Саха кыыһа Казахстан киинэтин Советскай Союз үрдүнэн аатырдыбыта

1955 сыллаахха Алма Атаҕа «Казахфильм» киинэ студиятыгар  саҥа уҺуллубут  «Девушка джигит» диэн  художественнай киинэ Советскай Союз үрдүнэн киэҥ прокакка тахсыбыта.  Киинэ премьерэтэ ити сыл бэс ыйын 27  күнүгэр Москваҕа буолбута.  

Музыкальнай комедия жанрыгар уҺуллубут художественнай киинэни, дойду киинэ   көрөөччүлэрэ олус биһирээн көрсүбүттэрэ. Кылгас кэм устата киинэни 27  мөлүйүөнтэн тахса киһи көрбүтэ. Онон киинэ Союз үрдүнэн киэҥ  прокакка тахсыбыт  киинэлэр ортолоругар  бастыҥнар ахсааннарыгар эрэллээхтик киирбитэ.

Музыкальнай  киинэ сүрүн геройа Галия Эрденова уобараһын саха кыыһа Лидия Леонтьевна Ашрапова (Неустроева) чаҕылхайдык оонньоон, оруолун көрөөччүлэргэ итэҕэтиилээхтик тиэрдэн, норуот биһирэбилин ылбыта. Кини 1935 сыллаахха атырдьах ыйын 28 күнүгэр Саха АССР Амма сэлиэнньэтигэр  сулууспалаах  кэргэнигэр төрөөбүтэ. Аҕата Леонтий Николаевич Неустроев (1905-1995 сс.) диэн Таатта оройуонуттан төрүттээҕэ.

Оҕо эрдэҕиттэн сытыы-хотуу кыыс үҥкүүһүт, артыыс буолар баҕата баһыйан  Узбекистаҥҥа Ташкеннааҕы хореографическай училищеҕеҕэ үөрэммитэ. Үөрэҕин 1952 сыллаахха бүтэрэн баран, икки сыл Ташкент куоракка олохтоох филармонияҕа солиһынан үлэлээбитэ. Онтон Казахскай ССР ырыатын уонна үҥкүүтүн ансаамбылыгар  көҺөн, Алма-Атаҕа үлэлии кэлэр. Ити  кэмҥэ кини айар үлэтигэр Лола Абдукаримова диэн аатынан биллэрэ. Манна сырыттаҕына, “Девушка джигит” киинэни устаары олох бэлэмнэнэ  сылдьар режиссер Павел Боголюбов көмөлөһөөччүлэрэ (ассистеннара) Лидия Неустроеваны бэлиэтии көрөннөр, киинэҕэ уһуллуохтаах оруолугар боруобаҕа   ыҥырбыттара. Артыыс талааннаах кыыс бары тургутуулары эрэллээхтик ааһан, тута киинэ кылаабынай оруолугар бигэргэтиллибитэ. Художественнай киинэ уһуллубутун кэннэ, бу идейнэй-художественнай өттүнэн үрдүк таҺымнаах киинэ буолар диэн сыанабылы ылбыта. Онон саха кыыҺа Лидия Неустроева Казахстан киинэтин Советскай Союз үрдүнэн улаханнык аатырдыбыта.

Лидия Неустроева  киинэҕэ аан маҥнай уһуллан оонньообута, дебюта олус  табыллан, аны айар олоҕун киинэ искусствотын кытта арахсыспаттыы холбообута. Олоҕун устата барыта сүүрбэччэ художественнай киинэлэргэ улахан да, кыра да оруолларга оонньообута. Ол курдук кини  «Мать и сын» (1955 с.), «Мы здесь живем» (1956 с.),  «Наш милый доктор» (1957 с.), «Ангел в тюбетейке» (1968 с.), «Конец атамана» (1970 с.) «На перевале» (1986 с.) уонна да атыттарга уһуллубута. Онон Саха артыыстарыттан художественнай киинэлэргэ саамай элбэхтик уҺуллубут киһинэн Л.Л.  Неустроева буолар.

Лидия Ашрапова киинэҕэ элбэхтик уһуллубут, үгүс уобарастары айбыт баай уопуттаах артыыс буолар. Лидия Леонтьевна кэргэнэ Асхат Тазетдинович Ашрапов (1931-2008 сс.) диэн Башкирияттан төрүттээх киинэ режиссера уонна оператора этэ. Кэргэнниилэр кыыстаах уол оҕоломмуттара. Асхат Ашрапов «Казахфильма» элбэх художественнай да, документальнай да киинэлэри устубута. Аҥаардас художественнай киинэтин ахсаана 17, онтон документальнайа — 15. Үлэтигэр  элбэх ситиһиилэрин иһин Советскай правительство Асхат Ашраповы Кыһыл Знамя орденынан наҕараадалаабыта, онтон Союзнай республика үрдүкү уоргана киниэхэ Казахскай ССР искусствотын үтүөлээх деятелэ ааты иҥэрбитэ.  Дойдутугар Башкирияҕа  тиийэн, «Башкортостан» диэн киинэ студиятын тэрийсибитэ.

1990 сыллаахха кэргэнниилэр Москва анныгар көһөн кэлбиттэрэ, онтон 1991 сыллаахха А.Т. Ашрапов ыараханнык ыалдьыбытыгар, иккиэн Крымҥа тиийэн, 17 сыл устата   олорбуттара. Ол тухары Лидия Леонтьевна кэргэнин көрөн-истэн, ыарыылаан, тиһэх суолугар атаарбыта. Уолугар Алма-Атаҕа тиийэр баҕалааҕа. Хомойуох иһин, 2023 сыллаахха муус устар 21 күнүгэр Л.Л. Ашрапова-Неустроева (1935-2023 сс.) ыарахан ыарыы кэнниттэн   күн сириттэн күрэммитэ.

Виталий Слепцов.

 

Читайте дальше