Күһүҥҥү айылҕаны кытары алтыстыбыт

Балаҕан ыйын 28 чыыһылатыгар, субуота күн, Владимир Владимирович Кривошапкин диэн тренербит тэрийэн, тустууга сылдьар, дьарыктанар уолаттар Чычымах Дьаамыгар походтуу баран кэллибит. Оҕолор уопсайа 12 буолан сырыттыбыт.

Походтуу сылдьан, биһиги аһаҕас халлаан анныгар астына футболлаатыбыт, Амма эбэбитигэр сибинэн балыктаан олус диэн үөрдүбүт-көттүбүт.Ким төһөнү хаптарарыгар күрэхтэстибит Кулуһуҥҥа уот оттон, ол уотугар маршмеллоу уонна сосиска үтэн сиэтибит. Сиппитигэр тугунуок хаптарбыппыт, тугунуок диэни харахтарыгар көрбөтөх сорох уолаттар тутан-хабан көрөн, хайдах балык буоларын биллилэр.


Халлаан хараҥарбытын кэннэ утуйар миэстэбитин булунан, оҥостон утуйбуппут. Сарсыарда 6 чааска уһуктубуппут, тула өттүбүт номнуо хаарынан бүрүллүбүт этэ. Соһуйуу бөҕө буоллубут. Онтон аһаан-сиэн, кыратык хамсаныылаах оонньуулары оонньоон, эти-хааны уһугуннаран баран, хомунан дьиэбитигэр төннүбүппүт.
Тус бэйэм хаһан да итинник хонуктаах походка сылдьа илигим. Оҕолордуун хонон, походтаан кэлбиппиттэн олус диэн астынным. Тренербитигэр Владимир Владимировичка маннык хонордоох походу тэрийбитигэр, күһүҥҥү айылҕаны кытта алтыһыннарбытыгар, уол оҕо бу сааспытыгар тугу сатыыр буолуохтаахпытыгар үөрэппитигэр махтанабын!

Н.Е. Мординов-Амма Аччыгыйын аатынан Харбалаахтааҕы үөрэхтээһин холбоһугун 7 кылааһын үөрэнээччитэ Эрсан Халыев.

Читайте дальше