Сааскы баһаар үксэ дьон буруйуттан тахсар

Халлааммыт оргууй сылыйан, сирбит харааран эрэр. Ону тэҥэ баһаар турар кутталлаах кэмэ чугаһаата. Ол туһуттан Тааттатааҕы лесничество улуус олохтоохторуттан ойуурга, толооҥҥо сылдьан уоту сэрэхтээхтик туттарга ыҥырар.
Ааспыт сылга улууспутугар 4 ойуур баһаара туран 14,8 га иэннээх ойуур уокка былдьаммыта. Ойуур хаһаайыстыбатыгар 2 тыһ. солк. сууммалаах хоромньу тахсыбыта.
Сааскы баһаардар үксэ дьон буруйуттан тахсар, ордук лаҥханы хонтуруола суох уматыыттан. Оттонор ходуһаларга, мэччирэҥнэргэ көҥүлэ, көрүүтэ-истиитэ суох өртөөһүннэр кутаа уоту оттуу ойуурга кутталынан суоһуур.
2020 сыллааҕы Арассыыйа бырабыыталыстыбатын уурааҕынан бигэргэтиллибит РФ Бааһаары утары эрэсиим 185-с пуунугар ыйыллыбытынан кур оту уоттааһын, өртөөһүн, толооҥҥо кутаа уоту оттор бобуулаах.
Өртөөһүн иһин административнай эппиэт эрэ буолбакка, 500 тыһ. солк. диэри ыстараап, холуобунай эппиэтинэскэ тардыллыахха сөп.
Сир Ийэ барахсан салгыны ыраастыыр, Орто дойду киэргэлинэн буолар айыл5абытын, аһатар-таҥыннарар, дьиэ-уот туттарбытыгар хааччыйар ойуурбутун харыстааһын хас биирдии киһи Ытык иэһэ.

Н.К. Луковцева,
Тааттатааҕы лесничетво инженерэ.

Читайте дальше