Мэйиибит үлэтин күннэтэ сайыннарыах

Урукку сылларга  дьон-сэргэ өйгө тутар кыаҕа күүстээх этэ. Онтон билиҥҥи кэмҥэ мэйиибит үлэтин ситэтэ суох туһанарбыт кистэлэҥ буолбатах. Аныгы үйэҕэ хас биирдии киһи суотабай төлөпүөннээх. Ол быыкаайык төлөпүөн иһигэр күннээҕи олохпутугар наадалаахпыт барыта баар: билэр дьоммут төлөпүөннэрин нүөмэрдэрэ, суоттуур калькуляторбыт, тас эйгэттэн киирэр билиибит (информация) уо.д.а. Ол иһин биһиги мэйиибит ис кыаҕын ситэри туһаммаппыт.

Уйулҕа үлэһиттэригэр  умнуган буолбуппун, болҕомтом ыһыллыбыт диэн көмө көрдүүр аҕам саастаах дьон  ахсаана элбээн иһэр. Ордук хамсык ыарыы кэнниттэн мөлтөөтүбүт дииллэр.

Билиҥҥи буола турары түргэнник умнуу — мэйии үлэтин  мөлтөөһүнүн, ыһыллыытын бэлиэтэ буолар. Хас биирдиибит этэ-хаана эчэйдэҕинэ тутатына анал эмчиттэргэ сылдьан доруобуйатын көрүнэр. Онтон өй-санаа кэһиллиитин, өйү сайыннарыы туһунан улаханнык болҕомтоҕо ууруллубат.   Уйулҕа үөрэхтээхтэрэ маны болҕомтоҕо ыларга сүбэлииллэр.

Мэйии үлэтэ эмиэ былчыҥ курдук күннэтэ дьарыкка наадыйар. Өйгө тутар дьоҕур намтыырын сүрүн биричиинэлэринэн буолаллар :

— Хамсаныы суоҕа;

—  Соҕотохсуйуу, куруук биир дьиэҕэ олоруу;

— Куһаҕан дьаллыктар;

— Уйулҕа эчэйиитэ (стресс);

— Сыыһа аһылык;

—  Утуйбат буолуу;

— Өй үлэтин сайыннарар дьарык суоҕа.

Күннэтэ хамсан

Хамсаныы киһи чөл сылдьарыгар улахан суолталаах. Күннэтэ сибиэһэй салгыҥҥа сылдьар олус туһалаах. Аныгы үйэ сиэринэн тиэхиникэ элбээн, хамсаныы аҕыйаабыта биллэр суол. Киһи бэйэтэ күннээҕи олоҕор хамсаныыны  өйдөөн, баҕаран туран киллэриэн наада. Холобур: көннөрү сатыы эбэтэр скандинавскай хамыы, зарядка, йога, спорт уонна үҥкүү араас көрүҥэ  уо.д.а.

Сөптөөх аһылык

Аһыыр аһылыкпыт эт- сиин нөҥүө мэйии үлэтигэр улахан сабыдыаллаах. Аһылыгы сөптөөхтүк нуормалаан аһыыр оруннаах. Ордук арыылаах, туустаах, саахардаах аһылыктары туттуна аһыыр – чэгиэн буолуу биир төрдө.

Кэпсэтии, сэһэргэһии

Киһи айылҕаттан дьону кытары тоҕуоруһан олорорго уонна ыкса ситимнээх буолууга айыллыбыт. Соҕотохсуйуу киһи уйулҕатын кэбирэтэр. Дьон-сэргэ ортотугар сылдьар, тулалыыр эйгэни кытта алтыһар киһи сэргэх буолар. Сааһырдым диэн дьиэҕэ олорон хаалбакка, дьону кытары алтыһа сылдьар ордук.

Өй үлэтэ

Өйгө хатыыр дьоҕуру (память) тохтообокко элбэтэ сылдьар оруннаах. Киһи олоҕун тухары үөрэнэр диэн сөптөөх санаанан сиэттэрэн, саҥаттан – саҥа билиини, сатабыллары үөрэтиэххэ сөп. Бу манна остуол араас оонньуулара, саахымат, дуобат, таайбараҥнар, суоттуур сорудахтар, илиинэн оҥорон таһаарыы (иис, уус, баайыы)  олус табыгастаахтар.

Уйулҕа үөрэхтээхтэрэ туттар ньымаларын кыратык билиһиннэрдэххэ:

Пирамида

Бу эрчиллиигэ чугас киһигитин көмөлөһүннэриҥ. Көмөлөһөөччү лиискэ сыыппаралары столбигынан суруйар. Столбикпыт пирамида курдук буолуохтаах. Бастакы строкаҕа 3 сыыппара, иккискэ – 4, үһүскэ – 6 буолуохтаах. Сыыппаралары уочаратынан өйбүтүгэр хатылыахтаахпыт. Бастаан барытын сабабыт. Онтон бастакы строканы аҕыйах сөкүүндэ көрөбүт, ол кэннэ сабан баран сыыһата суох этиэхтээхпит. Бу курдук строканы барытын өйбүтүгэр хатылыырга дьулуһабыт. Бу дьарыгы күн ахсын оҥоробут, сыыһабыт ахсаанын уонна көрөр бириэмэбитин аҕыйата сатыыбыт.

10 аптаах тыл

Бу эрчиллиигэ көмөлө-һөөччүбүт 10 бэйэ-бэйэтигэр сибээһэ суох тыллары лиискэ суруйар. Эһиги бу тыллары ааҕаҕыт, онтон көрбөккө хатылыыгыт. Тыллары судургутук өйдүүргэ хараххытыгар ойуулаан, остуоруйа оҥорон көрдөххө түргэнник өйдөнөр.

 

Хаарты

Бу эрчиллиигэ биһиэхэ боростуой хаарты наада. 5 бастакы хаартыны өйдөөн хаалабыт. Онтон хаартыбытын ырытабыт уонна 5 бастакы өйдөөн хаалбыт хаартыбытын булан ылабыт. Тэҥнээн көрөргө 5 бастакы хаартыбытын сурунан биитэр хаартыскаҕа түһэрэн ылабыт. Өйдүүр дьоҕурбут тубустаҕын аайы хаартыбыт ахсаанын элбэтэн иһэбит. Бу эрчиллиини ситимнээхтик оҥоро сырыттахпытына, өйгө тутарбыт кэҥээн иһиэҕэ.

Нейрогимнастика

Бу ойуулары үтүктэн оҥоробут. Уҥа уонна хаҥас илиилэрбитин уочаратынан балаһыанньаларын уларыта сылдьан үтүктэбит. Икки илиибит тэҥҥэ хамсыыр, илиилэрбит балаһыанньалара утарыта буолуохтаах. Хас бирдии эрчиллиини 10 хатылыыбыт. Сатабылбыт тупсан истэҕин аайы сорудахпытын ыаратан илиилэрбит балаһыанньаларын араастаан тутабыт.

Тэҥҥэ суруйуу

Бу эрчиллиигэ биһиэхэ 2 харандаас (фломастер, ручка) уонна лиис наада. Икки илиибитигэр харандаастарбытын тутабыт. Бастаан боростуой геометрическай фигуралары тэҥҥэ уруһуйдууру ситиһиэхтээхпит. Сатабылбыт тупсан истэҕин аайы сорудахпытын ыаратан иһэбит. Холобур, буукуба суруйуохпутун биитэр ойуу уруһуйдуохпутун сөп.

Бу суруллубут эрчиллиилэри күн ахсын оҥоруохтаахпыт. Эһиги күннэтэ дьарыккыт ситимин ыһыктыбакка дьарыктаннаххытына, мэйиигит үлэтэ биллэ кэҥиэ, толкуйдуур дьоҕургут тупсуоҕа, өйгө хатыыргыт элбиэҕэ.

 

Л.В. Тистяхова, А.А. Филиппова,

республиканскай психологическай киин  Тааттатааҕы филиалын клиническэй психологтара.