ДьДьДь — ол аата?
Дьэ-Дьэ-Дьэ! Дьикти, Дьиибэ, Дьээбэ! Өйү-санааны түмэргэ, толкуйдаан имиллэҥнэтэргэ бэрт көдьүүстээх өссө биир оонньотор-сайыннарар биктэриинэ тахсыбыт!
Былырыын «ККК» диэн били кыһыл тастаах, харахха наһаа быраҕыллар хоруопкалаах ыйытынньыктары «Айа да, бу эмиэ туохпутуй?» диэбит буоллахпытына, ситэри аҕыйах ый буолбакка, онтубут түгэҕин эрэ көрөн хаалбыппыт. Быһааскыттан маҕаһыыҥҥа киирбиттэр ону сураһар буолбуттарын истэбин да, бүппүтү аны кэлэн хантан ылыаҥый? Хата ону билбит курдук, дьэ аны «ДьДьДь» диэн дьоһун саҥа биктэриинэ кэлбит эбит.
—Эмиэ дуо? Биһиэхэ «ККК» диэн баар, ол да сөп ини, — диэн ыалым Маарыйа маҕаһыынтан кэлбиппэр киһиргээбит курдук кэпсэммитэ.
Мин, хата ити «ДьДьДь» быйылгы сонун уратытын бэҕэһээ оҕолорбуттан билбит оҕонньор оргууй аҕай биктэриинэбин таһааран көрдөрдүм.
—Ээ, бу-бу, сол курдук, «ККК»-быт эмиэ үкчү итинник ээ, — Маарыйа билээҕимсийэр.
—Бэйи эрэ, Маарыйа Харытыанабына, үкчүтэ суох, иһит. Эн дьиэҕэр олорон билбитиҥ кыра… Маҕаһыыны көрүөххүн? Мантыҥ былырыыҥҥыга бэркэ диэн маарынныыр диэмээри олоробун, — диэн кыһыттым, тылга тиистим.
Саатар эмээхсин иннин биэрбэтэ миэхэ, эр киһиэхэ ордук кыһыылаах. Ол иһин хаартачыкаларбын таһааран аҕыйах ыйытыынан ыалым барахсан билиитин тиэрэ эргиттим, биири да билбэтиттэн, киһи эрэ буоллар, Маарыйа арычча намыраата.
Биидийэ-ыйытык бэрт!
Онтон эбиитин «эриэккэс сирин кымаахтаа» диэбит курдук, аны дьэ били «ДьДьДь» биидийэ-ыйытыктарыттан биири ылан ыйытааччы буол. Төлөпүөммүн таһааран, үкчү били «Туох? Ханна? Хаһан?» биэриигэ курдук, хара дьааһык кистэлэҥ ыйытыытын көрдүбүт!
Дьэ, доҕор, хаартачыкаттан илэ киһи тахсан, Хоттабыч оҕонньор аптаах көстүүтүн санатар, киһи мэйиитин силиитигэр тиийэ кутугунатар ыйытыктаах буолан, ылахтаһыы кытаанаҕа. Итиниэхэ дьиэҕэ баар дьон бары куолу-ыйаах бөҕө буоллубут. Ол иһин, ыксаан, кэлин кумааҕыланаммыт, ким туох харданы биэрбитин барытын бэлиэтэннибит.
Дьэ диэ, ыйытык сөптөөх хардатын билиэн баҕалаах хара маҥнайгыттан баһаам. Хаартачыкабытын тиэрэ баттаан, эргитэ тутаат, кэнниттэн эппиэтин иһиттибит! Дьэ дьикти, таайбатыбыт. Хара маантыйалаах билиини соҥуур киһи эппитин итэҕэйбэккэ, салгыы мөккүһүөх да этибит эрээри, били ыйытааччыбыт көрөн турдахха дьааһыгыттан дьиҥ эппиэтин ойутан таһааран барыбытын тыла суох ыытта!
Дьэ, махтал барҕатын «Айардарга» ыытабын! Киһи үлүһүйэн туран оонньуур биктэриинэтэ буолбут! Урукку «ККК» сорудахтардаах буоллаҕына, быйылгы «ДьДьДь» дьааһыктаах, илэ ыйытыылаах буолбута туох да эриэккэс!
Эмиэ 500 ыйытык, туох да алыс кэрэхсэбиллээх, киһи «һык» гынар тоххоолоһуута. Олус бэрт. Ситигирдик, ааҕааччы наар кэпсээни-арамааны эрэ ахсардын диэн буолбакка, таарыччы арааһы барытын анаардын диэн анаан бу «Айардар» бэркэ да толкуйдаабыттар! Онон, доҕоттор-атастар, субу хаар түһүөр диэри эгэлгэ бэлиэ кэм чугаһаан иһэр, Учуутал-Уһуйаан күнэ, Сааһырбыттар күннэрэ, Муусука күнэ, Тыа хаһаайыстыбатын күнэ, Ийэ күнэ… Биир-биир киһи киһини иэйэ эҕэрдэлиир сабыытыйата сыллата тиийэн кэлэ турар. Онон саҥа дьиэҕэ киирбит малааһыннаахтарга, үбүлүөйдээх үгүс дьоҥҥо, төрөөбүт күннээх оҕолорго, биир тылынан олус туһалаах уонна киһи сэргэхсийэр бэлэҕэ бу, сабыс-саҥа атыыга тахсыбыт «ДьДьДь» буолуон сөп эбит дии санаатым.
Учуутал киһи буоллаҕым. Бу уонна сахалыы ааҕыыны сөргүтэн, кинигэнэн хааччыйан, таарыччы төрүт тылбыт тыын кыһалҕатын быһаарсарга сахалыы «Дь» дорҕоону үйэтитиэх да кэриҥнээх биктэриинэ буолбутуттан дуоһуйдум, үөрдүм.
Оттон ыалым Маарыйа, кэм да өй хаата буоллаҕа:
— Хата наһаа үчүгэй оонньуу эбит. Ким да буоллун, оҕоҕо-оҕонньорго бэртээхэй бэлэх эбит, отой ылабын! Долбуурбар иккиэннэрин кэккэлэһиннэри уурар эбиппин, — диэн үөртэ ээ!
Элбэх ыччаттаах Маарыйа чахчыта таба тайанна, кырдьык ээ, бу мантыҥ долбуурга да турарынан, ылбычча сүппэт, ыһыллыбат оҥоһуутунан туохха да бэриллибэт! Оттон ис өттө—баай билии!
Онон, доҕоттор, дьикти киэһэни бэйэҕит тэриниҥ: Дьээбэлэһиҥ, Дьарыктаныҥ, Дьиэрэҥкэйдээҥ даҕаны!
Анисим Неустроев