«Саханефтегазсбыт» бэнсиин сыанатын кыалларынан кыратык үрдэттэ

2023 сыл алтынньы 11 күнүттэн саҕалаан, «Саханефтегазсбыт» Аахсыйалаахтар уопсастыбалара ньиэп бородууктатын бары көрүҥнэрин кууһунан уонна биирдиилээн атыыга сыанатын муҥутуур кыра – о.э. 10 %-нынан – үрдэттэ.

Бу туһунан тустаах тэрилтэ генеральнай дириэктэрин экэниэмикэҕэ уонна үпкэ солбуйааччыта Артем Ничипоренко иһитиннэрэр.

2023 сылга уу суолунан ньиэп бородууктатын тиэрдиигэ анаан атыылаһыы барыллаан түмүктэрэ таһаарылынна. Ол, биллэн турар, сыана үрдүүрүгэр дьайыылаах буолла. «Биһиги Хотугу таһаҕаһы тиэйии бэрт кылгас кэм ыытылларын быһыытынан, олох эрдэттэн, ньиэп бородууктатыгар сыана  дойду үрдүнэн өссө бэрээдэктэнэ илигинэ – Санкт-Петербургтааҕы норуоттар икки ардыларынааҕы табаар-сырье биржатыгар улахан кууһунан атыыланар сыана баһырхайдык үүнэ-үрдүү турар кэмигэр  атыыласпыппыт”, — диэн кини быһааран биэрдэ. Артем Ничипоренко бэлиэтээбитинэн, билиҥҥи туругунан, «Саханефтегазсбыт» судаарыстыба бүддьүөтүттэн субсидияламмат, ночооту сабынар атын хайысхалара суох.

«Биһиги тэрилтэбит бигэ туругун мөлтөтөн, тохтоло суох үрдээбит сыананы тутар кыахпыт суох, килийиэннэрбит иннигэр эбэһээтилистибэбитин умнар табыллыбат. «Саханефтегазсбыт» өрөспүүбүлүкэҕэ ньиэп бородууктатын аҕалыыны мэктиэлиир суос-соҕотох тэрилтэ буолар. Үлэбит туруга төһө бигэ, тирэхтээх буоларыттан бүттүүн нэһилиэнньэ олоҕо-дьаһаҕа, чуолаан Арктика оройуоннарын олохтоохторун киэнэ, быһаччы тутулуктаах», — диэн, эбэн эттэ. Артем Ничипоренко бастайааннай килийиэннэригэр чуо «Саханефтегазсбыт» уматыгын талан кутталарын иһин махтанна уонна төһө да кыһалҕаттан сыананы үрдэтэргэ күһэллибиттэрин иһин, килийиэннэрин хаачыстыбалаах уматыгынан салгыы хааччыйыахпыт уонна оҥорор өҥөлөрбүтүн тупсарыахпыт диэн эрэннэрдэ .

«Саханефтегазсбыт» АУо пресс-сэкиритээрэ Яна Байгожаева.