Мандар Уус: «Суолбутун-ииспитин сөптөөхтүк тобулунар кэммит кэллэ… »

Бу күннэргэ саха норуотун бүттүүнүн билиниитин ылбыт саха Саарына,  ытык киһибит, Саха Өрөспүүбүүлүкэтин Духуобунаһын академиятын академига Борис Федорович НеустроевМандар Ууһу кытта төлөпүөнүнэн кэпсэтэн, санааларын кылгастык тиһэргэ соруннум.

Бу күннэргэ ытык киһибит Тааттаҕа ыытыллыбыт Итэҕэл форумун алгыс тылынан арыйбыта, бар дьонугар ыллыктаах санаатынтиэрпитэ:

 Суолбутун-ииспитин сөптөөхтүк тобулунарбытыгар дьикти кэм кэллэ. Биһиги Улуу Тымныыны ааһан эрэбит. Саамай сөптөөх сиргэ, саамай сөптөөх кэмҥэ түмүстүбүт.
 Ытык Тааттаҕа төрөөн-үөскээн, айан-тутан олорон ааспыт улуу убайдарбыт, саха чулуулара, өркөн өйдөөхтөрө Саха сирин сайдар суолун тобулбуттара. Кинилэр тобулбут суолларын, арыйбыт аартыктарын батыһан бары биир сүбэни булан бигэтик олорорбутугар, дьон-норуот курдук итэҕэллээх, инникибитин көрүнэр соргулаах үлэҕэ турунар кэммит кэллэ.

Борис Федорович, Эн икки үйэ анараа өттүнээҕи өбүгэлэрбит Моҕол Ураһаларынсөргүппүтүҥ. Баайаҕаҕа тутуллубут үөрэтэр, научнай-чинчийэр уонна туристическэй суолталаах «Мандар Уус» саха олоҕун кэлим түмэлигэр (этнологическай комплексыгар)кэлин туох саҥа сүүрээн киирдэ?  

– Кэлим түмэлгэ салгыы кэҥэтии үлэлэр  Боотурдар аллеялара уонна Уус тэлгэһэтэ – былааҥҥа тураллар. Виртуальнай мусуой оҥоһуллуоҕа.  Билиҥҥи туругунан манна «Моҕол Ураhа», «Саха ууһун мусуойа», «Саха балаҕана» диэн сүрүн үс тутуу баар. Былыргы сэрии, булт сэбэ-сэбиргэлэ уонна кинилэр куоппуйалара көрдөрүүгэ тураллар. Кэлим түмэлбитин дьон-сэргэ суолу сойуппакка сэргээн көрөр-истэр, элбэх кэлии туристар сэҥээрэллэр.

Эн көҕүлээһиҥҥинэн Таатта улууһуныһыахтыыр түһүлгэтигэр Аал Луук мас аан бастаан туруоҕуттан Олоҥхо Ыһыаҕын тэрийэн ыытыы регламеныгар киирбитэ. Таатта улууһун дьаралыгын (гиэрбэтин) айбытыҥ. Кини ис хоһоонун санаттахха?

Аал Луук Мас араас көстүүтэ аан дойду үгүс омуктарыгар баар. Ону нууччалыы “древо жизни”, “мировое дерево” диэн ааттыыллар. Ити дьаралыколоҥхоттон сиэттэрэн үөскээбитэ, тохсусхаллааҥҥа тиийэ барар күүстээх.  Олоҥхо уоннаитэҕэл – саха омук сүрүн күүһэ, өйө-санаата. Олоҥхолору анаан-минээн дириҥник ырытар, үөрэтэр, чинчийэр буоллахха, итэҕэлгэ чугаһыахха, ис иһиттэн өйдүөххэ, иҥэриниэххэ, ылыныаххасөп.

Борис Федорович, Эн сүүрбэ сыллааҕыта биир дойдулаахтаргар туһаайан «ОлохпутАал Луук Маһа чэлгийэ көҕөрүөхтүн» диэнэппитиҥ-тыыммытыҥ, суруйбутуҥ-бичийбитиҥ хантан кэллибит, ханна турабытый, ханна барабыт, тугу гынабыт, биһигиттэн туох ирдэнэрий диэн ырытыыҥ күн бүгүҥҥү олохпутугар туһаайыллыбыт. Онтон быһа тардан эттэххэ, Эн биһигиттэн туох ирдэнэрин субу курдук эппитиҥ:
“Күүһү-уоҕу, билиини-көрүүнү, өйү-санааны түмүү – хас дьиэ аайы,хас нэһилиэк ахсын, кыттыгас түмсүүлэр айы, бүтүн улуус үрдүнэн баар буолуохтаах. Саҥа үйэ туһа диэн хаһааҥҥытааҕар да бигэ түмсүү, сүбэлэһии, сөбүлэһии наада кэмэ кэллэ, кыра да өйдөспөт буолуулар, киҥир-хаҥыр саҥарсыылар, хайдыһыылар кыаһы, адаҕа буолан былыр да, быйыл да мэһэйдииллэр.
Үйэлэр быыстара буолан өй-санаа, сиэр-майгы уларыыылара, алдьаныылара, Үрдүк Айыылар, Аар Айылҕа тургутан көрүүлэрэ буола турар кэмнэрэ… Бу билигин тахса турар быһылааннар, буруйдар-сэмэлэр, араас күрсүүлэр, тоҥуулар-хатыылар, умайыылар, сүтүүлэр-оһуулар, о.д.а. араас мэһэйдэр биһигини самнарыа, санаабытын түһэриэ суохтаахтар. “Тимир эллэнэн-эллэнэн тимир буолар, уол оҕо эриллэн-эриллэн эр киһи буолар диэн өс хоһооно баарын умнумуоҕуҥ. Бу ыардары тулуйан, өрө биэрэн кыайан-хотон, сүөм түспэккэ, өссө уһаарыллан-хатарыллан, өрөйөн-чөрөйөн иннибит диэки чарапчыланыаҕыҥ.
Былыр өбүгэлэрбитигэр көрбүөччүлэр, ичээн эттээхтэр диэн инникини өтө көрөр дьоҕурдаах сүдү дьон үөскээн ааһаллара үһү. Бу айылҕаттан ананар сүдү күүс. Билигин бары ичээн, көрбүөччү буолан да барбатарбыт, инники олохпут хайдах буолуоҕун туһунан, олоххо хайдах гынан, тугу оҥоорон, үлэлээн, айан-тутан тиийэрбит туһунан дириҥник толкуйдуоҕуҥ, ырааҕы ыралыаҕыҥ, санаа баҕата оҥостуоҕуҥ уонна тугу булбуппутун, тобулбуппутун, бэрт дуона да суох буоллун, «таммахтан байҕал уута мунньуллар», сыыска-буорга сыспакка, сыа-сым курдук тутан, дьон-сэргэ билииттигэр-истиитигэр, санаа атастаһыытыгар таһааран истэрбит төһөлөөх туһаныа этибитий?..
… Өбүгэлэрбит курдук сүүспүт көлөһүнүн сүүспүтүгэр аҕаан, тилэхпит көлөһүнүн сүүспүтүгэр аҕаан, үрүҥ-хара, ыарахан-чэпчэки, сылаас-тымныы диэбэккэ, тиис-тыҥырах тиийэринэн түсүһэн истэхпитинэ эрэ туох эмэ тахсыаҕа.
Үлэ —  хамсааһын, хамсааһын – олох, олох – үлэ…» — диэбитиҥ күн бүгүҥҥү олохпутугартуһааннаах уонна уопсайынан даҕаны сир үрдүгэр олох салҕанарын тухары дорҕоонноно турар аналлаах.        

Эн саха норуотун култуурата духуобунай сайдыытыгар сүҥкэн үтүөлээххин. Оскуолатааҕы сылларгыттан саҕалаан Сахаҥ сирин усталаах туоратын суос сатыы, эт тилэххинэн кэрийэн ойууну-бичиги хомуйан, суолтатын чинчийэн-быһааран, симэлийэн сүппүтүн тилиннэрэн бар дьоҥҥор таһаараҥҥын, уустар, иистэнньэҥнэр, айар куттаах дьон остуолларыгар ууруна сылдьан сирдэтинэр кинигэлэрэ буолла. Уһанар талааҥҥын дьоҥҥун-сэргэҕин кытта тэҥҥэ үллэстэн, уһаныы үгэстэрин тилиннэрдиҥ, утумнуур уустары уһуйан-уһааран таһаардыҥ.

Хайа да кэмҥэ норуоккун, дьоҥҥун-сэргэҕин кытта өрүү бииргэҕин, мындыр бөлөһүөк, сээркээн сэһэнньит быһыытынан быһаарыылаах түгэннэргэ сүбэ-соргу буолаҕын, өйгүнэн-санааҕынан, сүрэххинэн-быаргынан, айымньыларгынан…

Ханнык баҕарар норуот бэйэтин төрүт култууратыгар, үйэлээх үгэстэригэр тирэҕирэн, онтон күүс ылан, омук быһыытынан сайдарын бигэргэтэҕин. Дьокуускайга Арчы дьиэтэ аан бастаан тутуллан олоххо киириитигэр Эн туох да станога суох эт илиигинэн Айыылар бэлиэлэрин ис санааҕыттан уһанан-оҥорон бэлэхтээбитиҥ.

Саха норуотун култуурунай-духуобунай кииннэрэ тутуллан элбииллэрин өйүүгүн…

Биhиги, саха дьоно, былыр-былыргыттан атын норуоттартан чыҥха атын эйгэҕэ олорон, төрөөн-үөскээн кэллэхпит. Төhө да тыйыс айылҕалаах, тоҕус ый устата томороон тымныылаах ураты сиргэ олордорбут, төрөөбүт тылбытын-өспүтүн, өйбүтүн-санаабытын, култуурабытын, сиэрбитин-туоммутун ыhыктыбакка илдьэ сырыттахпыт.

Оттон норуот төрүт култуурата, духуобунаhа былаас өттүттэн толору өйөнүллэр буоллаҕына, биhиги, сахалар, өлөн-охтон биэриэхпит суоҕа, ханнык да улахан уларыйыыларга баhыйтарыахпыт суоҕа. Аан дойду таhымыгар саха норуота бэйэтин төрүт үгэhин илдьэ сылдьарынан, харыстыырынан, атын норуоттарга билиhиннэрэринэн холобур буолуо.

Саха норуотун култуурунай-духуобунай киинэ тутуллан үлэҕэ киирдэҕинэ, сахалар чахчы даҕаны үтүө үгэстэрин, култуураларын, устуоруйаларын эттэригэр-хааннарыгар илдьэ сылдьалларын, ытыктыылларын, билинэллэрин атын омуктар илэ харахтарынан көрөн, сөҕөн-махтайан дуоhуйуохтара, ытыктыахтара.

Эн бу күннэргэ Арассыыйа Бэрэсэдьиэнин быыбарын көрсө “Бэрэсидьиэни кытта бииргэ” баннерга таҕыстыҥ. Владимир Владимирович Путин быыбарга туруммутугар Эн санааҥ?

Владимир Владимирович Путин үлэлээн кэлбит кэмигэр көдьүүстээх үлэтин көрдөрдө. Биһиги дойдубут араас уустуктары эрдээхтик күөн көрсөр – үп кризиһэ, Россия утары санкциялар, анал байыаннай дьайыы. Мин санаабар, дириҥ-киэҥ политическай, стратегическай толкуйдаах, норуотугар үтүө сыһыаннаах, мындыр баһылык Владимир Владимирович дойдутун саамай уустук кэмигэр норуотун кытта бииргэ буолан салгыы салайыан наада.  

Борис Федорович, Эн дойдуҥ, дьонуҥ-сэргэҥ туһугар бэйэҕин харыстаммакка, үлэлээн-хамсаан, айан-тутан, уһуйан-такайан үйэлээҕи үксэтэҕин, кэскиллээҕи кэҥэтэҕин. Эйиэхэ сиртэн халлааҥҥа диэри дириҥник махтанабыт.Эйиэхэ уонна Эн дьиэ кэргэҥҥэр или-эйэни, дьолу-соргуну баҕарабыт.

Валентина Бочонина

Читайте дальше