүттээх буолан, оҕо эрдэҕиттэн кэрэ эйгэтин кэрэхсээн, муусука алыптаах дорҕоонугар абылатан, куруук ырыа аргыстаах сылдьар. Родимир чугас дьонун кытары улуустааҕы, өрөспүүбүлүкэтээҕи «Көр-күлүү» күрэҕэр ситиһиилээхтик кыттан, төрдүс төгүлүн Гран-При хаһаайыттарынан ааттанан, кыайыылаах үрдүк аатын ылбыттара. Эбэтэ Анна Ивановна уһуйуутунан Кузьминнар триолара Бүтүн Аан дойдутааҕы бэстибээл кыайыылаахтарынан буолбуттара. Родимиры оҕо эрдэҕиттэн эһэтэ Николай Афанасьевич уонна убайдара айылҕалыын алтыһыннаран, бултка-алтка сыһыаран, сааһыт бэрдэ буола үүммүтэ. Саха киһитин сиэринэн сайынын оттоон-мастаан, бултаан, үлэлээн-хамсаан, уол дьиҥнээх эр киһилии иитиллибитэ.

Дьиэ кэргэн улахан уола Василий аҕатын туйаҕын хатаран, сылгы иитэн, улахан дьиэ кэргэни аһынан-үөлүнэн хааччыйар, дьонун көрөр-истэр. Ийэтигэр чугас уол Родимир сайынын оҕуруот үүннэрэн, ардыгар сарсыарда эрдэ туран, ырыа аргыстаах тэлгэһэтин ыраастаан, чугас ыалын сөхтөрөрө. Аһыныгас сүрэхтээх, үтүө майгылаах, чугас дьонугар аламаҕай сыһыаннаах уол аҕатын аҕыс ый тухары ыарыылаан, көмүс уҥуоҕун көтөхпүтэ. Эр киһилии иитиилээх, уһуну-киэҥи толкуйдуур буолан, кини дьиэ кэргэҥҥэ аҕа оруолун толорон, балта Дарина Санкт Петербург куоракка үҥкүү куонкуруһугар кыттарыгар сүрүн көмөнү оҥорор.

Родимир үгүскэ үөрэппит, элбэххэ уһуйбут эбэтэ Анна Ивановнаны уонна эһэтэ Николай Афанасьевиһы куруук ытыс үрдүгэр тутар. Доҕор-атас дьоно тобуллаҕас толкуйдаах уол тыаҕа хоно-өрүү сылдьан, ууну кэһэн атахтара илийбит бииргэ сылдьар уолаттарыгар «убайдарын үөрэҕин» туһанан, оттуллубут оллоон сойон эрэр күлүнэн саппыкыларын иһин куурдубутун күн бүгүнүгэр диэри умнубаттар.

Дьиэ кэргэн улахан уолаттарыгар оҕо эрдэхтэриттэн  «доҕор» бастакы миэстэҕэ турар. Ол курдук доҕор-атас ортотугар Родимир бастыҥ тэрийээччи, лиидэр, кыһалҕаны тута быһаарар, кырдьыгы өрө тутар хорсун санаалаах эр киһи быһыытынан үрдүктүк сыаналанар.

Родимир Максимов дойдуга уустук бириэмэ үөскээбититтэн толлубакка, тохсунньу томороон тымныыта сатыылаан турдаҕына, анал байыаннай дьайыыга баҕа өттүнэн барар күүстээх быһаарыныыны ылыммыта.

Билигин биһиги биир дойдулаахпыт анал эпэрээссийэ штурмалыыр этэрээтигэр сулууспалаан, Ытык иэһин толорор.

Ытык Таатта дьоно-сэргэтэ холобур буолар ыччатынан киэн туттар!

         «Известия» хаһыат хаартыската.

Мария Павлова.

Читайте дальше