Киһи тыыннааҕын тухары киһилии быһыытын сүтэрбэккэ олоҕун олоруута – кини дьоло
Логопед-дефектолог Надежда Юрьевна Семенова ийэтин Розалия Капитоновна Сидорова ыллыктаах сүбэтинэн оҕо саҥата сайдарыгар бастакы хардыынан оҕону үлэҕэ кыра эрдэҕиттэн сыһыаран иитии сөптөөх олук буолар диэн санаалаах.
- Бастатан туран, бэйэн тускунан сырдатыаҥ дуо?
- Мин Таатта улууһуттан төрүттээхпин, бэйэм кэргэннээхпин, икки оҕолоохпут, билигин Дьокуускай куоракка үлэлии-хамсыы олоробут. Ийэм Розалия Капитоновна үйэтин- сааһын тухары ветеринарияҕа үлэлээбитэ, билигин биһиги улаатаммыт ийэбитин сынньалаҥҥа олордобут. Бииргэ төрөөбүт үһүөбүт, бэйэм ыал кыра оҕото буолабын. Убайым физкультура үөрэҕин бүтэрбитэ, билигин баһаарынай сулууспа үлэһитэ, эдьиийим история уонна обществознание учуутала, билигин Тааттатааҕы лицейга иитэр-үөрэтэр завуһунан ситиһиилээхтик үлэлии сылдьар. Мин бэйэм ХИФУ педагогическай институтун бүтэрбитим, манна «учитель-логопед учитель-дефектолог» диэн икки хайысхалаах үөрэҕи 2014 сыллаахха туйгуннук бүтэрбитим. Онтон ыла идэбин сөбүлээн 89№-дээх«Парус» уһуйааҥҥа логопедынан үлэлиибин. Устудьуоннуу сылдьан идэбинэн үлэ булунан, бэйэбин сайыннарар сыалтан күүскэ туруммутум. Үлэлии сылдьар уһуйааммар түөрт сүүстэн тахса оҕо сылдьар, бу уон сыл үлэлээбитим тухары элбэх оҕону кытары үлэлэһэн, бэйэм эмиэ ону тэҥэ сайдан иһэбин.
- Бэйэҥ тэриммит Кииниҥ туһунан сырдатыаҥ дуо?
- Уһуйааҥҥа аан бастаан төрөппүттэртэн этии киирэр этэ «оҕобун кытары эбии дьарыктаныаҥ дуо?» — диэн. Ол онтон сиэттэрэн эбии дьарык туһунан толкуйдуурум элбээбитэ. Бастаан бэйэм эбии үөрэниэхпин наада диэн үрдүк категориялаах логопед буоларга талаһан, эбии үөрэнэн 2020 сыллаахха үрдүк категориялаах логопед аатын сүкпүтүм. Дьэ онтон төрөппүттэргэ, оҕолорго көмөлөһөргө, үлэлэһэргэ бигэ санааны ылынан туран, сүүрэн-көтөн, 2022 сыллаахха «Логослоник» диэн Кииммитин арыйбыппыт. Биһиги сыантырбытыгар кыра саастаах оҕолортон саҕалаан оскуола оҕолоругар тиийэ дьарыктыыбыт. Саҥа саҥаран эрэр кыра саастаах оҕолору тылларын дьарыктаан, эрчийэн саҥарарга үөрэтэбит, ону таһынан дорҕооннору туруорабыт, дисграфиялаах оҕолору ааҕарга, суруйарга үөрэтэбит. Хас биирдии оҕоҕо бэйэтигэр сөптөөх туһунан бырагыраама оҥоробут. Дефектолог быһыытынан эмиэ араас кыһалҕалаах оҕолору дьарыктыыбыт, билигин гиперактивнай оҕо олус элбэх, таба тайанан олорон үөрэммэт оҕолорго эмиэ туһунан маршрут оҥорон дьарыктыыбыт, үөрэтэбит.
- Кэлин оҕо саҥарбат буолуута олус элбээтэ, бу манна тус бэйэҥ туох санаалааххыный?
- Билиҥҥи кэмҥэ кырдьык саҥарбат оҕо олус элбээтэ, ол иһин араас диагноз эмиэ эбиллэ турар, бу барыта аһыыр аспытыттан саҕалаан экологияҕа тиийэ сыһыаннаах сытыытык турар кыһалҕа буолар. Биллэн турар, төрүөҕүттэн эчэйиилээх оҕо эмиэ баар буолар эрээри оҕо саҥарбат буолуутун биир сүрүн биричиинэтинэн түлүпүөн содула буолла. Билигин , аныгы олох ирдэбилинэн да буолуо, оҕо түлүпүөҥҥэ олорор, ол иһин оҕо иистээччи эрэ курдук буолар, түлүпүөн оҕо саҥатын биллэн турар сайыннарбат. Оҕо бастаан аҕыйах ыйыгар «гаа-гуу» диэн саҥа таһаарар, дьэ онтон улаатан истэҕин аайы төрөппүт оҕотун кытары алтыһар буоллаҕына, бу оҕо сааһынан сайдыыта сөпкө барар. Хомойуох иһин, олус элбэх оҕо бэйэтин эрэ эйгэтигэр сылдьар буолан, ментально тулаайах курдук көстөр турукка киирдэ. Ол сүрүн биричиинэтэ оҕо төрөппүтүн кытары сыһыанын олохтонуута, олоруута мөлтөҕөр. Биллэн турар, аныгы технологияны туһанабыт эрээри, оҕоҕо кыра сааһыгар түлүпүөнү биэрэр наадата суох, ол кэриэтэ тэҥҥэ элбэхтик кэпсэтиэхтээхпит. Маны таһынан мин кэтээн көрүүбүнэн олус элбэх төрөппүт оҕотугар кытаанах аһылыгы биэрбэт, холобура моркуобу, эти, дьаабылаканы барытын хахтаан, илдьиритэн, бытарытан хааһы курдук ньыһыйан баран биэрэллэр, ол иһин оҕобут артикуляционнай аппарата сайдыбат, былчыҥнара үлэлээбэт, ол түмүгэр дорҕоону кыайан таһаарбат буолар. Урут оҕолор таһырдьа тахсан сүүрэн-көтөн, айылҕалыын алтыһан оонньуур эбит буоллахтарына, билигин оҕо биир үксүн дьиэтигэр олорор. Бу оҕоҕо уопсай моторикатыгар эмиэ күүскэ охсор. Ону таһынан билигин араас барыта атыыланар буолан төрөппүт оҕотугар баҕарбытын ылан баран, тугу хайдах туһанарын, үөрэтии чааһын ыыппат. Онон төрөппүттэргэ сүбэлиэм этэ оҕону кытары бириэмэ булан тэбис-тэҥҥэ сүүрэн-көтөн, сөтүөлээн, алтыһан-кэпсэтэн, кинигэ ааҕан, сайынын оҕуруот үлэтигэр оҕону көмөлөһүннэрэн, уу кутуһан, дьиэҕэ оҕону кытары иһит сууйсан, таҥаһын сааһылыырга үөрэтэн, муоста харбыырга үөрэтэн, дьэ оччоҕуна оҕобут, бастатан туран, бэйэтин көрүнэ үөрэнэр, үлэҕэ сыстыгас буолар, иккиһинэн, оҕо моториката үлэлээн толкуйдуур дьоҕура сайдар. Онон оҕо саҥата, толкуйа барыта олох кыраттан ситимнэнэн, кини сайдара оҕуруо курдук тиһиллэн иһэр.
- Төрөппүттэргэ тугу сүбэлиэҥ этэй?
- Түлүпүөн, планшет аныгы төрөппүккэ, этэргэ дылы, муодаҕа кубулуйда, Ким эрэ оҕотугар түлүпүөн, планшет ылбыт буоллаҕына хайаатар да үтүктүһэн, бу кып-кыра оҕоҕо ылан туттаран кэбиһэллэр. Биһиги бэйэбит уолбутугар холобура түлүпүөнү иккис кылааска барарыгар ылбыппыт. Маҥнайгы кылааска бэйэбит таһар буоламмыт түлүпүөнэ суох этэ, онтон дьэ бэйэтэ сатыы сылдьар буолбутугар, ханна барбытын, тиийбитин билэр сыалтан наада диэн ылбыппыт. Оҕо төрөппүтү кытары алтыһар буоллаҕына кини бу тэрилгэ наадыйбат, кыһаллыбат, төрөппүт бэйэтэ ылан биэрдэҕинэ дьэ оҕо түлүпүөҥҥэ үөрэнэн хаалар, ол түмүгэр түлүпүөн оҕо сайдыытын тохтотон кэбиһэр, эрдэ этэн аһарбытым курдук, истэр уонна көрөр эрэ, алтыһыы да наадата суох буолан хаалар, ол оннугар барытын түлүпүөҥҥэ солбуйан кэбиһэр. Логопедка кыһалҕалаах эрэ төрөппүт буолбакка, холобура оҕобут бэйэтин сааһыгар сөпкө сайдан иһэр дуу, суох дуу диэн эмиэ эрдэттэн көрдөрүнүөххэ сөп. Араас кыһалҕа баар буолар, ону эрдэттэн билэн дьарыктыыр ордук. Мин хас биирдии төрөппүтү бэйэм ийэ буоларым быһыытынан өйдүүбүн, өйүүбүн, сүбэ-ама биэрэбин.
- Олус элбэх оҕо нууччалыы саҥарар буолла, манна туох санаалааххыный?
- Билигин дэриэбинэҕэ да буоллун, куоракка да буоллун нууччалыы, сахалыы буккуйа саҥарар төрөппүтү элбэхтэ көрүстүм, ол түмүгэр оҕолоро сахалыы да, нууччалыы да кыайан саҥарбат буолан хаалаллар. Ол иһин оҕону кытары үс сааһыгар диэри төрөөбүт төрүт тылынан кэпсэтиэххэ наада, эбэтэр нууччалыы, эбэтэр сахалыы. Төрөөбүт төрүт тылгын ыраастык саҥарар буоллаххына, атын омук тылын үөрэтэргэ холку буолар дии саныыбын.
- Төрөппүт оҕону кытары дьарыктанарыгар аҕыйах холобуру сүбэлиэҥ дуо?
- Дьиҥинэн туох да кистэлэҥ суох, билигин оҕону кытары дьарыктанарга араас үчүгэй туһалаах кинигэлэр атыыланаллар эбэтэр куйаар ситимигэр туһалаах сүбэлэр бааллар. Оҕону кытары кыра эрдэҕиттэн элбэхтик кэпсэтиҥ, оҕоҕо чугас буолуҥ, тулалыыр эйгэтин кэпсиир буолуҥ, тус бэйэтин көрүнэригэр үөрэтин, бииргэ үлэлээн, элбэхтэ хайҕаан, оонньоон, холобура олох кыра оҕоҕо бэйэбит уруһуйдаан эбэтэр анал ойуулаах карточкалары атыылаһан оҕо сылдьар, тиийэр сиригэр биэс ойууну ыйаан кэбиһэбит. Холобура дьиэ кыылыттан, дьэ уонна аатыттан саҕалаан дьүһүнүн, быһыытын, саҥатын, тугу аһыырын барытын кэпсиибит уонна оҕону саҥардабыт. Кэлин оҕо биллэҕинэ бу ойуубутун уларытан иһэбит. Оччоҕо оҕо бэйэтэ кыра-кыралаан саҥарарга үөрэнэр уонна тылын саппааһа эбиллэр, билиитэ-көрүүтэ кэҥиир. Кэлин оҕо бу кыылларын интириэһэ үксээн уруһуйдуур буолуо. Оҕону фломастерынан уруһуйдуурга үөрэтимэҥ, оҕону бастаан харандааһы сөпкө туттарга үөрэтиэхтээхпит, олус элбэх оҕо харандааһы кыайан туппат буолар. Харандааһы тутарга араас анал насадкалар атыыланаллар, бу насадканан оҕо харандааһы сөпкө туттарга үөрэнэр. Онтон бу түгэҥҥэ оҕо олох ылыммат, саҥарбат буоллаҕына специалиһы кытары үлэлэһиэххэ наада.
Бу курдук биир дойдулаахпыт Надежда Юрьевна эдэр эрчимнээх, инники күөҥҥэ сылдьара, мэһэйдэри мэлитэн, үтүөнү түстээн үөрэххэ, билиигэ-көрүүгэ тардыһыылаах буолара оскуола эрдэхтэн биллэрэ диэн учуутала Татьяна Васильевна Никифорова суруйар. «Надя Дьокуускай куоракка таһаарыылаахтык, айымньыылаахтык үлэлии-хамсыы, айа-тута сылдьарыттан биһиги, учууталлара, үөрэбит, астынабыт. Надя оскуола биир бастыҥ үөрэнээччитэ, актыбыыската этэ. Үөрэххэ олус дьулуурдаах, общественнай үлэҕэ көхтөөх үөрэнээччибит, кылаас старостатынан үлэлээн, бииргэ үөрэнэр оҕолоругар холобур буолара. Куруук үөрэ-көтө сылдьара, эйэҕэс, сайаҕас майгылаах буолан кылаас туллар тутааҕа, эргийэр киинэ буолбута. Оскуола иһинэн ыытыллар бары тэрээһиннэргэ көхтөөхтүк кыттан оҕолору көҕүлүүрэ. Ол да иһин буолуо, кылааспыт олус эйэлээх буолан, бастыҥ кылаас аатын сүкпүтэ».
Үлэһит киһи аатынан киэркэйэр, ол курдук Надежда Семенова олох кыра сааһыттан үлэҕэ тардыһан, үтүөнү үксэтэ, бэйэтин идэтигэр бэриниил+ээхтик, бэйэтэ ийэ буолан, оҕону, төрөппүтү кытары биир тыл булан, биир ситимҥэ үлэлэһэр. Надежда Юрьевна — логопед, дефектолог, психолог, иитээччи буолан туран, бу эйгэни барытын хабан, үлэлии хамсыы сылдьарыттан биир дойдулаахтара киэҥ туттабыт.