Көмүс күһүн тиийэн кэллэ, сайыны быһа үүннэрбит оҕуруоппут аһын астаан, кыһыҥҥыга хаһаанар кэммит эмиэ бу тиийэн кэллэ. Мин бу ырысыаптары өр сылларга туттан кэллим, онон баҕар дьон-сэргэ туһаныа диэммин үллэстэргэ сананным.
Ырысыабы туһанан, чугас дьоҥҥутун минньигэс, битэмииннээх аһынан күндүлээҥ. Билигин хас биирдии сатабыллаах хаһаайка араас оҕуруот аһын: хаппыыстаны, моркуобу, сүбүөкүлэни, биэрэһи, тыкваны, кабачогу, луугу, укуруобу, петрушканы өлгөмнүк үүннэрэн, бу астан тугу астыахха сөбүй диэн толкуйга түһэр. Дьон үксэ судургутук хас биирдии дьиэ ахсын баар астан оҥоһуллар ырысыапка наадыйар. Онон сөптөөх ырысыаптары тускутугар туһаныҥ.
Тыкваттан икра
Икраны астыырга биһиэхэ наада:
1,5 кг. ыраастаммыт тыква
500 гр. ыраастаммыт моркуоп
500 гр. эриэппэ луук
120 мл. үүнээйи арыыта
100 гр. томат паастата
1 ост. нь. туус
2 ч. нь саахар
½ ч. нь хара мэлиллибит биэрэс
30 гр. чеснок
1 ост. нь. уксус
Тыквабытын кыра кубиктыы кырбаан, луукпутун, моркуоппутун тус-туспа арыыга томат паастатын кутан 5 мүн. ыһаарылыыбыт. Онтон сымныы буспут тыквабытын холбоон, тууспутун, саахарбытын, биэрэспитин, чеснокпутун кутан, өссө 10 мүн. буһара түһэбит, 1 ост. нь. 9% уксуспутун кутан, өссө 5 мүн курдук буккуйа-буккуйа буһарабыт. Буһан бүттэ диэтэхпитинэ блендеринэн ытыйабыт уонна стерилизацияламмыт бааҥкаларга кутан, ыбылы хаппахтаан, умса ууран, сабан сойутабыт. Эбэтэр тымныы кэмҥэ оҥорор буоллахха, биирдэ туттуллар иһиккэ кутан, тоҥоруохха сөп. Сонун ырысыаптан оҥоһуллубут минньигэс икра бэлэм.
Минньигэс биэрэстэн лечо
Бастаан 1 ыстакаан ууга үүнээйи арыытын, саахары, тууһу, томат паастатын кутан, сироп курдук буһарабыт. Онтон минньигэс биэрэспитин, моркуоппутун солуомкалыы уһун синньигэс гына бысталыыбыт, эриэппэ луукпутун төгүрүктүү аҥарынан бысталаан, помидорбутун эмиэ түөрт гына кыччатан быһан бэлэмниибит. Ол кэнниттэн буһарбыт сироптаах иһиппитигэр бастаан кабачокпутун кутан 15 мүн. буһарабыт, онтон моркуоппутун, минньигэс биэрэспитин, луукпутун, помидорбутун, томаппыт паастатын уочаратынан кутан, 10-нуу мүн. буккуйа туран буһарабыт. Буһаран бүтэн баран, эмиэ стерилизацияламмыт сылаас бааҥкаларга кутан хаппахтыыбыт эбэтэр биирдэ туттуллар иһиккэ кутан тоҥоруохпутун сөп. Элбэх лечоны оҥорор буоллахпытына туттуллар аспытын 2-3 төгүл элбэтэн бэлэмнииибит.
Лечону астыырга маннык оҕуруот астара туттуллаллар:
Кабачок 2 кг., моркуоп 5 уст., араас өҥнөөх минньигэс биэрэс 5 уст., эриэппэ луук 5 уст.
Сироп буһарарга ирдэнэр:
Ыстакаан аҥара үүнээйи арыыта
Ыстакаан аҥара саахар
Томат паастата 200 гр.
Биир ыстакаан уу
Икки ост. нь. туус
Мииҥҥэ кутуллар эбиискэ:
1 кг. минньигэс биэрэс
1 кг. кыһыл помидор
1 кг. моркуоп
1 кг. эриэппэ луук уонна бэйэ сөбүлүүрүнэн күөх тума: укуруоп, петрушка, луук.
Бу астарбытыгар помидору, биэрэһи, луугу кубиктыы быһан, моркуобу улахан хайаҕастаах терканан анньан бэлэмниибит, күөх тумабытын бытархайдыы бысталаан барытын буккуйан, салапаан пакеттарга кутан, хаптаччы баттаан тоҥоробут. Хаптаччы баттаан тоҥордоххо туттарга олус табыгастаах буолар.
Бу кэнсиэрбэлээһиҥҥэ сөбө суох улахан, кыра кээмэйдээх эбэтэр хаалбыт астан оҥорорго түргэн, үчүгэй албас. Бэлэмнээбит аспытын туустаабаккын, кыһын мииҥҥэ куттахха сыта дыргыйан, сайыны санатар. Манна бэйэн көрөн тугу сөбүлүүргүн барытын эбэн биэриэххитин сөп.
Өссө икки тэттик сүбэнэн билигин хомуйбут моркуопкут, сүбүөкүлэҕит отун бырахпакка туһаҕа таһааран, сүрдээх битэмииннээх эбиискэлэргэ туһаныахха сөп. Анал идэлээх дьон бэлиэтииринэн бу оттор иҥэмтэлээх битэмииннэрэ элбэх буолан, доруобуйаҕа олус туһалаах.
Моркуоп ото
Моркуоп сымнаҕас кыра отун кырбаан, бэйэ сөбүлүүрүнэн чесноктаан, туустаан, үүнээйи арыытын кутан, бааҥкаларга ууран, арыылаах килиэпкэ ууран сиир олус минньигэс буолар. Улахан ото кытаанах буолан, киһи күөмэйигэр хатанар, ону оргуйбут ууга уга түһэн ыллахха сымныыр. Өссө бытархайдыы кырбаан, салапаан пакеттарга тоҥорон кыһын мииҥҥэ, эт аска эбилик быһыытынан туһанар табыгастаах.
Сүбүөкүлэ ото
Сүбүөкүлэ сэбирдэҕин эмиэ кыра гына кырбаан, салапаан пакеттарга тоҥорон, эбилик курдук туһаныахха сөп. Онуоха эбии сүбүөкүлэ сэбирдэҕинэн кэтилиэт астыахха сөп. Мин борщ оҥорорбор моркуоп, сүбүөкүлэ сэбирдэхтэрин эбиликкэ кутан туһанабын. Киһи барыта туттар ырысыаба да буоллар хаһаайкаларга олус туһалаах буолуоҕа.
Бу ырысыаптары тускутугар туһаныҥ, дьоҥҥутун минньигэстик бэлэмнээбит аскытынан үөрэ-көтө күндүлээҥ.
Марина ОРДАХОВА.