Арассыыйа суруйааччыларын, Арассыыйа суруналыыстарын уонна Саха сирин суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин бэчээккэ туйгуна, Таатта улууһун бочуоттаах олохтооҕо.
Ольга Николаевна Корякина – Умсуура 1959 с. балаҕан ыйын 23 күнүгэр Таатта оройуонугар Уус Тааттаҕа төрөөбүтэ. Ытык Күөл орто оскуолатын бүтэрбитэ. 1976 с. СГУ ИФФ саха салаатыгар киирэн баран, үһүс куурустан салгыы А.М. Горькай аатынан Ураллааҕы университекка үөрэнэн, 1983 с. суруналыыс идэтин ылбыта, оҕо эрдэҕинээҕи ыра санаатын толорон Арктикатааҕы култуура уонна искусство институтун ойуулуур-дьүһүннүүр искусствоҕа факультетын 2007 с. бүтэрэн худуоһунньук-живописец идэтин баһылаабыта. Үлэтин Бүлүү куоракка «Октябрь суола» хаһыат корреспонденынан саҕалаабыта. Кэлин дойдутугар Тааттаҕа оройуон хаһыатын сүрүн эрэдээктэринэн, киин библиотека ааҕар саалатыгар, олохтоох телестудияҕа, «Чуораанчык», «Колокольчик» сүрүн редакторынан, «Далбар Хотун» сурунаал отделын редакторынан үлэлээбитэ.
Хоһоонноро аан бастаан 1973 с. «Бэлэм буол» хаһыакка бэчээттэммиттэрэ. СГУ-гар үөрэнэр сылларыгар Е.П. Шестаков – Эрчимэн салайар «Сэргэлээх уоттара» литературнай куруһуоктан куорсун анньынан, Умсуура суруйар, айар суолга үктэммитэ. Кини ураты суоллаах-иистээх биллэр поэтесса быһыытынан 1989 сылтан биллибитэ.
Бастакы кинигэтэ – «Кэп туонуу» 1991 с. бэчээттэнэн тахсыбыта, ол кэнниттэн хас да хоһооннорун хомуурунньуктара күн сирин көрбүттэрэ. Ольга Николаевна айымньыларыгар саха уолун-кыыһын дьылҕата, норуот кэскилэ, дьоло-соргута сүрүн болҕомтону ылар. Кырачаан ааҕааччыларга «Тыллаах-өстөөх чобуо уол Чуораанчык», «Чуораанчык Уу дойдутугар» остуоруйалары суруйан, оҕолору дьикти алыптаах эйгэҕэ киллэрбитэ.
2013 с. «Соргу: дьолу, тапталы, ама буолууну, баайы-дуолу тардар дьикти ньымалар» кинигэни ааҕааччыларыгар бэлэхтээбитэ. Умсуура бу суруйуута киһи орто дойдуга кэлбит соругун чопчулууругар, олоҕо тахсыылаах буоларыгар, бэйэтин булунарыгар, ыра санаатын ситиһэригэр туһуламмыт. Күннээҕи олохпут көстүүлэригэр сытыы ис хоһоонноох ыстатыйалара дьон сэҥээриитин ылбыттара, араас дьону кытта кэпсэтиилэрэ өрөспүүбүлүкэ хаһыаттарыгар бэчээттэнэллэр. Кини хас эмэ сыл устата тибет (төбөт) тылын үөрэтээри Индияҕа олоро сылдьыбыта. Ол сырыытын туһунан ыстатыйалар «Далбар Хотун» сурунаалга, өрөспүүбүлүкэ хаһыаттарыгар бэчээттэнэн дьон сэҥээриитин ылбыта. 2024 с. ХИФУ магистратуратын филология отделениетын тылбаас салаатын кыһыл дипломунан бүтэрбитэ.Умсуура «Саха сирин учууталын портрета» өрөспүүбүлүкэтээҕи суруналыыстар күрэхтэрин дипломана – «Бастыҥ фотоочерк» номинация кыайыылааҕа, Ольга Николаевна аата «Россия суруналыыстара XX-XXI» (2013) энциклопедияҕа киирбитэ.
Ытык Күөл киин библиотеката.