Олунньу 27 күнүгэр Ытык Чөркөөххө «Сахам тыла барахсан» улуустааҕы күрэскэ барыта 20 оҕо кытынна. Даайа Амма, Тыараһа, ЫКОО-1,Таатта лицейэ уонна Чөркөөх оскуолаларын оҕолоро биэс түһүмэххэ холоннулар.
Бастакытынан, суруналыыс Прасковья интервью ылла. Нуучча суруйааччыларын айымньыларыттан бэриллибит тиэкистэри сахалыы тылбаастаатылар. «Б» буукубаттан тахсар аат тыллары суруйдулар. Сөбүлээн көрбүт ойуулуктар ис хоһооннорун кэпсээтилэр. «Русский ниндзя» тэлэбиисэринэн биэриини комментарийдаатылар. Кыттааччылар сыыс тылы кыбытыа суохтаахтар. Уу сахалыы саҥарар оҕолор аҕыйахтар.
Маннык сэргэх куонкуруһу иилээн-саҕалаан, толкуйдаан ыыппыт Прасковья Филимоновнаҕа махтанабыт. Улуустааҕы «Сахам тыла барахсан» тэрээһиҥҥэ 1 миэстэ Сахаяна Кузьмина 3 тыһыынча (лицей), 2 миэстэ Эмилия Охотина 2 тыһыынча(лицей), 3 миэстэ Рада Харитонова (Чөркөөх).Хайҕал суруктарынан Сандаара Оконешникова (лицей), Никита Григорьев, Күннэй Прохоров (Даайа Амма), Селена Большакова, Сергей Плотников (ЫКОО-1), Тимофей Большаков, Аэлита Афанасьева (Чөркөөх) 1 тыһыынчанан наҕараадаланнылар. Онон лицейдэр күннээтилэр.
Сандаара