АЛТЫННЬЫ 20 КҮНЭ
НЕУСТРОЕВА ТАТЬЯНА ЕРЕМЕЕВНА
Төрөөбүтэ 95 сыла
(20.10.1928 – 10.06.2015)
Биһиги ийэбит Неустроева Татьяна Еремеевна 1928 с. алтынньы 20 күнүгэр Таатта улууһун Уолбатыгар төрөөбүтэ. Аҕата Неустроев Еремей Филиппович бухгалтерынан, складка, сельпо председателинэн үлэлээбитэ. Ийэтэ Матаннанова Марфа Макаровна төрдө Дэбдиргэ этэ, дьиэ хаһаайката. 2 оҕону төрөппүтэ, 2 оҕону ииппиттэрэ. Төрөппүттэрэ 2 саастааҕар Уус Тааттаҕа көспүттэрэ. Аҕата пристаҥҥа складка үлэлии сылдьан 1942 с. Армияҕа барбыт. Ийэтэ 2 оҕотунаан Уолбаҕа көһөн кэлбитэ. 1937 сыллаахха Уус Таатта оскуолатыгар 1 кылааска үөрэнэ киирбитэ. Оскуолаҕа үөрэнэр кэмигэр үчүгэй үөрэнээччи буолан тента, тэтэрээт, харандаас уонна көстүүм таҥаһынан бириэмийэ ылбыта. 1939 с. дойдуга кураан сыллар саҕаламмыттара. 4 кылааһы бүтэрбит сайыныгар Аҕа дойду улуу сэриитэ саҕаламмыта. Сут-сутурҕан, сэрии буолан дьон-сэргэ олоҕо улаханнык мөлтөөбүтэ. От бурдук үүмэккэ элбэх ыал сүөһүлэрэ эстибитэ. Аччыктааһын, өлүү-сүтүү саҕаламмыта. Үлэни кыайа эдэр дьон бары сэриигэ барбыттара. Нэһилиэккэ кырдьаҕас дьон, оҕолор, дьахталлар эрэ хаалбыттара. Аччыктааһын, ыарахан колхоз үлэтэ ол кэмнээҕи көлүөнэни барытын оҕо саастарын кытаанах дьылҕалаабыта. Сассыарда 7 ч. киэһээ 10 ч. дылы улахан дьону кытта тэҥҥэ үлэлээбиттэрэ. 1945 с. Кыайыы ыһыаҕар килиэннээх үлэтин иһин “За доблестный труд в ВОВ 1941-1945 гг.” Мэтээлинэн наҕараадаламмыта.
Андросов Прокопий Харлампьевич, Рахлеева Мария Федотовна, Каприна Агафия Михайловна, Андросов Николай Афанасьевич буолан колхоз туруу үлэһиттэрин кытта наҕараадаламмыттара. 7 кылаас кэниттэн Уолбаҕа “Калинин” аатынан колхозка ферма тас үлэһитинэн үлэлээбитэ. От, мас, балбаах тиэйбитэ, фермаҕа сүөһү аһаппыта. Сайын окко, бурдукка үлэлээбитэ.
1947-1950 сс. ЯФАШ-ка үөрэммитэ (Якутская фельдшерско-акушерская школа). Кирилл Михайлович Корнилов, Елена Тимофеевна Хохолова, Мария Георгиевна Кошмелева, Екатерина Михайловна Родионова, Михаил Владимирович Ищенко, Степан Александрович Титов, Лидия Михайловна Большева, Мария Ивановна Дуглас, Раиса Ипатовна Вепрева диэн үтүөкэн дьоҥҥо үөрэммитэ. Ону наһаа үчүгэйдик саныыра, ахтара. Оскуолаҕа үөрэнэ сылдьыаҕыттан сүүрүүнэн, хайыһарынан дьарыктаммыта. 1945 с. оройуоҥҥа Кыайыы ыһыаҕар 400 м. сүүрүүгэ иккис миэстэ буолбута. ЯФАШ-ка кыһаллан дьаныһан үөрэнэн 1950 с. үлэһит буолбута. Баайаҕаҕа участковай балыһаҕа биэлсэринэн анаммыта. Онно 4 сыл үлэлээбитэ. Баайаҕа кырдьаҕас олохтоохторо хойукка дылы үчүгэйдик ахталлара, саныыллара.
1954 с. Чычымахха биэлсэринэн ананан кэлбитэ.
Биэлсэринэн, учасковай балыыһа сэбиэдиссэйинэ, акушерканан, детсадка медсестранан уопсайа 45 сыл устата үтүө суобастаахтык, эппиэтинэстээхтик олус бэрдкэ үлэлээн дьон-сэргэ ытыктабылын, махталын ылбыта. Оччолорго Ынах-Күөлүнэн, Тараҕанынан, Көрдөрүүлээххэ, Учайга, Төрүткэ, Чымнаайыга, Уодайга, Соҕуйга, Түөнэкэйгэ, Нохуга, Мас Аппаҕа, Охотскай Перевозка тиийэ сылдьара. Ыалдьыбыт дьонно тиийэн суһал көмө оҥороро. Оччолорго сыстыганнаах ыарыылар: туберкулез, трахома, листик нэһилиэнньэ ортотугар тарҕаммыт кэмнэрэ этэ. Ону суох онорор туһугар үлэлииллэрэ. Кини үлэтин, түбүгүн туһунан бу строкалар кэпсииллэр.
“Ардах буоллун, хаар буоллун
Тымныы буоллун, куйаас буоллун
Түүн буоллун, күнүс буоллун
Бырааһынньык буоллун, өрөбүл буоллун
Сатыы буоллун, атынан буоллун
Биэлсэр Таня вывозка дьону өрүһүйэ түһэ турара”.
Кэнники олох сайдан учасковай балыыһа аһыллыбыта.
1968 с. 40 сааһыгар ССРС Доруобуйатын харыстабылын туйгуна буолбута. Саха АССР Верховнай Советын Президиумун Почетнай Грамоттатынан 2 төгүл наҕараадаламмыта. Таатта улууһун уонна Амма нэһилиэгин бочуоттаах гражданина буолбута. Тыыл, үлэ ветерана.
1955 с. биһиги баҕабытын Афанасьев Владимир Купряновиһы кытта дьоллорун холбоон ыал буолбуттара. 5 оҕону төрөппуттэр. Аҕабыт өлбүтүн кэннэ ийэбит аҥардас хаалан 5 оҕотун барытын үөрэхтээбитэ. Бары норуот хаһаайыстыбатын араас специалистара буолбуппут. Онон аҕабыт баҕатын, кэриэһин ийэбит толорбута. Өлөөрү сытан оҕолоргун үөрэттэрээр, үөрэҕи ылыах курдуктар диэхтээбит этэ. Билигин сэннэрэ үлэһит буола сылдьаллар. Ким экономист, ким юрист, эмчиттэр, инженердар. Хос сиэннэрдээх. Онон ийэбит оҕолоро салҕанар.
А.В. Стручкова, Т.Е. Неустроева улахан кыыһа
Туһаныллыбыт кинигэ — Таатта — 2023 ытык бэлиэ күннэр, стр 82-84.
Таатта — 2023 : библиографическай справочник / «Таатта улууһа» муниципальнай оройуон, Таатта улууһун библиотекаларын кииннэммит ситимэ, Ытык Күөл киин библиотеката, Таатта улууһун кыраайы үөрэтээччилэр көнүл түмсүүтэ.