Кыраайы үөрэтээччи сырдык аатыгар

Бүгүн кулун тутар 22 күнүгэр өрөспүүбүлүкэ биир биллиилээх кыраайы үөрэтээччитэ, аһаҕас халлаан анныгар турар Чөркөөхтөөҕү политсыылка уонна история  түмэлин Д.К.Сивцев-Суорун Омоллооннуун сүһүөҕэр туруорсубут, бастакы сэби эдиссэй Людмила Николаевна Григорьева 80 сылын туолбут үбүлүөйдээх тэрээһинэ ыытылынна. Ыраахтан-чугастан Ытык Күөл театрыгар Людмила Николаевна сырдык олоҕун ахтан-санаан, түмэл инники сайдар тосхолугар төгүрүк остуол  тула олорон кэскиллээх кэпсэтии тэнийдэ. Үлэ сонун сүүрээнин тобуларга санаа атастаһыыта, этиилэр киирдилэр. Төгүрүк остуол үлэтин түмүгүнэн,  Л.Н.Григорьева аатын үйэтитэргэ кини аатынан фонда олохтооһун уонна резолюция барыла оҥоһулунна.
Тэрээһини Чөркөөх түмэлин сэбиэдиссэйэ М.А.Протодьяконов иилээн-саҕалаан ыытта. Түмэл үлэһиттэрэ Людмила Николаевна тус архыыбыттан таҥан сэдэх хаартыскаларын, кинигэлэрин, малларын уопсайа 200-тэн тахса экспонаты аҕалан быыстапкаҕа туруордулар. Тэрээһиҥҥэ улуус ба һылыга А.С.Бурцев, Дьокуускай куораттан «Саха музейа» ГБУ директорын солб. А.Ховров, «Айар» кинигэ кыһатын директорын солб. В.Луковцев, Өксөкүлээх Өлөксөй сиэнэ Р.Р.Кулаковская, Людмила Николаевна аймахтара уо.д.а. кыттыыны ыллылар.

Светлана Халгаева.