Биһиги, учуутал оҕолоро, дьон-сэргэ туох иһин төрөппүттэрбитин ытыктыылларын, тоҕо өрө туталларын кэмигэр ситэ өйдөөбөт этибит. Бэйэбит сааһыран, кырдьан олорон билбиппит: төрөөбүт түөлбэбит, иитиллибит эйгэбит барыбыт гиэнэ биирин уонна, киһиттэн эрэ барытыттан төлөрүйбэт иэһи ситэри толорон, түөлбэтин сайыннарсар, эйгэтин кэҥэтиһэр киһи учуутал аатырарын. Дьонун, дойдутун кытта бииргэ олорор, үүнэр, олох түһүүтүн-тахсыытын тэҥҥэ уйсар дьон эбит, учууталлар диэн. Дьэ, маннык олоҕу олорон ааспыттара биһиги учуутал төрөппүттэрбит.
Сорох дьоҥҥо ийэ, аҕа, эбэтэр соҕотох ийэ баар буолар, оттон биһиэхэ кинилэр үһүөлэр этэ. Төрөппүттэрбитин кытта биир үрдэлгэ турар биһиги эдьиийбит педагогическай үлэ, тыыл бэтэрээнэ, Таатта улууһун Бочуоттаах гражданина Андросова Ксения Александровна.
Кини 1923 сыллаахха ахсынньы 14 күнүгэр Баайаҕа нэһилиэгэр (оччолорго I Игидэй нэһилиэгэ диэн ааттанара) Александр Николаевич, Марина Прокопьевна Андросовтар дьиэ кэргэннэригэр эдьиийин Марина (биһиги ийэбит) кэнниттэн иккис оҕонон күн сирин көрбүт. Эһэбит Александр Николаевич төрүт уус Баайаҕа, Эмэйэ аҕатын ууһуттан төрүттээх этэ. Эбэбитин халыҥ аймах Дьөгүөрэптэртэн төрүттээх Харитонова Марина Прокопьевнаны Кириэс Халдьаайыттан сүгүннэрэн аҕалбыт. Кинилэр 14 оҕоломмуттарыттан хомойуох иһин түөрдэ эрэ тыыннаах хаалан киһи-хара буолбуттар. Ол ордубут 4 оҕоттон Ксения 2 саастааҕар уһааттаах ууга түһэн өлө сыспытын Клавдия Александровна Рябицкая эмтээн-томтоон үтүөрдүбүт.
Эдьиийбит Ксения 1932-33 үөрэх сылыгар 1 кылааска үөрэнэ киирбит. Биһиги үөрэнэр кэммитигэр ас-үөл кэмчи, таҥас-сап мөлтөх, олох сайда илик кэмэ этэ, билиини-көрүүнү учууталларбыт тарҕаталлара диэн кэпсиир этэ. Кини үөрэнэр кэмигэр Баайаҕа оскуолата 6 кылаастаах эбит. 1938-39 үөрэх сылыгар Дэбдиргэҕэ 7-с кылаас аһыллыбыт. Баайаҕаттан 14 оҕо онно баран ыалларга дьиэлэнэн олорон үөрэммиттэр. 1939-42 сылларга Ытык Күөл орто оскуолатыгар үөрэммит. 1942 с. оскуоланы 11 оҕо бүтэрбит. Бу Ытык Күөл орто оскуолатын бастакы выпуһа этэ. Уолаттар тута армияҕа барбыттар. Кыргыттары сэриигэ барбыт учууталлары солбуйан тута учууталынан анаабыттар. Ксения Александровна Кириэс Халдьаайы оскуолатыгар алын кылаас учууталынан анаммыт.
1944 сыллаахха Потапов Иван Филипповичтыын ыал буолбуттар, 1946 сыл саҥатыгар кыыстаммыттар. 1946 сыл күһүнүгэр кэргэнэ өлөн эдьиийэ Марина Баайаҕаҕа көһөрөн аҕалбыт. Олох ити ыарахан охсуутун киэҥ өйүнэн, дьиппиэр, кытаанах санаатынан тулуйбут буолуохтаах. Санаатын түһэрбэккэ, ыһыктынан, ыытынан кэбиспэккэ иннин диэки баран испит. Ол ыраас туоһутунан 1947 сыллаахха Чурапчытааҕы педучилищены бүтэрбитэ буолар. Салгыы 1952 сыллаахха Дьокуускайдааҕы пединститут историческай отделениетын бүтэрэр. Бүтэйдээх оскуолатыгар история, география учууталынан, Уус Таатта орто оскуолатыгар география учууталынан уонна оскуола библиотекарынан, Баайаҕа орто оскуолатыгар директорынан, история, география учууталынан, уһатыллыбыт күннээх группаҕа иитээччинэн, , нэһилиэк библиотекарынан үлэлээбитэ оҕо санаторийыгар иитээччинэн.
Эдьиийбит үтүө санаалаах, истиң сыһыаннаах, үрдүк ирдэбиллээх этэ.Биһиги киниттэн элбэххэ үөрэммиппит: төрөөбүт дойдуну таптыырга, дьулуурдаах, тулуурдаах буоларга, кыраҕа-кыаммакка көмөлөһөргө, иллээх-эйэлээх буоларга.
Эдьиийбит кыыһа Розалина Ивановна Потапова, 40-н тахса сыл омук тылын учууталынан үлэлээн, билигин бочуоттаах сынньалаңңа олорор, Саха Республикатын үтүөлээх учуутала, “Учууталлар учууталлара”.
Бары көлүөнэ үөрэппит оҕолоро эдьиийбитин саамай сөбүлүүр учууталларын ахсааныгар киллэрэллэр, кини уруоктара кэрэхсэбиллээхтэрин, уруокка үчүгэйдик бэлэмнэнэн кэлэннэр бириэмэ оттоҕуна нууччалыы үчүгэй кинигэ ис хоһоонун сахалыы кэпсээн саҕалаан интэриэстэрин тардарын ахталлар. Продленкаҕа печенье сии буолбакка, Ксения Александровна остуоруйаларын истэ барарбыт дэһэллэр.
Күндү киһибит кэрэ сэбэрэтэ, дьоһун майгыта, олоххо дьулуура, моһоллору туоруур модун санаата үйэлэри уҥуордаан кэнэҕэски ыччакка үтүөнэн сыдьаайа, сирдьит сулус курдук угуйа туруоҕа диэн эрэнэбит!
Владимир, Зинаида, Александр, Валентина Андросовтар, Агафия Молонова.