#Манчаарыоонньууларыгарбэлэмнэнии
XXII «Манчаары оонньуулара» ыытыллаллара чугаһаатар чугаһаан иһэр. 1,5 эрэ сыл хаалла.
Дьэ бу кэмҥэ бары сүбэнэн «Оонньуулары” этэҥҥэ тэриллэллэригэр бары санаабытын холбуохпутун наада.
Баараҕай тутууларбыт сорохторо саҕаланнылар, сыбаайалар түстүлэр.
Аны ис хоһоонугар эмиэ үлэлэһиэхпитин наада диэн мин этии киллэрээри гынабын. Ону туох дии саныыргытын, күндү ааҕааччыларым, суруйаарыҥ дуу.
Аҕыйах хонуктааҕыта редакцияҕа 99 саастаах Наум Трифонович Слепцов суруга кэллэ. Кини былыргы үһүйээннэргэ киирбит быһыйдарбытын, күүстээхтэрбитин үйэтитиэххэ диэн балайда киэҥ ыстатыйа суруйбут.
Онтон сэдиптээн ” Манчаары Оонньууларыгар” биһиги биир дойдулаахтарбытыттан үһүйээннэргэ киирбит, уос номоҕо буолбут быһыйдарбыт ааттарын үйэтитэ кинилэр ааттарынан нэһилиэктэринэн, аймахтарынан, сыдьааннарынан хамыыһыйалары тэрийтэрэн, анал бириистэри туруордахпытына хайдах буолуой?
Мин саныахпар, маннык тэрээһин үчүгэйтэн атыны аҕалыа суоҕа. Бастатан туран, 2024 сылга Россияҕа Дьиэ Кэргэн сылыгар аймахтар түмсэллэр. Иккиһинэн, “Манчаары Оонньууларын” ис хоһооно байар.Үсүһүнэн, кэлбит ыалдьыттарга Тааттабыт историятын спорт өттүнэн сонуннук арыйан көрдөрөбүт, бэйэбит дьоммут сырдык ааттарын үйэтитэбит, историябытын үөрэтэбит, чинчийэбит.
Маннык таһаарыылары түмэн бүгүн “Быһыйдар, күүстээхтэр” диэн ааттаан саҥа бырайыак саҕалыыбыт. Наум Трифонович ыстатыйатыттан быһа тардан эһиги болҕомтоҕутугар таһаарабыт.
Күүстээхтэр, быһыйдар.
Тааттаҕа Чөркөөх нэһилиэгэр, дьэ, быһый дьон бааллара. Кинилэри эдэр көлүөнэ дьоно билбэттэр, арай сэрии оҕолоро, аҕа саастаахтар кэпсэтэллэрин истэллэрэ эбитэ буолуо. Оттон мин кинилэри оскуолаҕа үөрэнэр сылбар элбэхтик көрбүт, кэпсэтэллэрин эт кулгаахпынан истибит, убайбар Бөҕө Ньыппыайдаахха дьиэлэнэн үөрэммит киһибин.
Бүлүү эҥэрдээҕи улуустар күүстээх, быһый дьоннорун туһунан элбэхтик суруйаллар, кинилэри үйэтитэллэр. Ол иһин саха сирин дьоно, Бүлүү күүстээхтэрин бэркэ билэллэр, кэпсээн оҥостоллор.
Оттон мин кэпсиэхтээх дьонум туһунан ким да тугу да суруйбута суох. Ол иһин умнууга хаалбаталлар ханнык диэн санааттан, тугу көрбүппүн, билбиппин, өйбөр туох ордон хаалбытын суруйан көрүүм.
Бырааттыы Сокуонньукаптар.
Мин Чөркөөх оскуолатыгар үөрэммит сылларым 1934-1941. Ол саҕана Сокуонньукап оҕонньордоох балыыһаттан уулусса нөҥүө олороллоро. Улахан уолун Ньукулайы, аҕыйахта көрөн аһарбыттаахпын. Кини модьу, киппэ көрүүлээҕэ, орто уҥуохтааҕа. Дьон кини туһунан кэпсэтэллэрин истэрим, бэйэтин лаппа кыанар, күүстээх этэ диэн. Олортон биир холобуру аҕаллахха (сэрии кыттыылааҕа Андросов Е.) маннык буолбут. Үөрэнэ сылдьан командирдара Сивучин ыстыыктаах сааны муостаҕа хаптаччы ууран баран, ыстыык төбөтүттэн аҥаар илиигитинэн өрө көтөҕүҥ диэбит. Онно ким да кыайбатах, арай саамай бүтэһигинэн Ньукулай Сокуонньукап ол бинтиэпкэ сааны уҥа илиитинэн, ыстыык төбөтүттэн тутаат бэрт чэпчэки баҕайытык өрө көтөҕөн таһаарбыт. Ону көрөн дьон бары сөхпүтүн ахтар.
Быраата Оппуонньа Сокуонньукап миигиттэн түөрт сылынан аҕа этэ. Эмиэ орто уҥуохтаах, бөҕө-таҕа көрүҥнээх, наһаа сэмэй, сытыары сымнаҕас майгылаах, быччыҥнардаах этэ диэн ахтар.