“Норуот эмчитэ” саҥа кинигэ тула

Саҥа, сонун кинигэ күн сирин көрөн тахсыыта ааҕааччыны үөрдэрэ баар суол. Уолба нэһилиэгин олохтооҕо, айылҕаттан айдарыллан кыһалҕалаах дьону араҥаччылыыр аналлаах норуот эмчитэ Михаил Фомич Чашкин туһунан кинигэ тахсан олохтоохтору да, ааҕааччылары да олус үөртэ, долгутта. «Норуот эмчитэ» кинигэни улууспут «Таатта» хаһыатын редактора Анна Константиновна Посельская туруулаһан туран дьонтон ахтыы хомуйан таһаартарда.  Кинигэ биһирэмин Михаил Фомич төрөөбүт уонна олохсуйан олорор Уолбатын Игнатий Слепцов аатынан норуот айымньытын Киинигэр олохтоох дьаһалта уонна культура дьиэтин үлэһиттэрин тэрээһининэн ыам ыйын 6 күнүгэр бэрт истиҥник ыытылынна. Биһирэми «Дьэҥкир Алып» айар түмсүү кыттыылаахтара иилээн-саҕалаан ыыттылар.

Ааптар Анна Константиновна «Сэһэн сиэрдээх, олоҥхо оруннаах» диэн бастакы түһүмэх иһинэн кинигэ оҥорорго сананыаҕыттан матырыйаал төһө да өр кэм мунньулуннар, туһааннаах дьонтон кэбэҕэстик хомулунна диэн ааҕааччыларга иһитиннэрдэ. «Кинигэ хомуйаары сананарым туһунан кэпсэтэ, көҥүл ыла Михаил Фомичка кэлэ сылдьыбыппар олус сэҥээрбитэ, биһирээбитэ. Онон көҥүл ылбыт киһи быһыытынан үлэбин эрэллээхтик саҕалаабытынан барбытым. Элбэх да киһи эмтэнэн туһаммыт уонна махтанар эбит. Ол эрээри, сорохтор улаханнык саҥарыахтарын баҕарбакка, харыстанан да ахтыы суруйартан аккаастанар түгэннэрэ баар буолла. Кинигэбит 2016 сыллаахтан олохтоммут «Таатта ытык дьоно» серия иһинэн таҕыста. Аан бастаан ССРС үөрэҕириитин туйгуна Турнин Алексей Егоровичка анаан таһаартарбытым, ол кэннэ иккис кинигэ кыраайы үөрэтээччи, сир түннүгэ киһи Егор Дмитриевич Андросовка анаммыта. Онтон бу үһүс кинигэ Михаил Фомичка ананан таҕыста. Бэйэм киниэхэ элбэхтик эмтэммит, өрүү алтыһар буоламмын олус чугастык ылынан үлэлээтим», – диэн кэпсээтэ ааптар. 2018 сыллаахха Василий Романович Дарбасов – Дабаччыма таһаарбыт «Айыылартан айдарыылаах Куома Чааскын» кинигэтин биһирэмэ Уолбаҕа эмиэ олус үчүгэйдик умнуллубат гына тэриллибитин, онно Дабаччыма сэһэнинэн киинэ уһуллуон сөптөөҕүн туһунан бэртээхэй этии киирбитин санатта уонна хайаан да ити аатырбыт «Лекарь» киинэ курдук киинэ биһиги да Куомабыт туһунан тахсыан сөбүн туһунан эттэ.

«Алаас ааттаах, дойду сурахтаах» түһүмэҕи Уолба нэһилиэгэ талааннаах, биллиилээх дьоһун дьонунан баайын туһунан урукку ааспыт уонна билиҥҥи кэми алтыһыннара тутан түмсүү салайааччыта Зоя Петровна Боппосова сатабыллаахтык салайан ыытта. Нэһилиэк билиҥҥи түмсүүлээх олоҕун, ыытыллар араас тэрээһиннэри сырдатта. Тыл эппит дьон Михаил Фомич туһунан истиҥник аҕыннылар. Нэһилиэкпит баһылыга Александр Афанасьевич Винокуров Анна Константиновнаҕа үйэлээх үтүө дьыаланы оҥорбутугар махтанна уонна кыра эрдэҕинэ улаханнык бааһыран ыалдьыбытыгар ийэтэ Куома оҕонньорго эмтэтэн киһи буолбутун туһунан кэпсээтэ.

«Куома Чааскын курдук уникальнай дьоҕурдаах норуот эмчитигэр, төһө да күн-дьыл ааспытын иһин, кэрэхсэбил, научнай интэриэс өссө күүһүрэн иһиэҕэ. Кини бэйэтин бириэмэтин, билиҥҥи да кэм медицината кыайбат араас ыарахан ыарыыларын эмтээһинэ, аатырбыт Филиппин хилердарын кэриэтэ эпэрээссийэтэ суох сүрэх, тыҥа, быар, оһоҕос ыарыылаахтары, искэҥнээхтэри, түбүркүлүөстээхтэри, уҥуохха харбыттары, о.д.а ыарыһахтары курдаттыы оборон, бохсуруйан, ыалдьар миэстэлэригэр алгыстаах туос эмэгэттэри сыһыаран, хааннаан, түөннээн, илбийэн, о.д.а ньымаларынан эмтээн үтүөрдүүтэ — бу саха норуотун эмчиттэрин, отоһуттарын муҥутуур кыахтарын чаҕылхайдык кэрэһэлиир чахчылар» — диэн Валерий Николаевич Луковцев суруйуутунан «Аһыныгас дууһалаах, үчүгэй санаалаах, үтүө майгылаах буолан, эмэ-томо дьоҥҥо тиийэн эрдэҕэ» түһүмэҕи мин салайан ыыттым. Бу түһүмэххэ Михаил Фомич чугас дьонун, аҕата Куома оҕонньор туһунан сүүрбэ устуука бииртэн биир интэриэһинэй ахтыы  киирбит. Бу санаатахха, оҕо сылдьан эбэм Аана эмээхсини кытта сайыҥҥы куйаас кэмҥэ алаас сирдэргэ эмтээх от хомуйа барар этибит. Эбэм: «Эдэр сылдьан улаханнык ыарытыйарым. Оҕонньорго эмтэммитим, маннык оту биэрбитин оргутан испитим. Онтон ыла сайынын аайы хомуйан эмтэнэбин», — диирин өйдөөн хаалбытым уонна эбэм улаханнык ыарытыйарын да өйдөөбөппүн, кини 83 сааһыгар дылы олорбута. Уолбаҕа кийииттээн кэлэн баран, ол эбэм кэпсиир оҕонньоро Куома эбит дии санаабытым, атын буолуон сатаммат.  Бэйэм Михаил Фомичка эмиэ эмтэнэн туһаммыттаах буолан түһүмэҕи ыытарым олус интэриэһинэй буолбута. Бу түһүмэххэ Куома оҕонньор бастакы кэргэнин кыргыттара Чашкина Варвара Фомична, Чашкина Екатерина Андреевна тустарынан ахтыы хомуйан киллэрбит Сардана Михайловна Баишева сүрдээх интэриэһинэй иһитиннэрии оҥордо.

«Оҕолоруттан, бука, Мишатыттан киһи тугу эмит кэтэһиэн сөп. Мишаҕа эмиэ сааһырыытын саҕана аҕатын талаана киирэрэ буолуо дии саныыбын» – түһүмэҕи ис хоһоонун арыйда библиотекарь Екатерина Юлиевна Рахлеева. Уолба олохтооҕо Николай Иннокентьевич Никонов Мэхээлэни кытта оҕо, оскуола сааһыттан бииргэ алтыһан улааппытын, кэлин совхозка бииргэ үлэлээбитин кэпсээнэ истээччини сэргэхситтэ. Аныгы олох сиэринэн Дьокуускай куораттан куйаар ситиминэн холбонон Валерий Николаевич Луковцев «Кэмниэ кэнэҕэс аҕалаах уол  Чашкиннар ааттарын үйэтитэр кинигэ тахсыбыта наһаа үчүгэй, үөрүүлээх. Куома кырдьаҕас туһунан нууччалыы тылынан кинигэ оҥоһуллуутун инициатора буолабын. Василий Романович Дарбасов – Дабаччыма өлүөн иннинэ «Айылҕаттан айдарыылаах Куома Чааскын» диэн кинигэтин Пономарев диэн киһиэхэ тылбаастаппыта, эрдэ 20 дуу, 40 дуу тыһыынчаны төлөөбүтэ. Онуоха ол тылбааһын эбии харчы көрдөөн дьонугар биэрбэккэ сылдьар. Ол тылбаас кинигэ буолан тахсыытыгар сүбэлэһэн үлэлэһиэххэ, ким эмэылсан дьарыктанара наада», — диэн санаатын эттэ.

«Өтөх төҥүргэстээх, уот кыымнаах» салааҕа Михаил Фомич бииргэ төрөөбүт быраата, биир эмиэ ураты дьоҕурдаах киһи Фома Фомич Чашкин туһунан сырдатыыны Саргылана Петровна Рахлеева оҥордо. Удьуору салгыыр оҕолор, сиэннэр тустарынан сиэн кыыс Альмира Чашкина дакылаата киирбитэ олус кэрэхсэбиллээх, кэнчээри ыччат төрүччүтүн билэригэр наадалаах буолбутун бэлиэтээтэ.

«Үгүс киһи хараҕа — таҥара хараҕа, үгүс киһи санаата — таҥара санаата» түһүмэххэ республика хаһыаттарыгар, сурунаалларыгар тахсыбыт ахтыылар түмүллүүлэринэн ырытыыны оҥордо Варвара Петровна Рахлеева.

Биһирэмҥэ кыттыыны ылан санааларын үллэһиннилэр Тааттатааҕы Иван Аргунов аатынан кииннэммит библиотека сэбиэдиссэйэ Анна Константиновна Билюкина, «Норуот эмчитэ» кинигэ таҥыллан тахсарыгар күүс-көмө буолбут Лидия Михайловна Кузьмина, улуустааҕы дьахтар общественнай түмсүүтүн председателэ Будикина Варвара Ильинична.

Бу күн элбэх киһи суругунан эҕэрдэтин ыытта, ахтыы да оҥордо. Олортон оруобуна бу күн үбүлүөйдээх 85 сааһын туолбут киэн туттар ытык киһибит Татьяна Игнатьевна Андросова маннык эҕэрдэни ыытта: «Таатта ытык дьоно» сиэрийэҕэ «Михаил Фомич Чашкин Норуот эмчитэ» саҥа кинигэ ытык Уолба сиригэр сүрэхтэниитинэн истиҥник эҕэрдэлиибин! Эҕэрдэлиибин үөрэнээччибин, үйэтитии үлэтигэр ылсан үлэлиир Анна Константиновна Посельскаяны!  Айылҕаттан айдарыылаах норуот эмчитигэр Куома Чааскыҥҥа кинигэ оҥоһуутугар кыттыбытым. Элбэх Баайаҕа дьонун эмтээбит эбит. Ол иһин ахтыы ылан, отоһуттарга аналлаах кылаас чааһын ыытан син балачча билбиппит. Куома Чааскыҥҥа махталым үрдүк. Сүрүннээччи Валерий Николаевич Луковцев. 2009 сыллаахха «Куома Чааскын» кинигэ. 2018 с. Дарбасов Василий Романович-Дабаччыма «Айылҕаттан айдарыылаах Куома Чааскын» кинигэтигэр саҥа матырыйаалынан көмөлөспүтүм. Бүгүн биһирэмниир кинигэҕэ кыра да буоллар эмиэ кыттыспыппыттан астынабын. Үтүөкэн эмчит Фома Петрович Чашкин-Куома Чааскын уонна кини идэтин утумнаабыт уола Михаил Фомич Чашкин ааттара үйэлэргэ үйэтийдэҕэ. Михаил Фомич доруобай буоллун, дьиэ кэргэнэ дьоллоохтук олордуннар. Кинигэ биһирэмэ үрдүк таһымнаахтык аастын».

Уус Алдан Тандатыттан Марфа Петровна Андросова – Ноговицына Альбина, Михаил Чашкиннар эдэр саастарын туһунан маннык ахтыыта кэллэ: «Мин 1975 сыллаахха Уолба аҕыс кылаастаах оскуолатыгар пионер баһаатайынан ананан үлэлии тиийбитим. Миигин оскуола директора Анатолий Софронович Гоголев түөрт квартиралаах учууталлар уопсайдарыгар олохтообута. Эдэр учуутал кыргыттар Татьяна Николаевна, Зоя Афанасьевна үөрэ-көтө көрсүбүттэрэ. Онтон аҕыйах хонон баран, биһиэхэ күлбүт- үөрбүт, элбэх кэпсээннээх, Чычымах кыыһа Альбина Канаева диэн саха тылын учуутала кыыс кэлбитэ. Оччолорго суол- иис куһаҕана сүрдээх этэ. Ытык- Күөлтэн сатыы кэлбитэ. Мин наһаа өйдүүбүн, Альбина электрическэй өтүүктээх кэлбитин. Биһиги үөрүү бөҕө буоллубут. Наһаа тапсан, олус үчүгэйдик олорбуппут, үлэлээбиппит. Нэһилиэк олоҕор көхтөөхтүк кыттар этибит. Күнүскү уруок кэнниттэн сынньанан баран оскуолаҕа киэһэтин сарсыҥҥы уруоктарга, үлэбитигэр бэлэмнэнэ тахсарбыт. Онно Альбина кабинет оҥосто куруук тахсара. Оскуолаттан олорор уопсайбыт уулусса уҥуор турара. Альбина киэһэ хойукка дылы үлэлиирэ… Ол сылдьан Михаилын кытта билсибитэ. Оччолорго  Михаил оскуола котельнайыгар кочегардыыр этэ. Эдэр дьон олус бэйэлэрин истиҥник санаһан, ол сыл ыал буолбуттара. Эһиилигэр атын уопсайга көһөн олохторун оҥостубуттара. Биһиги кинилэргэ куруук сылдьарбыт, ааннарын олох саппат буоларбыт… Миисэ биһиги маспытын, мууспутун таһынан сылдьан тиэйэн биэрэрэ. Онон улахан эрэйи көрбөккө олорбуппут. Эдэр ыал бастакы оҕолорун Уолба балыыһатыгар оҕоломмуттара. Биһиги кыра оҕону аан бастаан көрөөрү балыыһаҕа тиийбиппит. Кыра Мишаны элбэхтэ көтөхпүппүт. Кинилэргэ элбэхтик сылдьан, сылаас үүттээх  чэйдэрин элбэхтэ испиппит. Наһаа сайдам сайаҕас ыал этилэрэ. Кэлин Михаил Фомич айылҕаттан бэриллибит дьоҕура сайдан, улахан эмчит буолан, элбэх киһини ыарахан ыарыыттан быыһаата.  Киниэхэ Саха сирин араас муннугуттан кэлэн эмтэнэн, харахтара сырдаан, санаалара чэпчээн бараллар. Ол иһин элбэх дьон махталын ылар үрдүк аналлаах. Таптыыр кэргэнэ Альбина Саввична тэбис — тэҥҥэ сылдьан, көмөлөһөр.  Олус күндүтүк саныыр, эдэр сааһым үтүө доҕотторугар бары үчүгэйи, уһун дьоллоох олоҕу баҕарабын».

Кинигэ, биир тылынан эттэххэ, нэһилиэкпит олохтоохторугар, Михаил Фомич дьиэ кэргэнигэр сыаналаммат күндү кылаат быһыытынан күн сирин көрдө. Олус элбэх истиҥ тыл кэрэтэ, баҕа санаа мааныта этилиннэ. Ол үгүстэн аҕыйах этиини бэлиэтиир наадалаах.

«Айылҕаттан айдарыылаах үтүө киһилээхпит — биһиги дьолбут» — Анна Посельская. «Аҕатын туйаҕын хатаран, бар дьонун абырыыр аналламмыт Михаил Фомиһынан киэн туттабын» — Марианна Николаевна Макарова, Тулагы. «Кини өтө көрөөччү, биһиги аймахха дьолу сахпыт таҥараҕа тэҥнээх,  тугунан да кэмнэммэт үтүөлээх аанньал тэҥэ киһи буолар» — Мария Иванова, Бөтүҥ, Амма. «Михаил Фомич ыарыһаҕы курдары көрөрүн, баалаппатах дьоҥҥо илэ-бодо көмөлөһөрүн итэҕэйэн турабын» — Николай Винокуров — Урсун. «Улуу убайбытыгар биһиги ыал, 3 оҕо кутун бэлэхтэппит дьон, махталбыт муҥура суох!» — Уоһук уола Өндөрөй Ньукулаайап. «Оҕо сааспыттан алтыһан улааппыт ытыктыыр убай Мэхээлэбит бар дьонун доруобуйатын араҥаччылаан, кэнчээри ыччатынан кынаттанан, дьон махталыгар, тапталыгар уйдаран, уһуннук дьоллоохтук олороругар баҕарабын» — Алааппыйа Силэпсиэбэ, Ытык Күөл. «Эһиэхэ, норуот эмчиттэригэр, эһиги сүдү талааҥҥытыгар сүгүрүйэбин!» — Харитина Афанасьевна Горохова. «Уолбалар Миисэ Чааскыннаах буоламмыт,  хайдах эрэ,  дойдум дьоно харысхаллаах, көмүскэллээх курдук» — Светлана Климентьевна Архипова. «Үүммүт үйэҕэ иккистээн эргиллибит Куома кэрэ мөссүөнэ элбэх сүрэххэ уһун үйэлэнэр сырдык сүүрээни киллэрдин, умнуллубаттык иҥнин» — Вера Попова – Аал.

Бу дьоро күн үөрүүтүн үллэстэ Альбина Саввична, Михаил Фомич, Полина Васильевна, Фома Фомич Чашкиннар оҕолоро, сиэннэрэ кэлэн кыттыыны ыллылар. Кинигэ тахсыбытынан Анна Константиновнаҕа, тэрийээччилэргэ махтал тылларын эттилэр, нэһилиэк олохтоохторун кытта минньигэс астаах остуол тэрийэн күндүлээтилэр.

Бар дьоммут туһугар кыһаллар норуоппут эмчитигэр Михаил Фомичка өссө да өр кэмҥэ чэгиэн сылдьан арчылыы, араҥаччылыы тураргар баҕарабыт, кэнчээри ыччаттарыҥ ааккытын ааттатар, дьону үөрдэ сылдьар үтүө дьон буола турдуннар. Кинигэбит ааптарыгар Анна Константиновнаҕа айымньылаах үлэни, сонун бырайыактары, саҥа идеялары, бар дьон махталын, биһирэбилин ыла сылдьарыгар баҕарабыт.

Анна Боппосова.

 

 

 

 

 

 

Читайте дальше